Үөрэххэ туттарсыы түмүктэнэр
Дьиэ кэргэн туругун балачча хамсатар биир эппиэттээх хампаанньа син бүтэр уһуга көстөн эрэр. Аҕыйах хонугунан ким үөрүө, ким хомойуо турдаҕа…
Университет устудьуона буолаары
От ыйын 25 күнүгэр үрдүк үөрэх кыһаларын төлөбүрэ суох миэстэлэригэр докумуоннары ылыы бүттэ. Быйыл университекка орто үөрэхтэн саҕалаан аспирантураҕа, ординатураҕа тиийэ 4136 төлөбүрэ суох миэстэ көрүллүбүт.
Тутар хамыыһыйа салайааччытын солбуйааччыта Петр Кычкин этэринэн, от ыйын 23 күнүнээҕи туругунан, 6200-тэн тахса абитуриентан 19763 сайабылыанньа киирдэ.
“От ыйын 25 күнүгэр БКЭ түмүгүнэн 3056 бүддьүөт миэстэтигэр туттарсар абитуриеннартан докумуоннары ылан бүттүбүт, – диир Петр Петрович. – Дьэ ол кэнниттэн саамай кэтэһиилээх кэм саҕаланар – киирдим дуу, суох дуу диэн. Ол кэм түһүмэхтэргэ арахсар. Бастакы “приоритет” дэнэр түһүмэххэ Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттыбыт оҕолору куонкуруһу таһынан ылабыт. Оттон квотанан киирээччилэр бараллар: тус сыаллаах, тулаайах, инбэлиит, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро, онно кыттыбыт дьон. Бу түһүмэххэ баар туттарсааччы ахсаана 1000-тан тахса. Оттон уопсай туттарсар оҕолор киирбиттэрэ-киирбэтэхтэрэ атырдьах ыйын 4-9 күннэригэр биллиэҕэ.
Абитуриеннар саамай ыйытар ыйытыылара, хаһааҥҥа диэри докумуон оригиналын тутаҕыт диэн. Бастакы түһүмэххэ киирбиттэртэн докумуоннарын – аттестаты уонна диплому – от ыйын 28 күнүгэр киэһэ 18.00 чааска диэри тутабыт. Бу кытаанахтык тутуһуллар. Оттон уопсай туттарсан киирбиттэр атырдьах ыйын 3 күнүгэр диэри, эмиэ 18.00 чааска диэри аҕалан биэриэхтээхтэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара биитэр кинилэр оҕолоро военкоматтан ыспыраапка аҕалыахтаахтар.
– Оттон төлөбүрдээх үөрэххэ түбэспиттэр?
– Атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри төлөбүрдээх үөрэххэ ылабыт. Сороҕор бүддьүөт миэстэтигэр эбии ылыы саҕаланааччы, онно олох туспа тутар хампаанньа үлэлиир. Оннук буолара-буолбата атырдьах ыйын 9 күнүгэр эрэ биллиэ.
Төлөбүрдээх үөрэх толору төлөбүрдээххэ уонна кыччатыллыбыт төлөбүрдээххэ арахсар. Бакалавриакка, специалитекка сыллааҕы толору төлөбүр 293 тыһ. солк-тан 554 тыһ. солк-га диэри халбаҥныыр. Бу 554 тыһ. солк. “Литературнай айар үлэ” диэн идэҕэ баар. 3 миэстэҕэ уонча киһи баар буоллаҕына, ону институт факультетын салалтата бэйэтэ быһаарар.
Сыанабыт 40 бырыһыан чэпчээн, сыллааҕы төлөбүр 168 тыһ. солк. буолар. Онно БКЭ-нэн 160-тан үрдүк бааллаах оҕолор, орто анал үөрэх кэнниттэн кэлэн биһиэхэ эксээмэн туттарбыттар, бэлэмнэнии факультетын бүтэрбиттэр уонна тулаайахтар, инбэлииттэр түбэһэллэр. Маны таһынан БКЭ-тин баала 210-тан үрдүк буоллаҕына, 156 тыһ. солк.-даах үөрэхтэр эмиэ бааллар.
Оттон кэтэхтэн үөрэнии төлөбүрэ сылга 80-ча тыһ. солк.
Үрдүк үөрэххэ киирбэтэхтэринэ, биһиги испитинэн баар орто үөрэхтэргэ киириэхтэрин сөп. Быйыл университет үрдүнэн төлөбүрэ суох үөрэх (275 миэстэ) тутуу уонна айти-идэлэри биэрэр Инфраструктурнай технология колледжыгар эрэ баар.
Төлөбүрэ суох үөрэх манна баар
Уу тырааныспарыгар үлэлиир дьон сааһыран, каадыр наада буолбутун истэн, Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтугар бара сырыттым.
Тутар хамыыһыйаҕа Мария Воронова уонна Галина Осипова үлэлии олороллор. Иккиэн манна үлэлииллэр, куратордыыллар эбит. “Билигин мин куурсум оҕолоро ким эрэ Эдьигээҥҥэ, ким эрэ хоту, ким эрэ Иркутскай уобаласка сылдьаллар, бастакы хамнастарын ылан үөрэн-көтөн эрийбиттэрэ”, – диэн үөрүүтүн үллэстэр Мария Воронова.
Итиэннэ кыргыттар бэйэлэрин үөрэхтэрин кыһата туох үчүгэйдээҕин тоҕо хоро кэпсээтилэр. Бу институт Сибиирдээҕи уу тырааныспарын университетын филиала буолар. Бу уолаттарга аналлаах үөрэх, төлөбүрэ суох үөрэнэллэр, күҥҥэ үстэ босхо аһаталлар, формалары эмиэ биэрэллэр, үөрэнэр сирдэрэ уопсай дьиэлэрин кытта холбуу турар. Иккис куурус кэнниттэн навигацияҕа быраактыкаланаллар, үлэлэрин ыстааһа ааҕыллыбытынан киирэн барар. Быйыл 9-с кылаас кэнниттэн 5 хайысхаҕа, 11-с кылаас кэнниттэн 3 идэҕэ докумуоннары тута олороллор.
– Улуус оҕолоро төһө кэлэллэрий?
– Кэлиҥҥи сылларга саха оҕото киирэрэ элбээтэ. Үөрэх ыарахан, чэпчэки буолбатах. Ону тулуйбуттар, навигацияҕа быраактыкалана тиийэн баран, наһаа астыналлар. Ыйга кырата 60 тыһ. солк. ылаллар. Аны иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, “рулевой моторист” корочкатын ылан, кыра суудуналары ыытар бырааптаналлар. Оттон электриктэр “судовой электрик” киэнин ылаллар.
– Ити сайыҥҥы ыйдарга сылдьаллар дуо?
– Навигация кулун тутар эргин саҕаланар. Улахан куурустар суудунаны бэлэмниир үлэҕэ сылдьаллар, оттон өрүс барыаҕыттан туруор диэри 6 ый курдук усталлар.
– Туох идэни баһылаан тахсалларый?
– “Логистика” диэн идэ
былырыын киирбитэ, таһаҕас ханна барарын быһааран биэрэр идэ. Гидротиэхиньиктэр бэлиэлэри туруораллар, өрүс түгэҕин дириҥэтэр үлэни ыыталлар. “Суудунаны ыытыыга” – хапытаан буолаллар. Судомэхээньик, электромэхээньик идэлэрэ бааллар. Ордук хапытаан буолаары, суудунаны ыытар идэҕэ биэрэллэр. Манна 9-с кылаас кэнниттэн 30 бүддьүөт миэстэтэ, 11-с кылаас кэнниттэн эмиэ 30 төлөбүрэ суох миэстэ баар, баһаалыста кэлэн киириҥ. Электромэхээньик идэтигэр 40 бүддьүөт миэстэтэ кэтэһэр, уопсайынан төлөбүрдээх үөрэх кэтэхтэн үөрэниигэ эрэ баар. Соторутааҕыта үөрэтэр-эрчийэр киин аһыллыбыта, онно үһүс куурустан баһаарынай өттүнэн бэлэм буолууга үөрэнэллэр.
– Үрдүк үөрэх эмиэ баар дуо?
– Баар, орто үөрэҕи бүтэрэн баран, тута үрдүккэ киириэхтэрин сөп. Манна эмиэ төлөбүрэ суох миэстэлэрдээхпит. Күнүскү үрдүк үөрэххэ докумуону туттарыы от ыйын 25 күнүгэр бүттэ, орто үөрэххэ атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри ылабыт. Кэтэхтэн киириэн баҕалаахтары сэтинньи 25 күнүгэр диэри күүтэбит.
Наталья И. оҕото физико-тиэхиньиичэскэй институкка туттарса сылдьар:
– Сайабылыанньаны биэс үрдүк үөрэх кыһатын биэстии идэтигэр биэриэххэ сөп эбит, эчи элбээбитин. ХИФУ-ну таһынан киин вузтарга эмиэ биэрдибит. Биир дьиктиргэтэр – тоҕо биһиэхэ үөрэх төлөбүрэ наһаа үрдүгүй? Холобур, Владивостокка, Хабаровскайга быдан чэпчэки.
Итинтэн сылтаан эмиэ биир кэпсэтии өйбөр көтөн түстэ – Саха сиригэр үөрэх төлөбүрэ үрдүгүттэн төрөппүттэр оҕолорун Казахстаҥҥа ыытан эрэллэр диэн. Онно 160 тыһ. солк. эбит. Итинник үөрэх сыанатын наһаа үрдэтэн, оҕолорбутун атын дойду исписэлиистэрэ оҥорон эрэбит дуу?
Магистратура аһылынна
Историческай факультекка саамай элбэх сайабылыанньа “Политология” идэтигэр киирбит. Ол кэнниттэн “устуоруйа-обществознание” диэн педагогическай хайысхалаах идэҕэ элбэх сайабылыанньа киирбит, салгыы археологтары, этнографтары, устуоруктары иитэн таһаарар “Устуоруйа” идэ кэлэр.
Оттон үрдүк үөрэх дипломнаах дьоҥҥо быйыл магистратураҕа икки саҥа хайысха киирбит: “Арассыыйа Арктикатын хотугулуу-илиҥҥи өттүн баһылааһын устуоруйата” – бу Арктиканы баһылааһын уонна чинчийии тирээн турар кыһалҕаларыгар аналлаах бырагыраама уонна “Устуоруйа. Устуоруйа-култуурунай нэһилиэстибэ: технологиялар гипермедиалара” саҥа инновационнай технологиялары баһылаан, сыыппараҕа киллэрэн устуорукка көмөлөһөр бырагыраама. Бу күнүскү үөрэх, ол эрээри үксүн үлэлиир дьон киирэллэрин быһыытынан сөптөөх график оҥоһуллар. Магистратура икки сыллаах. Маны таһынан патриотическай иитиигэ араас тэрээһини ыытар учууталларга аналлаах “Арассыыйаҕа гражданскай үөрэхтээһин” диэн бырагыраама баар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: