“Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак иитинэн Дьокуускай куоракка тутулла турар үөрэх эбийиэктэрин хаамыытын билсэр соруктаах көһө сылдьар мунньаҕы ыыттылар. СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтиттэн тэрээһиҥҥэ миниистири солбуйааччы Владимир Тихонов кытынна.
Бастакынан 153-с кыбартаалга ДСК түөлбэтигэр тутуллар 990 миэстэлээх оскуолаҕа сырыттылар. Эбийиэги 2024 сылга үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.
Үөрэххэ ураты ирдэбиллээх оҕолорго кыһамньы — судаарыстыба ыытар үлэтин биир хайысхата. Ол курдук, Дьокуускай куоракка доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах үөрэх адаптивнай комплекса (550 миэстэлээх оскуола, 200 миэстэлээх уһуйаан) тутулла турар. Оҕо социальнай адаптацияны ааһарыгар анаан суукканы эргиччи үлэлиир 350 миэстэлээх буолуоҕа. Эбийиэк эһиил үлэҕэ киириэхтээх.
Маны тэҥэ, Пирогов уулуссаҕа инбэлиит оҕолору үөрэтэр, сайыннарар 180 миэстэлээх 4-с нүөмэрдээх уопсай үөрэхтээһин анал (коррекционнай) оскуолатын тутуутун билистилэр. Оскуола быйыл үлэҕэ киириэхтээх.
Салгыы Жатай бөһүөлэгэр оҥоһулла турар 360 миэстэлээх оскуолаҕа сырыттылар. Тустаах оскуола үлэҕэ киирдэҕинэ, Жатай 1-кы нүөмэрдээх оскуолата биир симиэнэҕэ көһөр кыахтаныаҕа, ону тэҥэ, миэстэ баар түгэнигэр Сатал түөлбэ оҕолорун ылыахтара. Дьокуускай куорат оскуолаларыгар миэстэ тиийбэтэ былаас уонна оскуола саастаах оҕолордоох дьон кыһалҕатынан буолара биллэр. Эбийиэги быйыл үлэҕэ киллэрэр соруктаахтар.
Итиэннэ бүтэһигинэн куорат Марха түөлбэтигэр тутуллар Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолаларыгар сырыттылар. Тустаах оскуола эһиил туттарыаллыахтаах.
“Бары эбийиэктэргэ үлэ кыраапык быһыытынан тэтимнээхтик барар. Генеральнай бэдэрээтчиттэр эбэһээтэлистибэлэрин толороллор. Эбийиэктэр бары болдьоҕор туттарыллыахтара диэн эрэнэбит. Оҕолор уонна учууталлар “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак көмөтүнэн аныгы, сырдык уонна сылаас оскуолаҕа үөрэнэр, үлэлиир кыахтаныахтара. Бэлиэтээн эттэххэ, бары эбийиэктэргэ федеральнай хааһынаттан үбү туруорсууга Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы кыттан ситиһилиннэ”, — диэн миниистири солбуйааччы Владимир Тихонов кэпсиир. Бу туһунан СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…