Үөрэх бэтэрээннэрэ Дьокуускай куорат 39-с нүөмэрдээх оскуолатыгар ыалдьыттаатылар
Сэтинньи 2 күнүгэр Н.И.Шарин аатынан 39-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа, Варвара Сергеевна Иванова салайааччылаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх үлэһиттэрин бэтэрээннэрин сэбиэтин чилиэннэрэ кэлэн ыалдьыттаатылар.
Маҥнай бэтэрээннэргэ саҥа оскуола устун биир чаастаах экскурсия тэрийэн, кэбиниэттэри, саҥа үөрэх тэриллэрин, Саха сирин норуотун учууталларыгар аналлаах быыстапканы көрдөрдүбүт. Ол кэнниттэн оскуола кэлэктиибигэр бэтэрээннэр, чуолаан Зинаида Евсеевна Павлова аал уоту оттон айах тутта, үтүө тыл доҕуһуоллаах, кэс тыл киэргэллээх алгыс эттэ. Ол кэнниттэн оһуокайы оройуттан туттубут. Көрсүһүү түмүгэр конференц-саалаҕа бэтэрээннэри кытта итии чэйдээх истиҥ-иһирэх кэпсэтии буолла.
Николай Иванович Шарин биир дойдулаахтара, үөрэнээччилэрэ Мария Ивановна Старостина, Екатерина Петровна Слепцова учууталларын туһунан кэпсээннэрин интэриэһиргээн иһиттибит.
Бэтэрээннэр саҥа оскуоланы көрөн улаханнык астыммыттарын, сөхпүттэрин биллэрдилэр. “Шарин оскуолатын үлэһиттэригэр талан ылбыт идэлэригэр итэҕэл, салайааччыларыгар эрэл толору баар буолан, олохторо-дьаһахтара тупсаҕай, үлэлэрэ-хамнастара кыаллар эбит”, — диэн сыаналаатылар.
“Оскуола салайааччыларын, учууталлары уонна Бэтэрээннэр сэбиэттэрин кытта көрсүһүү истиҥ быһыыга-майгыга ааста, хардарыта элбэх сонуну үллэһиннибит. Хас биирдии кэбиниэккэ хаалыахпытын баҕардыбыт, саҥа, интерактивнай, аныгы тэрил ол курдук үөртэ. Бэтэрээннэр даҕаны тугу билэрбитин кэпсээтибит. Бары даҕаны бэйэбит кэммитигэр миниистир Н.И.Шарин салайыытынан үлэлээбиппит. Кинилэр кэккэлэригэр Николай Иванович дьоһуннаах үөрэнээччилэрэ М.И. Старостина, Е.П. Слепцова баарбыт. Сайдыы үктэлигэр турбут саҥа оскуола салайааччыларыгар биир идэлээхтэрбит үгүс этиилэри киллэрдилэр. Оскуола, уһулуччулаах миниистир, өрөспүүбүлүкэ кылаабынай педагога Н.И.Шарин аатын сүгэрин быһыытынан, кинилэр Саха сирин педагогическай уопсастыбаннаһын иннигэр үрдүк эппиэтинэстээхтэрин өйдүүллэр”, — диэн этэллэр.
Маннык үрдүк сыанабылы уопуттаах бэтэрээн педагогтартан ылбыппытыттан санаабыт көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн, күүспүтүгэр күүс, сэниэбитигэр сэниэ эбилиннэ. Оскуолабыт Сахабыт сирин үөрэҕин өр сылларга ситиһиилээхтик, үрдүк таһаарыылаахтык салайбыт Николай Иванович Шарин аатын сүгэринэн киэн тутуннубут. Кини сахпыт соруктарын билиҥҥи олоххо салгыы ситэрэрдии сананныбыт уонна Николай Иванович аатын үйэтитэр түмэл тэрийэргэ, искибиэр аһарга, кини аатынан педагогическай ааҕыылар курдук тэрээһиннэри ыытарга сорук туруоруннубут.
Онон кэлэ сылдьыбыт бэтэрээн педагогтарга, чуолаан Варвара Сергеевнаҕа үрдүк махталбытын тириэрдэбит.
Н.И.Шарин аатынан 39-с нүөмэрдээх оскуола дириэктэрэ Мария Прокопьева уонна оскуола кэллэктиибэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: