Үөнтэн-көйүүртэн быыһаныы. Саха сатаабата суох
27.06.2024, 14:00
Хаартыска: социальнай ситимтэн
Бөлөххө киир:
Оҕуруокка, даачаҕа быйыл саас үүнээйи арааһын олордубут дьон күн-дьыл туруга уларыйа турарын, онон үүнээйи да чэлгийэн ситэ охсубатын бэлиэтииллэр.
Ону таһынан киһи билбэт араас үөнэ-көйүүрэ элбээн, эмиэ хоромньуну аҕалаллар. Куоракка, киин сирдэргэ анал маҕаһыыннарга үөнү-көйүүрү утары охсуһарга син элбэх препарат атыыланар буоллаҕына, тыа сирин дьоно кыһалҕаттан тахсар ньыманы бэйэлэрэ толкуйдууллар, тобулаллар.
Холобур, бу биир хаһаайка үөнтэн-көйүүртэн үүнээйитин харыстыыр ньыматын үллэстэр. Ол эбэтэр оҕуруотугар липучкалары (аҕаамах) сыһыартаан, көрөргүт курдук, кыһалҕаттан тахсар ньыманы тобулбут. Мындыр өйдөөх саха сатаабата суох.
+1
4
+1
+1
+1
+1
+1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: