Салгыы
Үөрэххэ сыһыаннаах сыыппаралар

Үөрэххэ сыһыаннаах сыыппаралар

23.10.2023, 17:30
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Иннибэр 1967 сыллаахха Саха АССР статистикаҕа управлениета таһаарбыт “Якутия за 50 лет в цифрах” кинигэ сытар. Хомуурунньукка Саха АССР-га салааларынан сыыппаралар, чахчылар киирбиттэр. Ол иһигэр норуот үөрэҕириитэ эмиэ баар. Бүгүҥҥү нүөмэргэ мантан сирдэтэн, үөрэххэ сыһыаннаах аҕыйах  сыыппаралары тэҥнээн көрдөрөбүн. Түмүк санааны ааҕааччы бэйэҥ ылынаар. 

Нэһилиэнньэ ахсаана

Ааҕарга-суоттуурга судургу буоларын туһугар, маҥнай нэһилиэнньэ ахсаанын ылан көрүөҕүҥ. Үөрэххэ улахан сыһыана суох эрээри, болҕомтоҕутун тыа сириттэн куоракка көһүү сыыппаратыгар хатыыргытыгар ыҥырабын.

Нэһилиэнньэ барыта (тыһ.) Куорат

олохтооҕо (тыһ.)

Тыа сирин олохтооҕо  (тыһ.) Куорат олохтооҕо (%) Тыа сирин олохтооҕо (%)
1917 с.      264,1       11,5 252,6 4,4 95,6
1926 с. (ахс. 17 к. биэрэпис)    287,3       15,3 272,0 5,3 94,7
1967 с. (тохс. 1 к. туругунан)    645,6       360,6 285,0 55,9 44,1
2023 с. (тохс. 1 к. туругунан) 997 565 670 281 327 284

Нэһилиэнньэ кырааматынаһа

Өрөбөлүүссүйэ иннинэ нэһилиэнньэ 2 бырыһыана эрэ ааҕар-суруйар кыахтаах этэ. Өксөкүлээх Өлөксөй балтараа үйэ анараа өттүгэр: “Сахаларга үөрэхтээх дьон ахсаана соххорунааҕар аҕыйах”, – диэн хараастан туран этэрин бүгүн үгүстүк холобурдуубут. Чахчы оннук этэ. Холобур, манна сурулларынан, Саха АССР-га 9-49 сааһыгар диэри кырааматынай дьон ахсаана бырыһыанынан ыллахха маннык эбит:

Барыта Куорат олохтооҕо Тыа сирин олохтооҕо Эр дьон Дьахтар
1897 с. 7,2 46,6 5,6 10,8 3,0
1926 с. 16,0 66,3 5,6 22,0 9,0
1959 с. 87,1 93,7 80,2 91,0 83,1

Манна аныгы кэм үөрэхтээх дьонун ахсаанын тэҥнии тутар дьүөрэтэ суоҕа биллэр. Оҕо барыта уһуйаанынан хааччыллыахтаах, үөрэниэхтээх диэн соругу туруораллар. Билигин үөрэҕи кэтээн көрөөччүлэр араас чинчийиилэри, тэҥнэбиллэри оҥороллор. Ол иһигэр Арассыыйа бэйэтин да, тас дойдулары даҕаны кытта сыыппараларын эрэдьиэстииллэр.  Оччотооҕу кырааматынаһы кытта ол сыыппаралар араа-бараа буолуохтара эбитэ дуу. Чэ, ол туспа көрдөрүү.

Оскуола үөрэнээччитин ахсаана

Статистика бу кинигэтигэр, 1917 сыллаахха Саха сиригэр баара-суоҕа 173 оскуола баара, онно 254 учуутал үлэлиирэ ыйыллар. Оттон ити сыыппара билигин хайдаҕый? Төһө уларыйбытын тэҥниэҕиҥ.

1914/15 1927/28 1945/46 1966/67 2022/23
Оскуола 172 160 558 745 634
Үөрэнээччи ахсаана тыһ.) 4,7 10,0 60,6 149,4 153 044
Учуутал ахсаана 248      — 2858 8677 14272

Үөрэнээччи, устудьуон ахсаана (тыһ.)

Аны силигин ситэрэрдии үөрэнээччи, устудьуон ахсаанын сыымайдыаҕыҥ. 1927-1928 үөрэх дьылыгар 3, 1945-46 үөрэх дьылыгар 18 орто үөрэх тэрилтэтэ баара ыйыллар. Үөрэх уонна билим министиэристибэтиттэн ыйыталаспыппар, 2022-2023 үөрэх дьылыгар 42 орто үөрэх баарын туһунан иһитиннэрбитэ.

Онтон 1945-1946 сс. – 2, 1966-1967 сс. – 1 үрдүк үөрэх баара суруллар. Ааспыт үөрэх дьылыгар Саха сиригэр барыта федеральнай бас билиигэ баар 5 итиэннэ эрэгийиэннээҕи 1 үрдүк үөрэх тэрилтэтэ идэҕэ бэлэмниир.

1914/15 1927/28 1945/46 1966/67 2022/23
Оскуолаҕа 4,7 10,3 60,6 149,4      153044
орто үөрэххэ      — 0,3 4,3 10,0      24 103
үрдүк үөрэххэ      —       — 0,9 5,3  24 тыһ. тахса

Мантан көстөрүнэн, орто да, үрдүк даҕаны үөрэхтээх дьону идэҕэ бэлэмнээһиҥҥэ улахан хардыы оҥоһуллубут. Ыччаты үөрэтии оннооҕор сэрии ыар сылларыгар тохтооботоҕо. Төттөрүтүн, кыра оҕолору көрүү өҥөтө ити эргин сыллартан аһыллан барбыта биллэр.

Түмүк

Омос көрдөххө, бу аҥаардас сыыппаралар курдук эрээри, Саха сиригэр үөрэхтээһин хаамыытын, сайдыытын ытыска уурбуттуу дьэҥкэтик көрдөрөллөр. Барыта хаһыат сирэйигэр баппатынан сибээстээн, сорох эрэ сылларын хаптым.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: