Үөрэнээччилэр спартакиадаларын бириискэ пуондата 2 мөл. солк. тэҥнэһэр
Бэс ыйын 5-11 күнүгэр Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэнээччилэр “Спортивные якутяне” спартакиадаларын түмүктүүр түһүмэҕэ ыытыллыаҕа. Саха сирин бары улуустарыттан, куораттааҕы уокуруктарыттан 32 хамаанданан 1,5 тыһ. оҕо кыттара былааннанар.
Күрэхтэһии оскуола үөрэнээччилэрин маассабай успуордунан, физкултууранан дьарыктаналларыгар сирдиир соруктаах, биэс сыл тохтуу сылдьан баран, Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн быйылгыттан сөргүтүлүннэ.
Пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр спартакиада тэрийээччилэрин (судьуйалар, волонтердар) пуормаларын билиһиннэрдилэр. Экипировкаҕа футболка уонна бейсболка киирэр. Кыттааччылар сувенирнай оһуктарыгар үрүсээк, шейкер (уу куттар иһит), блокнот, уруучука уонна значок баар, барыта күрэхтэһии бэлиэлээх. Үүс сымнаҕас оонньуур уонна улахан аниматор куукула оҥоһулла сылдьар диэн иһитиннэрдилэр. Бу оҥоһуктарга барытыгар күрэхтэһии символиката – үүс ойууланар. Үүс түргэн, хорсун, тулуурдаах, дьаныардаах буолууну бэлиэтиир.
“Педагог уонна уһуйааччы сылыгар педагогтар, учууталлар, улуустааҕы спортивнай оскуолалар тириэнньэрдэрэ көхтөөхтүк кытталлар. Бары санаалара өрө көтөҕүллэн сылдьара, спартакиада ыытыллар бэлиитикэтин өйүүллэрэ үөрдэр”, — диэн Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова эттэ.
Кырдьык, биэс сыл тохтуу сылдьыбыт тэрээһини хат сөргүтэн, үөрэнээччилэр үөрүүлэрэ үгүс. Кыһын устата хас биирдии оскуолаттан саҕалаан сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр ыытылыннылар, оскуолалар спартакиаданан олордулар.
“Спартакиада оҕолор маассабай спордунан, физкултууранан дьарыктаналларыгар сирдиир, спортивнай эрэсиэрбэни көрөр уонна 2024 сылга ыытыллыахтаах “Азия оҕолоро” оонньууларга сүүмэрдэммит хамаандаҕа кыахтаахтары көрөр соруктаах ыытыллар”, — диэн Физическэй култуура уонна успуорт миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай эттэ.
Спартакиадаҕа барыта успуорт 27 көрүҥэ киирэр. Кэлэр нэдиэлэттэн спартакиада саҕаланар. Түмүктүүр түһүмэххэ күрэхтэһии 9 көрүҥүнэн барыаҕа (чэпчэки атлетика, оҕунан ытыы, буулдьанан ытыы, көҥүл тустуу, остуол тенниһэ, баскетбол 3х3, саахымат), 18 көрүҥҥэ номнуо ыытыллыбыта. Барыта 27 көрүҥ. Олор истэригэр дзюдо, самбо, кибер-успорт, айар, теоретическай куонкурустар курдук саҥа көрүҥнэр киирдилэр. Балар Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэргэ эмиэ бааллар.
Оскуолатааҕы бастакы түһүмэххэ барыта 63 тыһ. тахса оҕо кыттыбыта. Түмүктүүр түһүмэххэ Дьокуускайга 1,5 тыһ. оҕо кэлэрэ сабаҕаланар” — диэн спартакиада кылаабынай судьуйата Александр Брызгалов кэпсээтэ.
Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, “Спортивные якутяне” өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин спартакиадатын бириискэ пуондата 2 мөл. солк. тэҥнэһэр. Кыайыылаах хамаандаларга спортивнай тэрили ылалларыгар сэртипикээттэри туттарыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: