Тааттаҕа үөрэҕирии салаатын начаалынньыга ууттан оҕону быыһаата

Share

Тааттатааҕы үөрэҕирии салаатын начаалынньыга Владимир Кривошапкин оскуола оҕотун ууттан быыһаан, хорсун быһыыны оҥордо. Быһылаан Таатта үрэххэ паарка таһыгар муоста аннынан аҕыйах хонуктааҕыта тахса сыста.

Арай, Владимир Владимирович оҕолор тустарыгар дууһата ыалдьыбат, оҕону көрбөтөх буоллун, бу уолчаан дьылҕата хайдах буолуо эбитэ буолла?..
Хорсун быһыыны көрдөрбүт Владимир Владимировичтан туох, хайдах этэй диэн туоһуластыбыт. Онуоха кини кэпсиир:

— Пааркаҕа ыытыллыбыт улуус үөрэнээччилэригэр аналлаах чэпчэки атлетика спартакиадатын түмүктээн, наҕараадалааһын кэннэ 3 чаас саҕана оҕолор, учууталлар хомунан айаннаатыбыт. Мин массыынабар олорон, суолбар оҕолор баалларын иһин, аа-дьуо айаннаан истэхпинэ муоста таһыгар икки сыгынньах уол сөтүөлүү киирэн эрэр диэммин, «Сөтүө бобуулаах, тоҕо ууга киирдигит?” диэн хаһыытаабыппар, уолаттар уу диэки ыйа-ыйа: «Ол, ол”, — дииллэр. Массыынабыттан тахсан ыйбыт сирдэрин көрбүтүм биир оҕо ууга төбөтө көстө-көстө сүтэрэ. Уһуну-киэҥи толкуйдаабакка ырбаахыбын уста биэрээт, ууга ыстанным. Уу кэлэ турар буолан, үрэх сүүрүгэ сүрдээх этэ, уолум хайдах эрэ уу анныгар эрэ барбатар диэн толкуйдуубун. Харбаан тиийиэхпэр диэри уолум тулуктаһара буоллар, уу анныгар барда да баттаһа харбыам суоҕа дии санаан баран, хата уолум үөһэ тахсаатын кытта баттаҕыттан харбаан ылан, тиэрэ тардан, чычаас сир диэки үттүм. Утары уолаттара кэлэн көмөлөһөн таһаардыбыт. Уолбут уу дэлби испитин хачайдаатыбыт, саҥарар этэ.

Улууска сааскы халаан уута кутталы үөскэтэринэн ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Бу дьаһалынан үөрэх салаатыгар элбэх бирикээс, дьаһал тахсыбыта. Манан да сылыктаатахха, нэһилиэк олохтоохторо бары истэ-билэ сылдьан, бу оҕолор сөтүөлүү киирбиттэрин ааһан иһэр массыыналар суоппардара да, дьон да аахыйбатаҕын сөхтүм. Онон өссө биирдэ этиэм этэ: төрөппүттэр, нэһилиэк олохтоохторо, ханна да буоллун сэрэххитин сүтэримэҥ. Оҕолоргутун, сиэннэргитин хараххыт далыттан сүтэрбэккэ, кэтии-маныы сылдьыҥ”.

Биһиги ортобутугар маннык хорсун санаалаах дьон баалларыттан киһи үөрэр.

Елена СЛЕПЦОВА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Боксер Василий Егоров спортивнай карьератын кыайыынан түмүктээтэ

Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…

34 минуты ago
  • Сонуннар

Барыһы батыһар кафелар…

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

2 часа ago