Үөрэх кыһаларыгар куттал суох буолуутун уруоктара саҕаланнылар

Share

Балаҕан ыйын устата үөрэх кыһаларыгар үгэс буолбут “Месячник безопасности” буолуоҕа.

Балаҕан ыйын 2 күнүттэн үөрэх дьыла саҕаланна. Сайыҥҥы уһун сынньалаҥ кэнниттэн куттал суох буолуутун быраабылатын тутуһуу туһунан РФ ЫБММ эрэгийиэннээҕи бырабылыанньатын үлэһиттэрэ бары оскуолаларга аһаҕас уруоктары ыыттылар, диэн Саха сиринээҕи ЫБММ пресс-сулууспата суруйар.

Ол курдук баһаарынайдар, ГПН, ГИМС үлэһиттэрэ оҕолорго бэйэлэрин идэлэрин туһунан кэпсээтилэр, ыксаллаах быһыыга-майгыга хайдах-тугу гыныахха сөбүн быһаардылар.  Ордук уоттан уонна ууттан сэрэхтээх буолууга болҕомтолорун уурдулар. Оҕолор умайа турар дьиэттэн хайдах тахсыахха сөбүн, дьиэҕэ да, оскуолаҕа да электроприбордары хайдах туһанары биллилэр, экстреннай сулууспалар нүөмэрдэрин хатылаатыгар.

Маны таһынан баһаарынайдар бэйэлэрин бойобуой таҥастарын кэтэн, уоту тугунан умуруоралларын, огнетушителынан хайдах туттары көрдөрдүлэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

52 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago