Салгыы
Үөһээ Бүлүү учууталлара — дьоллоох учууталлар

Үөһээ Бүлүү учууталлара — дьоллоох учууталлар

Ааптар:
30.05.2024, 18:50
Бөлөххө киир:

РФ «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак биир сүрүн соругунан педагогтар идэлэрин таһымын сайыннарыы, методическай көмө оҥоруу буолар.

Бу бырайыак чэрчитинэн, улуустааҕы үөрэх салалтатын салайааччыта Юрий Кынатов көҕүлээһининэн, Үөһээ Бүлүү улууһун учууталларыгар анаан Новосибирскайтан РФ үтүөлээх учуутала, дойду Бэрэсидьиэнин бириэмийэтин лауреата, биолог идэлээх бастыҥ уопуттаах учуутал Александр Буханистов икки күннээх сэминээрэ Ю.Н. Прокопьев аатынан успуорт орто оскуолатыгар кииннэнэн саҕаланна.

Үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ туһуламмыт сыаллаах сэминээр ааптара Александр Буханистов араас көрүҥүнэн аныгы уруок кистэлэҥнэрин арыйар, тоҕоостоох тиэмэлэргэ маастар-кылаастары ыытар уонна сэминээр кыттыылаахтарын кытары бөлөҕүнэн үлэни тэрийэн оҕолору кытта бырайыакка үлэлэһиигэ быһаччы көмөнү оҥорор.

Үөһээ Бүлүү учууталлара бары нэһилиэктэртэн киирэн, Арассыыйа бастыҥ учууталын сэминээригэр умсугуйан туран үөрэнэ сылдьаллар. Кинилэр учуутал дьолун кистэлэҥэ туохха сытарын, оҕо үөрэххэ тардыһарыгар, баҕалаах буоларыгар ханнык ньымалары туттар табыгастааҕын биллилэр, онтон да атын үөрэтии маастарыстыбаларыгар уһуйулла сылдьаллар. Сэминээргэ сылдьар учууталлар санааларын үллэһиннилэр.

Ольга Муксунова, Ю.Н. Прокопьев аатынан успуорт орто оскуолатын алын сүһүөҕүн учуутала:
— Александр Александрович Буханистов ааптарыскай сэминээригэр өр сылларга үлэлээбит уопутун, оҕону угуйар, интэриэһиргэтэр араас элбэх ньымаларын сиһилии көрдөрөн, олус сэргэхтик кэпсээтэ. Александр Александрович сэминээриттэн саамай интэриэһиргээбитим уонна сөбүлээбитим диэн күннээҕи олоххо туттуллар боростуой биридимиэттэри араас өттүттэн ырытан үөрэтиитэ олус ураты. Манна араас үөрэх биридимиэттэрин (физика, химия, биология, тыл, литература, технология, из ) барытын дьүөрэлии тутан үөрэтэн, анаалыстаан таһаарыы оҕоҕо да, үөрэтэр учууталга да сөҕүмэр интэриэһинэй. Өссө да эһиилги үөрэх сылыгар кэлэн, биһиги үөрэнээччилэрбитигэр ураты уруоктары ыытарын кэтэһэ хаалабыт.

Маргарита Анисимова, М. А.Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала:
Учуутал диэн киһи. Кини бэйэтэ эйгэлээх, кистэлэҥнээх, тыыннаах, олохтоох, көрүүлээх. Онтон бу барыта холбоһон учуутал күүһэ, ньымата буоларын бу сэминээртэн өссө төгүл итэҕэйдим. «Билиҥҥи сайдыылаах XXI үйэ учууталын уобараһа кимий?» диэтэххэ, төһө баҕарар мөккүөрү тэрийиэххэ сөп. Ол эрэн, сэбиэскэй педагогика үтүө холобурдарыгар, сыаннастарыгар иитиллибит ону тэрийэргэ олоҕун, эдэр сааһын анаабыт уонна саҥалыы көрүүлээх олох сайдыытын саҥа ирдэбиллэрин өйүнэн-санаатынан ылыммыт учуутал, сайдыылаах учуутал толору аатын ылар дии саныыбын. Александр Александрович сэминээригэр сылдьыбыт эрэ учуутал үлэтин ырытан көрөргө үөрэнэр, үөрэтии ньымаларын таһынан, билиҥҥи оҕо ис туругун, оҕоҕо сыһыан кистэлэҥнэрин, олоххо сыһыан уратыларын саҥалыы билэн, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт. Киһи кини сэминээришэр олорон «тугу эмит куоттарбакка истибит киһии, туох эрэ саҥаны билбит киһии» эрэ диэн санаалаах олороҕун. Кини дьоллоох учуутал. Кини көҥүл киһи, тоҕо диэтэххэ бэйэтин төрөөбүт кыракый дэриэбинэтигэр бэриниилээхтик айа-тута сылдьар. Бу маннык ураты учууталлары кытта көрсүһүү учууталларга саҥа тыыны биэрэр. Үгүс учууталлар: «Бу сэминээр кэннэ уруок ыытан көрбүт киһии, үөрэх дьыла бүтэн хаалбыт»,- дии диэн буолла. Дьиҥнээх практик учуутал саҥарардыын-кэпсиирдиин атын эбээт, үгүс ньыманы туттан көрөн, ырытан мунньан бэйэтин уопутун кэпсиирэ олус тиийимтиэ. Биһиги улууспутугар үгүс маннык тэрээһиннэр ыытыллаллар, «Арассыыйа бастыҥ учууталлара» Саха сиригэр саамай элбэхтик сылдьыбыт улуустара -Үөһээ Бүлүү буолар. Бу бастыҥ идиэйэни тэрийээччинэн улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Юрий Васильевич Кынатов буолар. Кини бу кэскиллээх ырааҕы, сайдыыны таба көрбүт идиэйэтэ учуутал үлэтин дьиҥнээхтик таптыырга эрэ ыҥырар. Онон улуус бары учууталларын аатыттан дириҥ махталбытын тириэрдэбит.

Василий Афанасьев, бырааттыы Боескоровтар ааттарынан Сургуулук орто оскуолатын обществознаниеҕа учуутала:
— Мин Александр Александрович сэминээригэр хаһыс да төгүлүн сырыттым. Ол тухары учуутал быһыытынан сайдарбар олус элбэҕи ыллым, туһанным. Хас сэминээр кэннэ саҥа толкуйдар киирэллэр, үлэҕэ ураты сыһыан күүһүрэр. Уруоктарбын толкуйдаан ыытарбар, оҕону кытары сыһыаҥҥа бу билбит ньымаларбын киллэрэн туттабын. Түгэнинэн туһанан, Арассыыйа биир бастыҥ учууталын Саха сирин биир уһук муннугар аҕалан учууталлары сайыннарыыга куруук көҕүлүүр үөрэхпит управлениетын салайааччытыгар Юрий Васильевич Кынатовка махтанабын. Бу курдук бастыҥ учууталлар илэ бэйэлэринэн кэлэн биһигини сайыннараллара туохха да тэҥнэммэт сүдү кылаат. Бу мантан саҕыллан учууталлар харахтарын уота өссө ордук күүскэ чаҕылыйар. Үөрэх хаачыстыбата, учуутал идэтин таһыма үрдүүрүгэр бигэ тирэх буолар.

Валентина Филиппова, Үөһээ Бүлүү

+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: