«Үөрэ-көтө, өрө-дайа, үлэлии сылдьар үчүгэйиэн…»

Share

Бүгүн анаабыт курдук, сааскы чаҕылхай күн сири сылааһынан угуттуур, ыраас халлаан, сөрүүн салгын, тыала суох уу чуумпу. Григорий Кобяков аатынан Кэбээйи модельнай библиотекатыгар П. И. Кобяков — Оһуордуурап 85 сааһыгар уонна Саха сиригэр Үлэ сылыгар аналлаах кылаас чааһын Саргылаана Прокопьевна Павлова бэрт сэргэхтик иилээн-саҕалаан ыытта.

Петр Иванович төрөппүт кыыһа быраас идэлээх, нэһилиэк депутата Любовь Петровна Стручкова күндү аҕатын туһунан, дьиэ кэргэнин, үлэтин-хамнаһын, аймахтарын сиһилии билиһиннэрдэ, хаартыскаларын көрдөрдө. Петр Иванович оройуон хаһыатын инники аатын «Саҥа олох» эрдэҕинэ, онно эппиэттээх сэкирэтээринэн үлэтин саҕалаабыт. 1956 сылтан айар дьоҕурун сайыннаран, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, «Ленинец», «Дабаан» улуустааҕы хаһыат   корреспондена, улуус бочуоттаах олохтооҕо.
Бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоно-сэргэтэ РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ И.Г. Кобяков, Россия үтүөлээх энергетигэ П.П. Габышев, РСФСР уонна ССРС үөрэҕириитин туйгуна А.Н. Васильева умнуллубат кэмнэрин Петр Иванович сырдык кэриэһигэр ахтан-санаан иһирэхтик сэһэргээтилэр.

Төрүт тыл учуутала Марина Ивановна Егорова суруйааччы элбэх көрүҥҥэ үлэлэспитин, кини айымньыларын ырытан-быһааран, баай ис хоһооннооҕунан үрдүктүк сыаналаата. Онтон Светлана Васильевна Оконешникова онус кылаас оҕолоругар Оһуордуурап хаһыаттарга таһаартарбыт суруйууларын олохтоох библиотека үлэһиттэрэ барытын түмэн, мунньан ууруна сылдьар халыҥ паапкаларын көрдөрдө, кэлэн ааҕалларыгар, чинчийэллэригэр сүбэлээтэ уонна урукку кэминээҕи кинилэр саастыы оҕолор төрөөбүт дойдуларыгар туһалаах дьарыктарын ахтыылартан ааҕан иһитиннэрдэ.

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ
Хаартысканы ааптар тиксэрдэ

Үйэлэрин тухары үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьыбыт үгүс үтүөлээх дьону сырдаппыт ыстатыйалара хаһыакка тахсан, кинигэлэргэ киирэн, көмүс ааттара үйэтиллэн, билиҥҥи сайдыылаах олохпутугар сэмэй кылаатын киллэрэн, Петр Иванович дьон махталын, ытыктабылын ылыан ылар. Кини өбүгэлэрбитин утумнаан сири-дойдуну оҥостон, ынах сүөһүнү, дьөһөгөй оҕотун дэлэйдик иитэрбит-үөскэтэрбит туһугар, араас идэлэри баһылаан, туруу үлэһит быһыытынан эдэр ыччакка үтүө холобур буолар.
Биир дойдулаахпыт РФ култууратын туйгуна, композитор Р.К. Степанов матыыбыгар «Ыччат вальса» ырыаны Петр Иванович 1990 сыллаахха «Саҕа» ыччат комсомольскай ферматыгар анаабыта.  Манна таптал чэчириир, олох мантан салҕанар. Бу хоһоон быйылгы Үлэ сылыгар күндүтүк ахтылларынан, «Кулуһун кут» көхтөөх чилиэнэ Виктория Дмитриевна Яндреева бэйэтин кэмин санаан, чугастык ылынан, ис дууһатыттан аахта.
Петр Иванович айар илбис уот кутаатыгар умайан, айар талаан ахсым ат айанныы арыллан, сулустаах сыллара субуруһа сиэлэннэр, 300 хомоҕой хоһоонунан хоһоон хонуутун толорон, бар дьон биһирэбилин ылар. Оһуордуурап ыллам ырыаларыттан саамай биллэр «Кэбээйим барахсан» ырыаны Россия искусствотын үтүөлээх деятеля, композитор З.К. Степанов айбытын, сиэнэ кэрэ куоластаах Моника улахан сценаларга ыллаан, үрдүк ситиһиилэринэн барыбытын үөрдэр.
Үлэ сайдар-үүнэр сырдык суолун өрө туппут биир дойдулаахпыт, айылҕаттан талааннаах суруйааччы — поэт П.И. Кобяков-Оһуордуурап «Кэбээйим барахсан» ырыа тыллара сүрэхпитигэр өрүү иһиллэргэ дылы:

«Ийэ куппут курдат тардан
Сибэккинэн оһуордаан,
Силигилии ситэҥҥин
Киэҥ Кэбээйим барахсан!»

Венера Лугинова, « Кулуһун кут» чилиэнэ,
Кэбээйи нэһ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago