“Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак “Үөрэх сыыппараҕа эйгэтэ” федеральнай бырагыраама чэрчитинэн “Айар Уустар” креативнай индустрия кэллиэһэ күүстээх блоктаах (мощный вычислительный блок) үс интерактивнай тэрили ылла. Бу үөрэнэргэ, көрдөрөргө-билиһиннэрэргэ, тэйиччиттэн иһитиннэриини тиэрдэргэ саҥа кыахтары арыйар.
Тэрилгэ холбоно сылдьар аныгы бырагырааманан көмөтүнэн бэрт судургутук интерактивнай билиһиннэриини оҥоруохха, тэйиччиттэн дьарыгы эбэтэр аан дойду араас муннугар биир идэлээхтэри кытта кэмпириэнсийэ тэрийиэххэ сөп.
Интерактивнай комплексынан хас да киһи тэҥинэн экраҥҥа графическай көстүүнү салайар кыахтаах. Бу бииргэ үлэлииргэ бэрт табыгастаах. Устудьуоннар уонна преподавателлэр хартыыналары, билиһиннэриилэри көрүөхтэрин, уруһуйдуохтарын, тиэкис суруйуохтарын, куйаар ситимигэр холбонуохтарын оннооҕор панельтан быһаччы видео көрдөрөр кыахтаахтар.
Сыыппара технологияларын туһаныы классическай үөрэтии ньыматыгар саҥа кыахтары арыйар уонна преподавателлэр үөрэҕи ыыталларыгар саҥа сатабыллары туһаналлар. Бу туһунан “Айар Уустар” креативнай кэллиэс иһитиннэрэр.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…