Бу сылга РСФСР уонна САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот тыйаатырын дириэктэринэн үлэлээбит Иван Спиридонович Семенов аатын сүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатыра икки хонук устата 60 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Бу туһунан «Үөһээ Бүлүү» хаһыат иһитиннэрэр.
Тохсунньу 16 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатыра 60 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиннэрэ саҕаламыттара. Сарсыардаттан Олоҥхо дьиэтин фойетыгар Иван Семенов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаммыт олорон ааспыт кэрэхсэбиллээх олоҕун, айымньылаах үлэтин көрдөрөр уонна норуот тыйаатыра 60 сыл устата айан-тутан кэлбит умсулҕаннаах үлэтин сырдатар баай ис хоһоонноох быыстапка ытык-мааны ыалдьыттар болҕомтолоругар туруорулунна. Күнүс 2 чаастан улуус култуурата чэчирии сайдарыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрсибит, бар дьон махталын, тапталын ылыахтарын ылбыт сыана бэтэрээннэрин чиэстээтилэр. Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев тыйаатыр айар үлэтин туһунан иһирэхтик ахтан туран, улуус салалтатын аатыттан наҕараадалары туттарда. «Норуот тыйаатырын бочуоттаах бэтэрээнэ» түөскэ кэтиллэр бэлиэни үйэлээх саастарыгар сыанаҕа да, киинэҕэ да оонньоон норуот уйаҕас тапталын, билиниитин ылыахтарын ылбыт киэн туттар артыыстарга, харах далыгар көстүбэккэ эрэ тыйаатыр айымньылаах үлэтигэр күүс-көмө буолбут, ситиһиигэ сирдээбит үлэһиттэргэ туттарылынна: Татьяна Борисоваҕа, Тамара Егороваҕа, Пантелеймон Борисовка, Лидия Афанасьеваҕа, Валентина Степановаҕа, Пантелеймон Егоровка, Нина Васильеваҕа, Валентина Семеноваҕа, Трофим Мироновка, Анна Иванова-Дмитриеваҕа, Светлана Алексееваҕа, Анатолий Васильевка, Васма Ивановаҕа, Майя Саввинаҕа, Григорий Павловка. Ол кэннэ «Кэрэ эйгэҕэ угуйуллан» диэн тэрилтэлэр икки ардыларыгар биллэриллибит инсценировка күрэҕэ ыытылынна.
«Бастыҥ режиссуралаах» туруоруу номинация хаһаайыннарынан Матрена Осипова (тиэхиньикум), Туйаара Прокопьева («Үрүйэчээн» оҕо сайдар киинэ), «Бастыҥ оҕо оруола» — Любомир Иванов (Чооруона), «Бастыҥ дьахтар оруола» — Боотулууттан Антонина Николаева (Балбаа), «Бастыҥ эр киһи оруола» — техникумтан Савелий Петров (Мэнигийээн) ааттаннылар. «Театр эйгэтигэр саҥа аат» номинация хаһаайынынан Харбалаах тыйаатырын кэлэктиибэ буолла. Сүрүн түмүккэ 3 үрдэли «Үрүйэчээн» оҕо сайдар киинэ (10 тыһ. солк), 2 үрдэли Боотулууттан «Радуга» оҕо уһуйаана уонна сынньалаҥ киин кэлэктииптэрэ (11 тыһ. солк), 1 үрдэли бибилэтиэкэ кэлэктиибэ (20 тыһ. солк) ыллылар. Онтон Иван Семенов оҕолоро, аймахтара туруорбут бириистэрин — 60 тыһыынча солкуобайы уу харчынан Иван Семенов уола Платон Семенов Гран-при үрдүк аатын сүкпүт Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум кэликтиибигэр туттарылынна.
Тохсунньу 17 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо дьиэтигэр үбүлүөйү көрсө «Кэрэ эйгэҕэ уһуйуллан» кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Иван Семенов — Кулууп Уйбаан тыыннааҕына видеоҕа уһуллубут интервьютун уонна тус олоҕун, айар үлэтин кэпсиир документальнай киинэни көрдөрдүлэр. «Кэрэ эйгэҕэ угуйуллан» кинигэ 231 страницалаах «Дани Алмас» хампаанньа типографиятыгар бэчээттэнэн таҕыста. Иван Семенов аатынан норуот тыйаатырын режиссера Сайыына Васильева бу кинигэ күн сирин көрөр үбүн уйунарга күн-күбэй ийэтэ Валентина Даниловна Васильева, эрэллээх, бэриниилээх кэллиэгэтэ Алена Константиновна Босикова көмөлөспүттэрин, ураты долгуйан, махтанан туран кэпсээтэ. Кинигэҕэ тыйаатыр артыыстарын араас кэмнээх ахтыылара, хаһыакка тахсыбыт ыстатыйалар, хаартыскалар уонна Ольга Федорова аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин үлэһиттэрэ бэлэмнээбит норуот тыйаатырын туһунан кинигэлэр, хаһыакка ыстатыйалар түмүллүбүт биобиблиографическай ыйынньыктара түмүллэн киирбиттэр. Кинигэни Сайыына Константиновна Васильева уонна Евдокия Павловна Семенова хомуйан оҥорбуттар.
Үөһээ Бүлүүтээҕи култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова улуус култуурата сайдарыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрсибит бэтэрээннэргэ уонна киллэрсэр туруу үлэһиттэргэ Бочуотунай грамоталары уонна Махтал суруктары туттарда. Киэһэтин Олоҥхо дьиэтигэр саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай айымньытынан «Көмүстээх үрүйэ» испэктээк туруордулар. Санатан эттэххэ, бу испэктээк Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт «Культурный код» IV норуоттар икки ардыларынааҕы тыйаатырдар айар күрэҕин Гран-при үрдүк аатын сүкпүтэ.
Норуот тыйаатыра — РСФСР-га 1950-с сылларга үөдүйбүт, онтон 1990-с сыллар уларыйыыларын кэннэ Саха Сиригэр эрэ хаалбыт тыйаатыр көрүҥэ буолар. Бу тыйаатыр идэтийбит судаарыстыбаннай тыйаатыртан уратыта — артыыстар сүрүн үлэлэрин таһынан үлэлииллэр.
Кэлэр нэдиэлэҕэ Мохсоҕоллоох орто оскуолатыгар 450 миэстэлээх эбии дьиэтэ тутуллан арыллара былааннанар. Тутуу бастакы сыбаайата…
Саха сиринээҕи ИДЬМ сулууспатын Мииринэй оройуонун отделыгар Мииринэй куорат олохтооҕуттан баан каартатыттан 19 000 солк.…
Сунтаар улууһугар тохсунньу саҥатыгар сүппүт киһи өлүгэ көһүннэ. Эр киһи өлүгүн уу аннынан устар камеранан…
«Саха» НКИХ ханаалыгар бу сыл тохсунньу 27 күнүттэн Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын артыыстара кыттыылаах…
Бэҕэһээ Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов, аатырбыт снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков уола уонна сиэнэ,…
Киин баан 2024 сыл сэтинньи 22 күнүнээҕи 6949№-дээх бирикээскэ уларыйыы киллэрбитин таһаарда. Докумуон ааспыт сыл…