Үөрэнээччилэр саамай маассабай күрэхтэһиилэрэ түмүктэннэ

Үөрэнээччилэр саамай маассабай күрэхтэһиилэрэ түмүктэннэ

11.06.2024, 10:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Сылы быһа ыытыллыбыт, түмүктүүр түһүмэҕэ бэс ыйын 6-10 күннэригэр барбыт өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин саамай маассабай күрэхтээһиитэ – “Спортивные якутяне” спартакиада түмүктэннэ.

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ 35 улууһуттан уонна Дьокуускай куорат уокуругуттан барыта 1632 күүстээхтэн күүстээх, бастыҥтан бастыҥ спортсмена түмсэн илин-кэлин түһүстэ, кыайыылааҕы быһаарыста. Тэрээһин Дьокуускай куорат уонна Горнай улууһун Бэрдьигэстээх успуорка саалаларыгар ыытылынна. Түмүктүүр түһүмэххэ, уопсайа, 137 кэмпилиэк мэтээл оонньонно.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников спартакиада былырыын Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев этиитинэн  сөргүтүллүбүтүн санатта.

“Былырыыҥҥы спартакиадаттан уратыта диэн, бастакытынан, күрэхтэһээччи ахсаана эбилиннэ. Былырыын өскөтүн үс түһүмэх түмүгүнэн Саха сирин үрдүнэн барыта 63 тыһ. оҕо кыттыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 69 тыһ. тахса оҕо кытынна. Ол аата спартакиада кэҥээн, успуордунан утумнаахтык дьарыктанар оҕо ахсаана эбиллэн иһэр. Ити олус үчүгэй көрдөрүү. Инникитин ити көрдөрүү тупса, оҕо ахсаана эбиллэ туруо диэн бигэ эрэллээхпит.

Иккиһинэн, Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин көҕүлээһининэн киллэрбит анал бириэмийэтэ олохтоммута. Иитиллээччилэрэ көрдөрүүлээх, кыайбыт-хоппут 31 тириэньэргэ сыллата 100-түү тыһ. солк. суумалаах бириэмийэ туттарыллыаҕа. Бу оҕолор салгыы дьарыктаналларыгар төһүү күүс буолуоҕа” – диэн эттэ.

Быйылгы тэрээһинтэн харахтара уоттаммыт оҕолор, тириэньэрдэр, учууталлар сайын устата тыын ыла түһээт, аны күһүҥҥүттэн өссө күүскэ бэлэмнэнэр туһунан номнуо толкуйдаан эрдэхтэрэ. Ону кытта көрөөччүлэр эһиил өссө сытыы күрэхтэһиилэри көрөргө бэлэмнэнэбит.

Бөлөхтөрүгэр кыайыылаах хамаандаларга 250 тыһ. солк., иккис миэстэни ылбыттарга 150 тыһ. солк., үһүс миэстэлээхтэргэ 100 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээттэри туттардылар.

Уопсай түмүккэ хамаанданан кыайыылаахтар

I бөлөххө: 1 м – Дьокуускай куорат, 2 м – Нам улууһа, 3 м – Мэҥэ Хаҥалас улууһа.

II бөлөххө: 1 м – Чурапчы улууһа, 2 м – Үөһээ Бүлүү улууһа, 3 м – Таатта улууһа.

III бөлөххө: 1 м – Кэбээйи улууһа, 2 м – Өймөкөөн улууһа, 3 м – Булуҥ улууһа.

IV бөлөххө: 1 м – Өлөөн эбэҥки национальнай улууһа, Эдьигээн эбэҥки национальнай улууһа, Муома улууһа.

Ил Дархан 100 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээтин кимнээх ылбыттарын манна аах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: