Өрөспүүбүлүкэҕэ бэс ыйын 15 күнүттэн орто, үрдүк үөрэх кыһаларыгар 2024–2025 үөрэх дьылыгар докумуоннары тутуу саҕаланна. Бүгүн үөрэххэ туттарсыыга сүрүн быраабылалары, сонуннары билиһиннэрэбит.
Федеральнай, эрэгийиэннээҕи үрдүк үөрэхтэри, филиаллары ааҕан туран Саха сиригэр барыта алта үрдүк үөрэх тэрилтэтэ баар: М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай института, Саха сиринээҕи уу тырааныспарын института, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт института, В. А. Босиков аатынан Муусука үрдүкү оскуолата (институт).
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет үөрэххэ туттарсааччылартан сайабылыанньалары бэс ыйын 15 күнүттэн тутан саҕалаата. Онтон атыттар — бэҕэһээҥҥиттэн, бэс ыйын 20 күнүттэн.
Үөрэххэ туттарсарга биир кэлим эксээмэн баалыгар кыра даҕаны эбии баал улахан оруоллаах. Ол курдук, абитуриент тус ситиһиитин иһин 10 баалга тиийэ эбиниэн сөп. Манна успуорка ситиһии, ГТО, олимпиадаларга, билим кэмпириэнсийэлэригэр миэстэлэһии, оскуоланы, орто үөрэҕи кыһыл дьупулуомунан бүтэрии, волонтердар үлэлэригэр кыттыы, о. д.а. киирэллэр. Толору испииһэги туттарсар үөрэххит саайтыгар киирэн сыныйан көрүҥ. Бу орто үөрэххэ туттарсарга эмиэ оруоллаах.
“Каадыры бэлэмнээһини үлэ ырыынагар сөп түбэһиннэрэр инниттэн, быйыл эрэгийиэҥҥэ түөрт саҥа исписээлинэс аһыллар: интеллектуальнай интегрированнай систиэмэ, роботизированнай оҥорон таһаарыыны туһаныы уонна хааччыйыы (салааларынан), бырамыысыланнай тэрили таҥыы, тиэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыы, туһаныы уонна өрөмүөннээһин (салааларынан), гидравлическай уонна пневматическай тэрили таҥыы, тиэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыы уонна өрөмүөннээһин (салааларынан)” — диэн туһааннаах министиэристибэ иһитиннэрэр.
Саха сиригэр баар үрдүк үөрэхтэр (университеттар, институттар) үгүстэрэ орто үөрэхтээхтэр. Манна туттарсарга биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) ирдэммэт, аттестат орто баалын эрэ көрөллөр. Холобур, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка АйТи, тутааччы, сыбаарсык, сиэстэрэ, буҕаалтыр, юрист идэлэригэр бэлэмнииллэр. Итинтэн АйТи, тутааччы идэлэригэр бүддьүөттэн 63 миэстэҕэ тиийэ федеральнай хааһынаттан босхо миэстэлэр көрүллүбүттэр. Ол эрээри, чуолаан ХИФУ орто үөрэхтэригэр 11‑с кылаас эрэ кэнниттэн ылаллар.
Онтон Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка (АГАТУ) 9‑с уонна 11‑с кылаас кэнниттэн туттарсыахха сөп. Холобур, 9‑с кылаас кэнниттэн программист, буҕаалтыр, юрист, асчыт, 11‑с кылаас кэнниттэн тиэхиньик-теплотехник, тиэхиньик-мэхээньик, буҕаалтыр, юрист, землеустройство исписэлииһэ, агроном, зоотехник идэлэрэ бааллар. 9‑с кылаас кэнниттэн программист идэтигэр туттарсыан баҕалаахтар манна сайабылыанньаҕытын биэриэххитин сөп, бүддьүөттэн 25 босхо миэстэ көрүллүбүт.
Атын даҕаны үрдүк үөрэхтэр эмиэ орто идэлээхтэри бэлэмнииллэр. Ол курдук, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай институтугар 9‑с кылаас кэнниттэн успуорт (бүддьүөттэн 10 миэстэлээх), 11‑с кылаас кэнниттэн физическэй култуура (бүддьүөттэн 30 миэстэлээх), социальнай үлэһит (төлөбүрдээх 10 миэстэлээх) идэлэригэр үөрэххэ ылаллар.
Үлэ ырыынагар билиҥҥи кэмҥэ ирдэнэр, кэскиллээх идэлэри баһылыан баҕалаах элбэх оҕолоох ыал оскуоланы бүтэрээччилэрин өйүүр инниттэн, соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев саҥа уурааҕа тахсыбыта. Онно олоҕуран, Саха сиригэр үлэ ырыынагар ирдэнэр идэлэргэ, исписээлинэстэргэ төлөбүрдээх орто үөрэххэ киирэн үөрэнэр түгэнигэр, элбэх оҕолоох ыал оҕотугар, үөрэҕин былаһын тухары 50 тыһ. солк. биир кэмнээх харчынан төлөбүр оҥоһуллуохтаах. Олохтоох Бырабыыталыстыба бу сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри төлөбүр көрүллүүтүн усулуобуйатын, бэрээдэгин быһаарыахтаах. Итиэннэ балаҕан ыйын 1 күнүттэн харчыны ыытыахтаах. Билиҥҥитэ чопчу ханнык идэлэр, исписээлинэстэр киириэхтэрин этэ иликтэр. Ол да буоллар, элбэх оҕолоох дьоҥҥо улахан өйөбүл буолар чинчилээх диэн бэлиэтиир оруннаах. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ орто үөрэххэ сыллааҕы төлөбүр ортотунан 80 тыһ. солк.
Биллэн турар, дойду киин куораттарыгар курдук да буолбатар, ырыынак хамыытынан сыана кыралаан үрдүүрэ биллэр. Ол эрээри, аттестаттарын орто бааллара үрдүк оҕолорго, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, үөрэх тэрилтэлэрэ бииргэ үлэлэһэр оскуолаларын оҕолоругар, о. д.а. чэпчэтиилэр көрүллэллэр.
“Мэдиссиинэ ыспыраапкатын олохтоох дьаһалтаҕа, нотариуска бигэргэттэрэр ирдэнэр дуо?” — диэн хас сыл ахсын ыйыталлар. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет киин тутар хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, үөрэххэ туттарсааччы мэдиссиинэ ыспыраапкатын ханна даҕаны бигэргэттэрэрэ ирдэммэт. “Тута хас даҕаны ахсааннаах ыспыраапканы толорторуохха сөп. Оригинал баар түгэнигэр, биһиги туох даҕаны бигэргэтиитэ суох ыспыраапка куопуйатын ылабыт. Ол эрээри, куопуйаны оригиналын кытта булгуччу тэҥнээн көрөбүт” — диэн быһаарда. Ол эбэтэр абитуриент ыспыраапкатын оригиналын ханна даҕаны туттарбакка, илиитигэр тута сылдьан, сайабылыанньаларын кытта куопуйаны биэриэн сөп. Онон, бастакытынан, эбии харчыны барыыр ирдэммэт. Иккиһинэн, мэдиссиинэ, педагогика, геология, хайа дьыалата, автодорожнай, тиэхиньиичэскэй исписээлинэстэргэ 29 н пуормалаах ыспыраапка ирдэнэр. Онтон атыттарга 086у пуормалаах барсар. Үөрэххэ туттарсааччылар мэдиссиинэ көрүүтүн ХИФУ килииникэтигэр ааһыахтарын сөп. Холобур, 086у пуормалаах ыспыраапка сыаната 1100 солк. тэҥнэһэр. Сиһилии ХИФУ саайтыгар киирэн көрүҥ.
2024–2025 үөрэх дьылыгар докумуону тутуу сорох үөрэх кыһаларыгар бэс ыйын 15 күнүттэн саҕаламмыта. От ыйын 7 күнүгэр, Орджоникидзе болуоссатыгар сыллата ыытыллар “Профориентация‑2024” идэ туһунан билиһиннэрэр эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка тэриллиэҕэ. Бу күн үрдүк, орто үөрэх кыһаларын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн ханнык идэлэргэ туттарсыахха, үөрэҕи бүтэрдэххэ ханна, туох үлэһит буолуохха сөбүн, тус сыаллаах үөрэх туһунан уонна да атын ыйытыыларга хоруйдуохтара, буклеттары түҥэтиэхтэрэ, сүбэ-ама биэриэхтэрэ. Сорох үөрэх кыһалара сайабылыанньаны манна миэстэтигэр эмиэ тутааччылар.
Докумуону үөрэх тэрилтэтигэр миэстэтигэр кэлэн, “Поступление в вуз онлайн” суперсервис көмөтүнэн, судаарыстыбаннай өҥө порталынан туттарыахтарын сөп. Бэс ыйын саҥатыттан өрөспүүбүлүкэ абитуриеннарыгар аналлаах суһал лииньийэ үлэлиир, 122 нүөмэргэ эбии 9 сыыппараны баттаан сэҥээрэр ыйытыыларыгар сиһилии хоруйу ылыаххытын сөп.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…