Бу күннэргэ Дьокуускайга Саха сирин үөрэҕин үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕа буолан ааста. Быйылгы тэрээһин “Воспитание личности в едином образовательном пространстве” диэн тиэмэлээх буолла.
Ил Дархан Айсен Николаев сүрүн мунньахха тыл этэригэр болҕомтону дойду сайдыытын национальнай соругун быһаарар бэрэсидьиэн Владимир Путин быйылгы ыам ыйынааҕы ыйааҕар туһаайда. Бу сүрүннээн нэһилиэнньэ доруобуйата, олоҕун туруктаныыта, уопсастыба туһугар хас биирдии киһи кыаҕын, талаанын туһаныы буоларын ыйда. Бу үрдүк соругу ситиһэр туһугар, бастатан туран, үөрэх эйгэтэ, көрүүтэ уларыйыахтааҕын бэлиэтээтэ.
“Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин систиэмэтэ уһуйаантан университекка тиийэ биир санаалаах, көрүүлээх үлэлиэхтээх. Бу сүдү суолталаах. Биһиги Саха сирин экэниэмикэтин таҥарбыт, өрөспүүбүлүкэҕэ олох хаачыстыбатыгар үрдүк соругу, ситиһиини туруорарбыт быһыытынан, үөрэҕи, экэниэмикэ өрө тахсыытын быһаарар биир суолталаах инвестиция үстүрүмүөнүн быһыытынан көрүөхтээхпит, ол аата, дьон үтүө туруктаныытын эмиэ”, – диэн эттэ. Үрдүк таһымнаах, өрөспүүбүлүкэ кэскилин түстүөхтээх, олоҕун оҥорсуохтаах дьоһуннаах каадыры бэлэмниир тиһик хаачыстыбалаах, бэйэ-бэйэлэрин чиҥэтиһэн, ситэрсэн биэрэр буолуохтааҕар болҕомтону туһаайда.
Төрөппүт оҕотун кэскилин толкуйдаан туран үбүн-харчытын кэрэйбэккэ оҕотун үөрэттэрэрин кэриэтэ, судаарыстыба миллиардынан үбү кутан дойду ыччата үүнэрин-сайдарын туһугар инвестиция оҥорор.
Национальнай бырайыактар, Уһук Илини сайыннарыы бырагыраамалар баар буолан, Саха сиригэр киэҥ хардыы оҥоһуллубутун, бу курдук далааһыннаах тутуу өссө бара илигин Ил Дархан сүрүн мунньахха эмиэ этэн аһарда. 2018 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ 460-тан тахса араас көрүҥнээх оҕону сайыннарар киин аһыллыбыт. 7 тыһ. миэстэлээх 55 уһуйаан, 12 тыһ. үөрэнэр миэстэлээх 57 оскуола тутуллубут. Уонунан сыллар тухары аан маҥнайгытын 95 үөрэх эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөн барбыт, 25 кэллиэһи саҥардан эрэллэр. Быйылгы сыл түмүктэниэр диэри өссө 13 оскуола уонна 4 уһуйаан тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Эһиил 12 оскуола, 4 уһуйаан тутуута уонна күүтүүлээх-кэтэһиилээх сылы эргиччи үлэлиир “Хотугу сулус” оҕо киинэ тутуллан бүтэллэрэ былааннанар. “Биллэн турар, материальнай усулуобуйа тупсуутунан үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүн кэтэһии оруннаах”, – диэн эттэ итиэннэ биирдиилээн түмүктэргэ, холобурга тохтоон ааста. Үөрэххэ уларытыы сүрүн кыттааччыта, хамсатааччыта – педагога суох сыҕарыйбатын, тахсыбатын ыйда. Бырабыыталыстыбаҕа, Үөрэх министиэристибэтигэр туһаайан кэлэр сылга диэри үөрэх эйгэтигэр квалификацияны үрдэтии үбүлээһинин мэхэньиисимин хаттаан көрөргө уонна көдьүүстээх, персонализированнай этиини киллэрэллэригэр сорудахтаата.
Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова сүрүн дакылаатын “оччо үөрэнээччи баар”, “бачча оскуола аһыллыаҕа” диэн кураанах сыыппараларынан добдугураппакка, үөрэх үлэһиттэрин мунньаҕын тиэмэтигэр итиэннэ өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, үөрэх бары таһымынан оҥоһуллубут анаалыс түмүгүнэн билиһиннэрбитэ сэргэх. Быыһыгар ситиһиилэри, доҕолоҥнуур түгэннэри даҕаны ыйда.
Каадыры бэлэмнээһиҥҥэ кэлиҥҥи сылларга инженернэй уонна мэдиссиинэ хайысхалара эрэгийиэннээҕи федеральнай бүддьүөттэн хото өйөммүтүн иһитиннэрдэ. Былааннааһыны сөпкө оҥоруу түмүгэр, атын салаалардааҕар ордук доруобуйа харыстабылын уонна мэдиссиинэ билимин хайысхатыгар үөрэҕин бүтэрээччи 93% тиийэ үлэнэн хааччыллар эбит. Барыллаан чахчынан, быйыл үөрэхтэрин бүтэрээччилэр 88% дьарыктаах эбит буоллахтарына, идэлэринэн хааччыллыы 50-53% тэҥнэспит. Бу кыһалҕаны Тырааныспар тиэхиньикума ситиһиилээхтик быһаарарын холобурдаата. Өскөтүн 2020 сыллаахха тустаах үөрэх тэрилтэтин бүтэрээччи 42% үлэ булар эбит буоллаҕына, быйыл ити сыыппара 80% тэҥнэспит. Устудьуоннар туһааннаах тэрилтэлэргэ идэҕэ үөрүйэҕи ааһаллар итиэннэ дьупулуомнарын ылыахтарын иннинэ миэстэлэрин булаллар эбит.
Аны Ил Дархан сорудаҕынан Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кэмитиэтин кытта Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин баазатыгар үөрэҕи бүтэрээччилэргэ аналлаах киин аһан эрэллэрин эттэ. Бу үөрэҕи бүтэрээччини 70 бырыһыаныттан итэҕэһэ суох үлэнэн хааччыйыаҕа диэн иһитиннэрдэ.
Оскуоланы бүтэрээччилэр идэни талыылара хас да өрүттэн тутулуктааҕын, манна үөрэх, иитии, идэҕэ эрдэттэн салайар үлэ барыта түмүллэн аттарылларын миниистир бэлиэтээтэ.
Үөрэх хаачыстыбата аҥаардас биир кэлим эксээмэнинэн сыаналамматын бары да өйдүүбүт эрээри, оҕо үрдүк үөрэххэ киирэр соҕотох көрдөрүүтэ, олох аанын арыйар “күлүүһэ” да диэххэ сөп, буоларынан, син биир эксээмэҥҥэ эргиллэн кэлэ, тирэҕирэ турабыт.
Ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ, быйыл биир кэлим эксээмэн түмүгэ 8 биридимиэккэ тупсубут. Математика (уустугурдуллубут таһым), физика, химия, биология биридимиэттэригэр 3-12 баалга диэри халбаҥныыр эбит. Ону таһынан, 27 оҕо эксээмэнин 100 баалга туттарбыт. Ол иһигэр кэлиҥҥи үс сылга аан бастакытын биир оҕо физиканы 100 баалга туттарбыт. Ол эрээри, чинчийии көрдөрбүтүнэн, биир кэлим эксээмэни талан туттарааччы кыччыыра көстөр эбит. Бу үрдүк үөрэххэ киирэр оҕо ахсаанын намтатара чуолкай. “Математика (уустугурдуллубут), физика, химия, биология – технологическай хайысхаларга туттарсарга сүрүн биридимиэттэр. Бу биридимиттэри сыллата оскуоланы бүтэрээччи 9-29 бырыһыана эрэ талар”, – диэн миниистир иһитиннэрдэ.
Аны үөрэнээччилэр ханнык биридимиэттэри талалларын эттэ. Ол сыыппараларга сигэннэххэ, биирдиилээн биридимиэттэри чиҥэтэн үөрэтэр оскуолалар оҕолоро сүрүннээн математиканы (судургутутуллубут), информатиканы, обществознаниены талаллар эбит. Гимназияны, лиссиэйи бүтэрээччилэр – математиканы (уустугурдуллубут), информатиканы, обществознаниены, аангылыйа тылын, устуоруйаны. Агро хайысхалаах оскуолалары бүтэрээччилэр – математиканы (судургутутуллубут), обществознаниены. Политиэхиньиичэскэй оскуолалар – математиканы (уустугурдуллубут), обществознаниены, физиканы, информатиканы, аангылыйа тылын, устуоруйаны. “Тустаах чахчылар, хайысхаларынан үөрэтии оҕолор биир кэлим эксээмэн биридимиэтин талалларыгар ситэтэ суоҕун көрдөрөллөр”, – диэн миниистир ыйда. Итиэннэ фирменнэй (тэрилтэлэр) кылаастар үлэлииллэрин, быйыл өссө Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай института 9 креативнай индустрия кылааһын, Жатайдааҕы тиэхиньикум уу тырааныспарыгар сыһыаннаах 9 кылааһы арыйыахтарын иһитиннэрдэ, билигин 32 улууска, куоракка үлэлии турар педагогика-психология кылаастарын холобурдаата.
Үөрэх педагогтан эрэ тутулуктааҕын хайдах да мэлдьэһиллибэт. Педагогическай үлэһиттэри өйүүр соруктаах 2024 сылга диэри үөрэҕи сайыннарар ыйаах иитинэн Саха сиригэр кэккэ миэрэлэр ылыллыбыттара. Ол курдук, Арктика уонна хотугу улуустарга биэс сыл үлэлээбит учууталларга биир хостоох кыбартыыра сууматын аҥаарыгар тэҥнэһэр социальнай төлөбүр көрүллэр. Түөрт сыл устата бу төлөбүрү 103 киһи ылбыт.
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн 3 сылга диэри ыстаастаах эдэр учууталлар акылааттарыгар эбии 75% төлөбүрү ылыахтара. Ону тэҥэ, 35-гэр диэри саастаах улууска үлэлии барар учууталларга 3 акылаат кээмэйдээх “подъемнай” аадырыстаах көмө оҥоһуллар. Бу көмөнөн номнуо 300 учуутал туһаммыт. Былырыын Педагог уонна уһуйааччы сылыгар бастыҥ уһуйааччы-педагогтарга
Ил Дархан бириэмийэтэ олохтоммута, Тус сыаллаах пуонда РНГ хампаанньаны кытта сүүс бастыҥ учууталга 100 тыһ. солк. суумалаах бириэмийэни сыл аайы туттарар.
Бу этиллибит хайысхалар бары түмүллэн үөрэх, иитии хаачыстыбата тупсарыгар, өрөспүүбүлүкэ эркээйитэ бүгүн охсулларыгар олук уураллар.
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…