Бэҕэһээҥҥиттэн үөрэх үлэһиттэрин үгэскэ кубулуйбут Тохсунньутааҕы мунньаҕа ыытылла турар. Быйылгы тэрээһин тохсунньу 22-26 күннэригэр буолар.
Мунньах Саха сиригэр үөрэх биир кэлим ситимин сайыннарыыга туһаайыллар. Ил Дархан “2030 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэх биир кэлим ситимин сайыннарыы туһунан” Саҥа дьыл иннинээҕи Ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн итиэннэ Оҕо саас, Дьиэ кэргэн сылынан үөрэх бары хайысхатын хабан киэҥ бырагыраамалаах барар. Тустаах ыйаахха Ил Дархан үөрэҕи сайыннарыы сүрүн хайысхаларын ыйбыта. Тэрээһиҥҥэ үөрэх эйгэтин салайааччылара, үөрэх тэрилтэлэрин дириэктэрдэрэ, педагогическай үлэһиттэр, төрөппүттэр уонна оҕолор уопсастыбаннастарын бэрэстэбиитэллэрэ, араас уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна биисинэс салаатын бэрэстэбиитэллэрэ кытталлар. Ону тэҥэ, федеральнай эспиэртэр кытталлара былааннанар.
Тэрээһин кыттыылаахтарыгар Ил Дархан ыйааҕын туолуутугар туһаайыллыбыт уонна Оҕо саас, Дьиэ кэргэн сыллара ыытыллыытынан киэҥ бырагырааманы бэлэмнээбиттэр. Мунньахха үөрэх бары хайысхатын хабыахтара.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038