Салгыы
Үөрэх туйгуна, спортсменка, патриот

Үөрэх туйгуна, спортсменка, патриот

Ааптар:
06.09.2023, 09:55
Хаартыска: sakhaparliament.ru
Бөлөххө киир:

Амма улууһун уонна Алтан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Саха сирин учуонай дьахталлара» холбоһук бочуоттаах президенэ  Екатерина Семеновна Никитина быйыл үбүлүөйдээх сыла. Екатерина Никитина «Саха сирэ» хаһыакка 2020 сыллаахха биэрбит интервьютун таһаарабыт. 

Ыраах 60-с сылларга Кыыс Амма өрүс кытылыттан дьоллоох Дьокуускай куоракка математик буолар баҕа санаалаах эдэркээн Катя Никитина  кэлбитэ. Кини сэттэ оҕолоох тыа ыалын  улахан оҕото буолан, ыраах Москубаҕа уонна Минскэйгэ үөрэххэ барар ­этиилэртэн аккаастанан, Саха судаарыстыбаннай университетыгар математика салаатыгар  үөрэнэ киирбитэ. Екатерина Семеновна  университекка  үлэлээбитэ быйыл 50-с  сылыгар барар, 7-с төгүлүн талыллан  алгебра  уонна геометрия хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, 6 монография, 60 научнай ыстатыйа ааптара. Екатерина Никитина – саха дьахталларыттан бастакынан геометрия хайысхатыгар наука хандьыдаата, учуутал, салайааччы, бэлиитик, спортсменка, эдьиий, эрэллээх дьүөгэ.

 

Кулун тутар – ыраастаныы ыйа

Аныгы кэмҥэ оҕо, эдэр ыччат доруобуйата мөлтөөн иһэрэ, кис­тэл буолбатах. Мин университекка мэлдьи бастакы куурустары үөрэтэбин. Холобур, быйылгы бастакы куурустарбыттан биир оҕо муннун хаана кэлэр, иккис оҕо дабылыанньалаах, үһүс оҕом  сүрэҕэ ыалдьар. Ити курдук доруобуйата мөлтөх оҕо үөрэнэ кэлэр буолла. Ити биир төрүөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ маассабай успуорт сайдыбатаҕа буолар. Холобур, оскуолаҕа билигин хайыһардаабаттар.

Киһи доруобуйатын саамай тупсарар успуорт көрүҥүнэн хайыһар буолар. Мин оскуолаҕа үөрэнэрбэр, дириэктэргэ эрэ ха­­йыһар баара. Ону уларсан ха­­йыһардаатахпына, мин саҕа дьоллоох оҕо суох буолара. Онтон устудьуоннуу, аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан хайыһарынан дьарыктаммытым. Аспирантураҕа киирэрбэр  сылы төгүрүччү хайыһардаары, Томскай куораты талбытым. Бэл диэтэр, чинчийэр үлэм садаачатын хайыһардыы сылдьан эмискэ суоттаабытым.

Ханна да үлэлээтэрбин, университекка, бырабыыталыстыбаҕа, Ил Түмэҥҥэ, Куорат мунньаҕар, ха­­йыһарбын бырахпатаҕым. Билигин, 72 сааспар, кыһын нэ­­диэлэҕэ үстэ-түөртэ хайыһардыыбын, сайын сүүрэбин, харбыыбын. Эдэр ыччат хайыһарынан умсугу­йан дьарыктанарын туһугар, уһу­йааҥҥа уонна  оскуолаҕа күүскэ дьарыктыахха наада. 1997 сыл­лаахха бырабыыталыстыбаҕа үлэлии олороммун, бастакы бэрэси­дьиэн Михаил Николаев өйөбүлүнэн, өрөспүүбүлүкэ оскуолатыгар барытыгар 10 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа хайыһар, тайах, бачыыҥка атыылаһан  түҥэппиппит. Билигин эмиэ ити курдук үлэни тэрийиэх тустаахпыт.

Былыр-былыргыттан сахалар кулун тутарга таһырдьа, айылҕаҕа сылдьаллара. Кыһыны быһа мустубут киртэн-хохтон, дьаҥтан-дьаһахтан  ыраастанар  кэм. Онон салгыҥҥа сылдьыҥ, ха­­йыһардааҥ.  30-тан үөһээ саастаах дьону “Чысхаан” кулууппутугар ыҥырабын.

Сэбиэскэй былаас бэлэмнээбит үлэһитэбин

Мин 22 сааспар бэлиитикэҕэ кэлбитим диэххэ сөп. Саха су­­даарыстыбаннай  университетыгар  устудьуоннуу сылдьаммын,  Куорат мунньаҕын дьокутаата буолбутум. Сэбиэскэй былаас  каадырын бэлиитикэтэ биир да түөрт сыананы ылбатах туйгун үөрэнээччини, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх кыыһы бэлиэтии көрөн, дьокутаакка, баартыйа сэкирэтээригэр диэри үүннэрэн таһаарбыта.  Хомсомуол 50 сылыгар Саха сирин усту­дьуоннарын аатыттан дэлэгээт буоламмын, Москва куоракка  үбүлүөйдээх пленумҥа кыттыбытым. Онтон баартыйаҕа киирэн, университет парткомун сэкирэтээринэн үлэлээбитим.

Бу үлэм сүбэһиттэринэн факультетым салайааччылара,  декан  Михаил Алексеев, хаапыдырам сэбиэдиссэйэ Устин Асекритов этилэр. Кинилэр бэйэлэрин солбу­йар дьону иитэн таһаарар соруктаах үлэлээбиттэрин кэлин өйдөөбүтүм. Эмиэ кинилэр сүбэлэринэн аспирантураҕа киирэн, 1978 сыллаахха геометрияҕа көмүскэммитим. Ол кэннэ үөрэммит кыһабар лаба­раантан саҕалаан, хаапыдыра сэбиэдиссэйэ, проректор ­буолбутум.

1995 сыллаахха  Дьокуускай куорат бастакы ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата буолбутум. Дьокутааттыы сылдьан көмө көрдөөн кэлбит дьоҥҥо барыларыгар көмөлөһө сатыырым.

2003 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Өрөгөй ырыатын быһаарар, талар 5-с хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ буолбутум. Биир сыллаах мөккүөрдээх үлэ түмүгэр Өрөгөй ырыата быһаарыллыбыта.

Аны 2004 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи үлэ бэтэрээнэ диэн аат сотуллубута, Арассыыйа  үлэтин бэтэрээнэ эрэ диэн хаалбыта. Ону утаран күүскэ үлэлээммит,  өрөспүүбүлүкэтээҕи үлэ бэтэрээнин чэпчэтиитэ барыта оннунан хаалбыта.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар бырагыраама оҥорон киллэрбитин төттөрү  биэрбиппит. Бэйэбит “Тыа хаһаайыстыбатын  биир кэлим сайдыыта” диэн ааттаах атын бырагырааманы оҥорбуппут олоххо киирбэккэ хаалбыта. Онно тыа сирин гаастааһыны, сүөһүнү ­иитиини барытын ымпыгар-чымпыгар диэри суруйбуппут. Билигин даҕаны тыа сирин олоҕун тупсарар, чэпчэтэр биир кэлим бырагыраама суох.

Дьахтар бэлиитик норуокка чугас буолар

Өрөспүүбүлүкэ  салалтата билиҥҥи  уустук кэмҥэ  сөп­төөх хайысханы  тутуһан үлэлиир. Кэскиллээх суолу тутустубут. Өрөспүүбүлүкэҕэ инвестиция киириитэ, Арктиканы сайыннарыы күүскэ баран эрэр. Ил Дархан  Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар, нэһилиэнньэ олоҕо тупсарыгар туһалаах бары боппуруостары туруорсар, үлэлиир. Бу туруорсуулара, этиилэрэ олоххо киирэллэригэр үрдүк квалификациялаах үлэһиттэр наадалар. Онон каадыры бэлэмниир үлэ күүскэ ыытыллыан наада. Эдэр дьон салалтаҕа, бэлиитикэҕэ киириэхтэрин, төрөөбүт дойдуларын туһугар үлэлиэхтэрин баҕарабын. Эр киһиттэн, дьахтарыттан тутулуга суох.

Дьахтар  бэлиитик норуокка чугас буолар. Дьахтар киһи баар кыһалҕаны барытын сүрэҕин нөҥүө аһардар. Эр киһи хайа баҕарар түбэлтэҕэ  үксүн  барыс туһунан толкуйдуур, оттон дьахтар аймах  ийэлии  толкуйдуур. Сокуон ылылларыгар, дьахтар бу сокуон боростуой киһиэхэ хайдах үлэлиэҕин этинэн-хаанынан  өйдүүр. Хайдах да дьахтар бэлиитик  буоллун, бары дьайыыны, уларыйыыны дууһатынан, сүрэҕинэн аһардар. Бэлиитикэҕэ дьахтар аҕы­йаҕа нэһилиэнньэҕэ – дьахтар дьиэни, оҕону көрүөхтээх диэн  олохсуйбут санааттан эмиэ буолуон сөп. Холобурдаан эттэххэ, дьахтар уонна эр киһи дьокутаат быыбарга турдаҕына, дьон эр киһини талар. Эр киһи үксүн бизнесмен буолар, ол аата тугу эрэ биэриэн сөп диэн толкуй баар. Дьиҥэр,  бы­­лааска 3 гыммыт биирэ дьахтар буо­луохтаах. Оччоҕуна дойдуну сала­йыыга, норуот кыһалҕатын өйдүүргэ баланс баар буолар.

Мин куорат салалтатыгар, Ил Түмэҥҥэ, бырабыыталыстыбаҕа эр дьон ортотугар үлэлээн кэллим. Баҕар ити үлэм тус олохпор мэһэйдээбитэ да буолуо. Ол да буоллар, төрөөбүт дойдум, норуотум туһугар “отличник синдромун” тутуһан, тугу барытын туйгуннук толорорго кыһаллан-мүһэллэн үлэлээн-хамсаан кэллим.  Кимиэхэ эмит чыычаах тумсун саҕаны да көмөлөспүт буоллахпына, миэхэ үчүгэй.

Университет – иккис дьиэм

Мин ханна да үлэлээбитим иһин, университекка үөрэтэбин. Оннооҕор Москваҕа  да олороммун, көтөн кэлэн лиэксийэбин ааҕарым. Сэттис  төгүлүн  ХИФУ учуонай сэбиэтинэн талыллан, алгебра уонна геометрия хаапыдыратын  сэбиэдиссэйинэн үлэлиибин. Математик буолар баҕалаах оҕо ахсаана аҕыйаабат, онон устудьуоннардаахпыт. Биһиги «ыраас» математиктары бэлэм­ниибит. Кинилэр наука хайа баҕарар хайысхатыгар салгыы үөрэнэ  барыахтарын сөп. Математик идэлээх киһи хаһан да охтон-сүтэн биэрбэт, олоххо бэйэтин миэстэтин булар диэн санааҕа устудьуоннарбын үөрэтэбин.

Хаапыдырабытыгар билиҥҥи кэм ирдэбилигэр эппиэттиир, “искусственнай интеллект” хайысхатыгар “Наука о данных и машинное обучение” диэн магистратураҕа  салаалаахпыт. Былырыын бу салааны 6 магистрант бүтэрбитэ, быйыл 1 кууруска 8 устудьуон үөрэнэ сылдьар. Магистратурабыт иккис хайысхата “Ахсаан үөрэҕэр чинчийээччи-учуутал” диэн. Манна оскуолаҕа үлэлии сылдьар учууталларга математика ыарахан суоттарын суоттуур ньымалары  үөрэтэбит. 1998 сылтан бу салаабыт сүрүн учууталынан Новосибирскай куораттан ыҥырыынан  кэлэн үлэлиир физика-математика наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Акрям Жафяров буолар. Кини салайыытынан үс үлэһиппит физика-математика  наукатын хандьыдаата буолла.  Өрөспүүбүлүкэ учууталларыгар ыарахан суоту суоттуурга аналлаах, билиҥҥи кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр сатабыл (компетенция) ньыматыгар олоҕурар үөрэх босуобуйаларын  суруйбут улахан өҥөлөөх. Бу босуобуйалар сүрүн  судаарыстыбаннай эксээмэни (ОГЭ) уонна биир кэлим судаарыстыбаннай  эксээмэни (ЕГЭ) туттарар оҕолорго олус туһалаахтар.

СГЭ, БКЭ үөрэх систиэмэтигэр киирбитин кэннэ оҕо үрдүк үөрэҕи ыарырҕатар буолла. Ити систиэмэ оскуолаҕа киирбитэ оҕону сайыннарарга буолбакка, биир таһымнаах  билиини эрэ биэриигэ ти­­риэртэ. Бэйэтэ толкуйдуур, мындыр толкуйдаах оҕо кэлбэт буолла, бэриллэр суоту сөпкө эрэ суоттуу сатыыллар. Дьиҥэ,  ахсаан үөрэҕэ диэн ускуустуба. Ускуустубата суох дьиҥнээх ахсаанньыт буолбаккын. БКЭ иннинэ үөрэнэ кэлбит усту­дьуоннартан “үс муннуктар тэҥнэрин бэлиэтин” туһунан ыйыттахпына, тута хоруйдууллар этэ. Оттон билиҥҥи  устудьуон ону билбэт. Маҥнайгы куурустарга нэдиэлэҕэ түөрт чаастаахпын эрээри, эбии икки чааһы туруортаран дьарыктыыбын.

Дьокутаат эрдэхпинэ бу сис­тиэмэ эспэримиэн быһыытынан өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитигэр  киирбитэ. Ону   мин утарбытым да, син биир олоххо киирбитэ уонна билигин да үлэлии турар. Ол иһин оскуолаҕа математиканы тылынан туттарар эбии эксээмэни киллэриэххэ диэн туруорсабын. Дьиҥэ, барыта оскуолаттан саҕаланар, ол иһин оскуолаҕа толкуйдуурга үөрэтиэххэ наада. Оччоҕуна оҕо инники олоҕун былаанныыр, бэйэтигэр сөптөөх хайысханы тутуһар. Холобур, мин Аммаҕа оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр биир дойдулааҕым Николай Ефремов ­улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ математика олимпиадаларыгар кыайар этэ. Кини филология  наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр, саха тылын биир биллиилээх учуонайа буолбута. Хайдах математиктан тыл үөрэхтээҕэ буоллуҥ диэбиппэр,  саха тыла эмиэ математика курдук диэбитэ. Онон ахсаан уонна тыл ыкса сибээстээхтэр. Математик киһи хайа баҕарар араҥаҕа ситиһиилэниэн сөп.

Чөл туруктаах  норуот  кэскиллээх

Билигин ордук өрөспүүбүлүкэҕэ маассабай успуорт сайдарын туһугар туруулаһан үлэлиибин. Норуот баайа-дуола – доруобуйата буолар. Чөл туруктаах  норуот кэскиллээх. Мин билиҥҥи үлэм норуотум доруобуйатын тупсарарга туһуланар. Эдэрдиин-эмэнниин чөл туруктаах, чэ­­гиэн-чэбдик буолар туһуттан хайыһардыаҕыҥ. Дьокуускай куорат 5 №-дээх успуорт оскуолатын дириэктэрин Александр Слепцову кытта Владимировка бөһүөлэгин аттыгар хайыһар тыраассатын  түөрт сылы быһа арыйа сатыыбыт. Бу баҕа санаабыт дьэ туолуох курдук буолла. Манна ким баҕалаах кэлэн хайыһардыыр, эрчиллэр  буолуоҕа. Хайыһардыыр киһи өйдүүн-са­­наалыын ырааһырар, инникигэ эрэллээх  буолар.

Ньургуйаана Иванова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: