Үөрэххэ туттарсыы түмүктэннэ
М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэххэ туттарсыы сүрүн хампаанньата бүттэ. Ааспыт нэдиэлэтээҕи туругунан, барыта 5000-тан тахса киһи үөрэххэ киирэн, устудьуон олоҕун билэн эрэр.
Тус сыаллаах үөрэх
Ректор Анатолий Николаев иһитиннэрбитинэн, бүддьүөт миэстэтин барытын саппыттар. Быйыл Судаарыстыбаннай өҥө порталын, “Поступи онлайн” нөҥүө элбэх оҕо докумуонун туттарбыт.
Быйыл тус сыаллаах үөрэххэ улахан уларыйыы баара. Работа.ру порталынан федеральнай систиэмэнэн барда, кэккэ уратылардаах диэн ректор этэр. Былырыын 360-ча тус сыаллаах сөбүлэҥинэн үөрэххэ ылбыт эбит буоллахтарына, быйыл – 260-ча. Ол да буоллар, атын үрдүк үөрэх кыһаларыгар тэҥнээтэххэ, ХИФУ тус сыаллаах үөрэххэ ылыыта ордук эбит.
Ханнык идэлэри сэҥээрэллэр
“Кэлиҥҥи сылларга мэдиссиинэ институтун, тас дойду филологията уонна регионоведение институтун улаханнык сэҥээрэллэр. Кэккэ сылларга аангылыйа, кытай тыллаах лингвистикаҕа туттарсаллар. Бу хайысхаларга биир миэстэҕэ, ортотунан, 20-40 киһи куонкурустаһар, оттон университет үрдүнэн – 4,5.
Хомойуох иһин, сорох педагогическай хайысхаларга орто баал намтааһына бэлиэтэнэр. Манна кэккэ төрүөттэр бааллар, обществознаниеҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир кэлим эксээмэн түмүгэ намыһах соҕус.
Инженернэй хайысхаларга куонкурус быдан үрдүк буолуо диэн кэтэспиппит да, олус улахан буолбатах. Сорохторго, өрүү буоларыныы, үрдүк. Уопсайынан ылан көрдөххө, инженернэй хайысхаҕа ирдэнэр биир кэлим эксээмэни туттарааччы оҕо аҕыйах. Холобур, инженернэй хайысхаларга үгүстэригэр физика эксээмэнин түмүгэ көрүллэр. Икки сыл анараа өттүгэр физикаҕа эксээмэни 900-чэ оҕо туттарар эбит буоллаҕына, быйыл 650-ча эрэ”, – диэн быһаарар. Итинтэн хас эрэ бырыһыана “боруогу” кыайан ааспатах, хас эрэ бырыһыана кыра баалга туттарбыт буолуон сөп. Оччотугар куонкурустаһар кыахтаах оҕо тарбахха баттанар. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл дойду үрдүнэн физика биридимиэтин талан туттарааччы биллэ эбиллибитин туһунан дойду сонуну тарҕатар киин ситимнэрэ сырдаталлар.
Инникитин туох уларыйыы киириэн сөбүй
Ректор иһитиннэрбитинэн, инникитин үөрэххэ туттарсыыга өссө улахан уларыйыы киириэн сөп эбит, чуолаан педагогическай хайысхаҕа. Ол курдук, бу иннинээҕи сылларга, холобур, физика учууталын идэтигэр туттарсааччы физиканы туттарбакка эрэ ити биридимиэт оннугар математика баалын көрдөрүөн сөп эбит буоллаҕына, эһиилгиттэн туттарсар хайысхаларын биридимиэтэ олоччу ирдэниэх курдук эбит. Ол эбэтэр нуучча тылын таһынан, физикаҕа туттарсааччы физика эксээмэнин, химияҕа туттарсааччы химияны булгуччу туттараллара ирдэниэҕэ диэн иһитиннэрдэ. Оччотугар физика, химия учууталлара “дэписсиит” буолар чинчилээхтэр. Тоҕо диэтэххэ, тустаах биридимиэттэри талар оҕо ахсаана аҕыйах.
Төлөбүрдээх үөрэх
Ректор иһитиннэрбитинэн, быйыл Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка 800-чэ киһи төлөөн киирбит. Ити ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, икки төгүл аҕыйах эбит. Биллэн турар, үгүстэри сыаната салыннарара чахчы. Үөрэх төлөбүрүн РФ Үрдүк үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ олохтуур. Быйыл бакалавриакка, специалитекка күнүскү үөрэххэ сылга саамай кырата 321 тыһ. солк. буолуохтаах эбит. “Биһиги нэһилиэнньэ төлүүр кыаҕын эмиэ учуоттуубут. Төһө кыалларынан кыччата сатыыбыт, быйыл 168 тыһ. солк. тэҥнэстэ. Ол эбэтэр 155 тыһ. солк. курдук сууманан хас биирдии устудьуон кыраны төлүүр. Иккис курдук, университет үп-харчы өттүнэн туругар ити соччото суох”, – диэн кини быһаарар. Кырдьык, үрдүк да, орто даҕаны үөрэххэ университекка, өскөтүн оҕо баала ортоттон үөһэ буоллаҕына, чэпчэтии көрүллэр.
Тугу учуоттуохха
Аны быйылгы үөрэх хампаанньатын түмүгүнэн, кэлэр сылларга үөрэххэ туттарсааччылар маннык кэккэ түгэннэргэ болҕомто уураллара учуоттанар.
Бастакытынан. Быйыл биир кэлим эксээмэни туттарааччыларга кыра уларыйыы киирбитэ. Кыра эрээри, дьиҥэр, суолтата улахан. Оскуоланы бүтэрээччилэр биир кэлим эксээмэн биир биридимиэтин талан хаттаан туттаралларыгар кыах биэрбиттэрэ. Ол эрээри, хаттаан туттарар түгэҥҥэ иккис эксээмэн баала эрэ ааҕыллар, бастакы түмүк сотуллар диэн эрдэ эппиттэрэ. Оскуолалар ситэ быһаарбатахтар дуу, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр суруйууларын аахпаттар дуу, “тоҕо эрдэ эппэтэххит, иһитиннэрбэтэххит” диэн абарбыт төрөппүттэр санааларын биллэрбиттэр эбит. Ол гынан баран, быраабыла барыларыгар биир, хайдах да гынан төнүннэрэр кыаллыбат.
Бука, эһиил даҕаны иккистээн талан туттарар кыах оҕолорго бэриллиэҕэ. Онон эрдэттэн оҕо кыаҕын, билиитин учуоттанан, билэн баран холонор ордугун умнумаҥ.
Иккиһинэн. Төрөппүттэр тус сыаллаах үөрэххэ (целевой) туттарсыы диэн тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсэн баран, оҕом кыра да бааллаах буоллаҕына, үрдүк үөрэххэ киирэр дии саныыллар. Оннук буолбатах. Тус сыаллаах миэстэҕэ туттарсааччылар син биир бэйэлэрин икки ардыларыгар куонкурустаһаллар. Холобур, стоматолог идэтигэр биир тус сыаллаах миэстэҕэ 3 оҕо сайабылыанньа биэрбит буоллаҕына, куонкурус түмүгүнэн олортон биир үрдүк бааллаах үөрэххэ киирэр, хаалбыт икки оҕо уопсай куонкуруска көһөн биэрэр.
Онон быйылгы үөрэххэ тутар хампаанньа түмүгүн туһунан сиһилии билсэр, туттарсар үөрэххитигэр ханнык биридимиэттэр ирдэнэллэрин, биир кэлим эксээмэҥҥэ тугу учуоттуур наадатын эрдэттэн ааҕа-билэ тураргытыгар сүбэлиибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: