Үөһээ бүлүүлэр Сардаана Трофимованы үрдүк ситиһиитинэн эҕэрдэлээтилэр

Share

Парижка ыытыллыбыт Олимпиада кыттыылааҕын, Арассыыйа  5 төгүллээх чемпионкатын, Москва марафонун 3 төгүллээх чемпионкатын, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Тамалакаан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕун Сардаана Трофимованы төрөөбүт дойдутугар — Үөһээ Бүлүүгэ чиэстээтилэр. 

Сардаананы илэ харахтарынан, уот кулгаахтарынан көрө-истэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьоно-сэргэтэ оҕо ускуустубатын  оскуолатын саалатыгар толору муһуннулар. Сардаана Александровнаны үрдүк ситиһиитинэн «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуона, ону сэргэ улуус нэһилиэктэрин баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара эҕэрдэлээтилэр.

Сардана Александровна түмүккэ биир дойдулаахтарыгар өйөбүллэрин иһин махтанна. Чуолаан улуус оҕолоругар, саҥа саҕалаан эрэр спортсменнарга хаһан да баҕа санааҕытыттан киэр хайыспакка иннин диэки бара туруҥ, Үөһээ Бүлүү улууһун түмсүүлээх өйөбүлүнэн элбэҕи ситиһиэххит диэн сүбэ-ама тылын эттэ.

Үөһээ Бүлүү улууһун эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин аар саарга аатырдыбыт, аан дойдуга ааттаппыт улуу чемпионкабытын, спортсменкабытын үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит уонна махтанабыт. Тус олоххор дьолу-соргуну, чэгиэн доруобуйаны, үрдүктэн үрдүк чыпчааллары баҕарабыт, — диэн  улуус баһылыга Валерий Николаев телеграмҥа ханаалыгар суруйда.

T.me/ValeriNikolaev
T.me/ValeriNikolaev
What’s your Reaction?
+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
4

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

“Кыталыктаах кырдалым” киинэ  ХХХ Минскэйдээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээл икки наҕараадатын тутта

Ил Дархан Айсен Николаев киинэни уһулбут хамаанданы наҕараадаларынан эҕэрдэлээтэ уонна инники өттүгэр ситиһиилэри баҕарда. [gallery…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сүтүк тахсара тохтообот

Күн-дьыл туругун көрдөххө, быйыл кыһыммыт арыый хойутаан кэлэн иһэр курдук.  Онон сорох тыа сирин дьоно…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха цииркэтэ 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Сэтинньи 9 күнүгэр Саха судаарыстыбаннай цииркэтэ тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтэ.   Дьоро киэһэҕэ киэҥ уораҕайы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Бэйэҕитигэр болҕомтолоох буолуҥ

Бэйэҕэ болҕомтолоох буоллахха киһи ханнык уоргана эмсэҕэлээбитин билиэххэ сөп. Холобур: -- баттах тоһутталанар -- итии…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннааҕый?

Маны билэҕит дуо? Скорпион сылы быһа уу испэккэ сылдьыан сөп. Маны тэҥэ кинини хас да…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Туһалыыр дуу, тууйар дуу “Натааһалар”

Массыынабын “Натааһа” суорҕан-гарааһынан бүрүйэн, турбатыгар сылаанга  кэтэрдэн хонноро хаалларбытым. Арай сарсыарда оҕобун оскуолаҕа илдьээри эрдэ…

8 часов ago