Кадеттарга саҥа дьиэ тутуллар

Share

Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолаларын саҥа үөрэнэр дьиэтин 2023 сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Тутуу “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак “Аныгы оскуола” федеральнай бырайыагынан барар. Саҥа дьиэ билигин үлэлии турар кадеттар оскуолаларын түөлбэтигэр Мархаҕа тутуллар. Тутуу хаамыытын манна сыһыаннаах биэдэмэстибэлэр уонна бэдэрээтчит кыттыылаах Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко ыыппыт мунньаҕар көрдүлэр.

“Оҕолор эргэ дьиэҕэ үөрэммиттэрэ ыраатта, чахчы аармыйа усулуобуйатыгар олороллор. Билигин федеральнай киин өйөбүлүнэн үөрэнэр куорпуһу бэйэтин уонна интэринээти саҥардабыт. Бу дьиэҕэ “Авангард” ыччаты байыаннай-патриотическай тыыҥҥа иитэр үөрэтэр-мэтэдиичэскэй киин киириэҕэ. Ол эбэтэр кадеттар байыаннай дьыала төрүт дьарыктарыгар үөрэниэхтэрэ”, — диэн Андрей Тарасенко бэлиэтиир.

Үс мэндиэмэннээх 6400 кв. м. иэннээх саҥа дьиэ икки блоктан турар – 200 миэстэлээх үөрэх куорпуһа уонна 125 миэстэлээх интэринээт. Дьиэни “ТСК+” тэрилтэ тутар. Күн бүгүн тутуу матырыйаалын таһаллар уонна эргэ тутуулары көтүрэллэр.

Айсен Николаев үөрэх хаачыстыбата тупсарын туһугар куоракка аныгы социальнай инфраструктураны тэрийэр ирдэнэрин эрдэ бэлиэтээн турар. “Бу инвестиция хапытаалынай тутууну үбүлээһин эрэ буолбатах, өрөспүүбүлүкэ киин куората сайдыытыгар кылааты киллэрии. Оскуола, уһуйаан, спортивнай комплекс, бибилэтиэкэ барыта. Куорат былааһа, куорат үөрэҕин бары систиэмэтин үлэһиттэрэ маны Дьокуускай кырачаан олохтоохторун үөрэҕин хаачыстыбатын сайыннарыыга уонна иитиигэ көҕүлээһин быһыытынан ылыныахтаахтар”, — диэн эрэгийиэн салайааччыта бэлиэтээбитэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

36 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

1 час ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

3 часа ago