Бүгүн, ыам ыйын 24 күнүгэр, Автодорожнай техникум, Дьокуускайдааҕы финансовай-экономическай кэллиэс, «Арктика» ЦРПК, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэс, Дьокуускайдааҕы финансовай-экэнэмиичэскэй кэллиэс үлэһиттэрэ Нам улууһун Граф биэрэгэ нэһилиэккэ үлэлииллэр.
«Үөрэх уонна билим министиэристибэтин тэрилтэлэрэ Нам улууһун Граф биэрэгэ сэлиэнньэ олохтоохторугар көмө оҥороллор. Биһиги ыалларынан сылдьан көмөлөһөбүт, ол иһигэр Нам техникумун үлэһиттэригэр, хоромньуну, чөлүгэр түһэрэр үлэлэри сыаналыырга симиэтиэни суруйууга уонна гуманитарнай көмө оҥоробут. Хас биирдии ыалынан үлэһиттэр, биэдэмистибэннэй тэрилтэлэр сыһыарыллыбыттара. Билигин Нам техникумун үлэһитигэр сылдьабыт. Элбэх оҕолоох ыал. Төрөппүттэр дьиэни чөлүгэр түһэриинэн дьарыктаналлар. Үөрэх үлэһиттэрэ кинилэргэ дьиэ хомуйуутугар көмөлөстүлэр», — диэн миниистири бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай кэпсээтэ.
Михаил Присяжнай Нам техникумун дьиэтигэр үөрэнээччилэргэ уонна преподавателлэргэ куттала суох буолуу усулуобуйатын хааччыйыыга сөптөөх дьаһаллар ылыллыбыттарын бэрэбиэркэлээтэ. Тэрилтэлэр үлэһиттэрэ гуманитарнай көмөнү оҥороллор. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы финансовай-экэнэмиичэскэй кэллиэс үлэһиттэрэ нэһилиэнньэни кытта үлэлииргэ 4 ноутбук уонна баһаарынай рукавтары туттардылар. Оттон Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун үлэһиттэрэ Нам техникумугар ититэр дизельнэй «пушкалары» биэрдилэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) оскуола-интэринээт үлэһиттэрэ бу күннэргэ «Сосновый бор» киин иһинэн тэриллибит лааҕырга Нам улууһун оҕолоругар таҥаһы-сабы, о.д.а наадалаах малы-салы биэрдилэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психолого-педагогическай арыаллааһын методическай киинин исписэлиистэрэ психологическай көмөнү оҥорууга көһө сылдьар биригээдэтин тэрийэн үлэлэтэллэр.
Ыам ыйын 27 күнүттэн СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин уонна Дьокуускай куорат оскуолаларын педагог-психологтара «Сосновый бор» киинигэр тэриллибит лааҕырга оҕолору кытта үлэлиэхтэрэ. Билигин Нам улууһун Хатыҥ Арыыттан, Модуттан уонна Хатырыктан барыта 107 оҕо сынньанар. Лааҕырга оҥолорго «Доруобай буол» 17 хонуктаах тематическай симиэнэ бэлэмнэннэ. Ону кытта министиэристибэ Өлүөхүмэ уонна Нам улуустарыгар халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ үп-харчы хомуйуутун ыҥырыытын таһаардылар.
Сарсын, ыам ыйын 25 күнүгэр, Граф биэрэгэ нэһилиэккэ миниистир Нюргуна Соколова салайааччылаах биэдэмистибэ хамаандата үлэлиэҕэ.
Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…
«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…
Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…
Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…
Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…