Үөрэх тэрилтэтин 81% саҥа үөрэх дьылыгар бэлэм
Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова бэҕэһээ министиэристибэ, биэдэмэстибэннэй тэрилтэлэр уонна үөрэх управлениеларын үлэһиттэрэ кыттыылаах киэҥ былааннаһыыны ыыппыт. Ол туһунан миниистир тус ТГ-ханаалыгар суруйар.
Тэрээһин түмүгүнэн миниистир Нюргуна Соколова сүрүн түһүмэхтэри билиһиннэрэр:
— Атырдьах ыйын 9 күнүгэр үөрэх тэрилтэтин 81% саҥа үөрэх дьылыгар бэлэм;
— Өрөспүүбүлүкэҕэ үс саҥа оскуола аһыллыыта былааннанар: Дьокуускай куоракка кадеттар интэринээт-оскуолалара, Горнай улууһун Бэс Күөл сэлиэнньэтин оскуолата, Кэбээйи улууһун Сайылык сэлиэнньэтин оскуолата;
— Мэҥэ Хаҥалас улууһугар оҕолорго аналлаах IT-куб аһыллыаҕа;
— Үрдүк үөрэххэ ылыы хампаанньата түмүктэнэн эрэр;
— Кэллиэстэргэ уонна тиэхиньикумнарга ылыы атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри салҕаныаҕа;
— Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэскэ 2025 сылга 60,5 мөл. солк. суумалаах “Профессионалитет” федеральнай куонкуруска кыайбыттар;
— Дьокуускай куорат “Спутник” сайыҥҥы лааҕырыгар быйылгы сылга 200 миэстэлээх 4 саҥа куорпуһу тутарга 144 мөл. солк. сүүйбүттэр;
— Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ сайаапканы 84 оскуола, 25 уһуйаан ыыппыт;
— 3 кэллиэс 6 эбийиэгин хапытаалынай өрөмүөнүгэр сайаапканы бэлэмнииллэр;
— Атырдьах ыйын 21-23 күннэригэр, саҥа үөрэх дьылын көрсө үгэскэ кубулуйбут СӨ үөрэҕин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕа ыытыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: