Үөнү-көйүүрү утары туһаныллар препараттар
Оҕуруот аһыттан үрдүк үүнүүнү ыларга көрүүнү-харайыыны тэҥэ, араас биологическай препараттары, норуот ньымаларын туттар туһалаах.
Битоксибациллин (тэпилииссэҕэ) – бу буортулааччылары утары дьааттаах бэссэстибэлэри таһаарар бактериялартан оҥоһуллубут препарат. Суурадаһын бэлэмнииргэ 80-100 г бэссэстибэни 1 л ууга суурайыллар. Үүнээйи үүнэн ситэр кэмигэр (вегетация) икки нэдиэлэҕэ биирдэ 1-2 л 10 кв. м суоттаан ыстарыллар.
Фитоверм (тэпилииссэҕэ). Бу биологическай инсектоакарицид үөннэри-көйүүрдэри утары үлэлиир, киэҥ дьайыылаах аверсектин диэн аһылыктан оноһуллубут, кини паутиннай клещ, белокрылка, тлялары, личинкалары, гусеницалары, ол иһигэр трипсы эмтээһиҥҥэ эмиэ туһаныллар. 0,04 мл биопрепараты 1 л ууга суурайыллар уонна оҕурсуга сүүрбэлии хоно-хоно ыстарыахха сөп, нуормата – 10 кв. м 1-3 л.
Биоcтоп. Бу сабыыта, хаххата суох сиргэ үүнэр үүнээйилэргэ аналлаах биологическай инсектицид препарат. Кини хонуу мотылектарын, сүбүөкүлэ сэбирдэҕин тлятын, сүбүөкүлэ блошкатын, хаппыыстаҥылар блошкаларын, паутиннай клещ, тля бахчевойугар, хаппыыста совкатын, хаппыыста тлятын уо.д. атыттары утары эмтэниллэр. Ууга 1 л ууга 4-5 мл суурайабыт. Оҕурсу саамай үүнэр кэмигэр нэдиэлэҕэ биирдэ ыстарыллар, нуормата – 10 кв. м 2-3 л.
“Актофит”. Тля, трипстар, клещтэр, совкалар, хаппыыста белянкатын уо.д. атыттар утары туттуллар. Кирээдэҕэ үүнээйи сэбирдэҕэр ыстарарга 4 мл биопрепараты 1 л ууга суурайыллар. Суурадаһын үүнээйигэ хааларын туһугар ардаҕа суох, кураан күннэргэ ыстарар ордук.
“Антиклещ”. Көдьүүстээх уонна саамай сүрүнэ үүнээйини уһун кэм устата харыстыыр препаратынан “Антиклещ” буолар. Үс нэдиэлэ устата турар. 1 мл препараты 1 л ууга суурайыллар. Маны тэпилииссэҕэ, оранжереяҕа туһанарга ордук табыгастаах.
“Карбофос”. Элбэх көрүҥ үөннэри утары үлэлиир, күүстээх дьайыылаах, кымырдаҕас, тля, путиннай клещ, долгоносиктар, сахсырҕалар, белокрылка, трипстар уо.д.а атыттары суох оҥортуур. 6 мл препараты 1 л ууга буккуйабыт. Төхтүрүйэн, 2-3 эбии ыстарыллыан сөп.
Тляны утары туһаныллар норуот ньымалара
Мыыла суурадаһына. Дьүөкэттээх эбэтэр хаһаайыстыбаннай мыыла куһуогун бытарытан баран, 5 л итии ууга суурайыллар. Ыстарыах иннинэ мыыла суурадаһыныгар 1 ыстакаан мас күлүн кутан булкуйуллар.
Күлтэн көөнньөрбө. 1 кг мас күлүн 10 л ууга кутан суукка устата туруоруллар. Онтон 2-3 ост. ньуоска түөркэлэммит хаһаайыстыбаннай мыыланы кутан булкуйуллар уонна икки күн субуруччу ыстарыллар.
Лууктан көөнньөрбө. Биэдэрэ аҥаара эриэппэ луук хаҕар итии ууну кутан суукка устата туруоруллар. Сиидэлээн баран, 10 л тахсарын курдук уу эбиллэр уонна кыра хайаҕастаах сиидэнэн үүнээйигэ бэйэтигэр, буоругар кутуллар.
Табах быыла уонна Табазол. Үүнээйилэри табах уонна табах-күл бытархайынан куттахха, тля, кымырдаҕас чугаһаабат буолар.
Мария ЛУКИНА, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: