Салгыы
Үөһээ Дьааҥы улууһун Арыылааҕар үүт аһын оҥорор сыах үлэлээтэ

Үөһээ Дьааҥы улууһун Арыылааҕар үүт аһын оҥорор сыах үлэлээтэ

Ааптар:
28.02.2024, 15:00
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Үөһээ Дьааҥы улууһун Арыылаах (Бала) бөһүөлэгэр «Арыылаах Ас» диэн ааттаммыт үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарар сыах үлэлээтэ.

Бырабыытытылыстыба отчуотун кэмигэр дойду Бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов сыаҕы арыйар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылла.

Андрей Федотов оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибин бэрэссэдээтэлин Екатерина Портнягинаны, итиэннэ сыах кэлэктиибин дьоһун суолталаах бырайыагы олоххо киллэриинэн эҕэрдэлээтэ.

«Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ этиитигэр Арктика улуустарыгар үлэ миэстэтин хааччыйыыга болҕомто ууралларыгар ыйан эппитэ. Саҥа үүт аһын оҥорор тэрилтэ Үөһээ Дьааҥы улууһугар үлэлээбитэ, хороҕор муостаах ахсаана элбииригэр өссө биир хардыынан буолуоҕа», — диэн эттэ СӨ Бырабыытылыстыбатын отчуоттуур бөлөҕүн салайааччыта.

СӨ Арктика уонна Хотугу норуоттар дьыалаларыгар департаменын салайааччыта Прасковья Иванова үүт астан оҥорон таһаарыыны тэрийиигэ «Развитие Арктической зоны Республики Саха (Якутия) и коренных малочисленных народов Севера Республики Саха (Якутия)» өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн субсидия анаммытын бэлиэтээтэ.

Сыах номнуо үлэлии турар, араас аһы оҥорон таһаарар. Олохтоох нэһилиэнньэ сыахха оҥоһуллубут суораты, тобуруогу, чөчөгөйү, кефиры, йогурту хамаҕатык атыылаһар.

Ситэриилээх былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ үс бөлөххө арахсан, араас хайысханан отчуоттуу бардылар. Нэдиэлэ бүтүөр диэри СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуота Үөһээ Дьааҥы улууһун хас биирдии нэһилиэгэр ыытыллыаҕа.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: