Салгыы
Үөннээх Хайаттан түҥ былыргы уҥуохтары буллулар

Үөннээх Хайаттан түҥ былыргы уҥуохтары буллулар

Ааптар:
26.07.2024, 20:20
Александра Митина уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи түмэлигэр Үөннээх Хайаттан көстүбүт сэдэх булумньулары биэрдилэр.

Бу булумньулары «Сир уустарыгар» Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ тэрийиитинэн үлэлии турар «Күн-Эко» лааҕырга оҕолору чинчийэр үлэҕэ үөрэтэ кэлбит учуонайдартан биирдэстэрэ СО РАН криолитозона биологическай кыһалҕатын институтун үлэһитэ Александра Митина аҕалан туттарда.

Оҕолору кытары Үөннээх Хайаҕа сылдьан хас да интэриэһинэй уҥуоҕу, таастары булбут. Быһа сабаҕалааһынынан Юрскай кэм саҕана үөскүү сылдьыбыт плезиозавр уҥуоҕун кырамтатын булбут, мел үйэтин саҕанааҕы ракушкалар, белемнит уҥуохтара эмиэ бааллар. Былырыын 3-с кылаас үөрэнээччитэ Алик Максимов, олохтоох Валентина Николаевна эмиэ дьикти уҥуохтары булан аҕалбыттара. Тээтэ динозаврдарын үөрэппит палеонтолог Петр Колосов бу хайаҕа плезиозавр уҥуоҕа баар диэн сабаҕалаабыта.

Александра өссө биир тааска пирит уонна алмаас кыырпахтара баар тааһын булбутун эмиэ түмэлгэ биэрдэ.

Татьяна МЕСТНИКОВА.

+1
12
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: