Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа буолуоҕа
Тохсунньу 20-22 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин үлэһиттэрин үгэскэ кубулуйбут тохсунньутааҕы мунньаҕа буолуоҕа. Тэрээһиҥҥэ үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, управление начаалынньыктара, үрдүк үөрэх кыһатын ректордара, педагогическай уопсастыбаннас, үөрэх тэрилтэтин бэтэрээннэрэ, төрөппүттэр, о.д.а. кыттыахтара.
Тэрийээччилэр үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова салайааччылаах киэҥ ис хоһоонноох бырагырааманы бэлэмнээбиттэр. Тохсунньу 20 күнүгэр СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин 2024 сыллааҕы үлэтин түмүгүн отчуота буолуоҕа.
Тохсунньу 21 күнүгэр Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕын бары былаһааккалара Үлэ кыбаарталыгар ыытыллыахтара. Ол курдук, Ил Дархан А.С.Николаев кыттыылаах пленарнай мунньах буолуоҕа.
“Актуальные аспекты профильного образования” диэн аатынан тус-туспа хайысхаларынан дискуссионнай былаһаакка үлэлиэҕэ: политиэхиньиичэскэй үөрэхтээһин, агротехнологическай үөрэхтээһин, учууталлары тус сыаллаах бэлэмнээһин, муусука үөрэхтээһинэ, ХИФУ уонна оскуолалар бииргэ үлэлэһиилэрэ, о.д.а.
“Профильнай үөрэхтээһин бастыҥ быраактыката” диэн коммуникативнай сиэссийэҕэ оскуолалар, орто үөрэхтэр, бөдөҥ тэрилтэлэр бииргэ үлэлэһиилэрин холобурун кэпсиэхтэрэ.
Тохсунньу 22 күнүгэр “Составление региональной модели индивидуальных учебных планов” бырайыактыыр сиэссийэ, орто үөрэх уонна оскуола дириэктэрдэрин сэбиэтин “төгүрүк остуола”, 2036 сылга диэри (2040 сылга диэри көрүүлээх) үөрэҕи сайыннарыы мунньаҕа, оҕону партиотическай тыыҥҥа иитиигэ аналлаах сиэссийэ, төрөөбүт дойду устуоруйатын үөрэтии суолталаах боппуруостарын тула “төгүрүк остуол”, миниистир үөрэх тэрилтэлэрин, улуус баһылыгын солбуйааччыларын кытта мунньаҕа, уо.д.а. тэрээһиннэр былааннаналлар.
Тохсунньу 20-23 күннэригэр үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин таһымын үрдэтэр куурустар ыытылыахтара.
Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕын бырагырааматын сиһилии манна көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: