Үөрэнээччилэр спартакиадаларын түмүктүүр түһүмэҕэр 1,4 тыһыынчаттан тахса оҕо кыттыаҕа

Share

Дьокуускай куоракка бэс ыйын 5-11 күннэригэр ыытыллар “Спортивные якутяне” үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаларын түмүктүүр түһүмэҕэр, 31 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 1,4 тыһ. тахса оҕо кыттыаҕа, итинтэн 195 үөрэнээччи Арктика 11 улууһуттан.

Үөрэнээччилэр спартакиадалара, физическэй култуура уонна оҕо успуордун эйгэтин итиэннэ үүнэр көлүөнэни сайыннарыыга судаарыстыбаннай бэлиитикэни олоххо киллэрэр соруктаах, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан сөргүтүлүннэ. Оскуола түһүмэҕэр барыта 22 887 оҕо кыттыбыта. Улуустааҕы түһүмэх олунньу 1 күнүттэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри буолла.

Күрэхтэһии 10 спортивнай эбийиэгинэн ыытыллар:  «Туймаада» стадиоҥҥа (чэпчэки атлетика уонна оҕунан ытыы), «Дохсун» СК (буулдьанан ытыы), «Кыайыы 50 сыла» СК (бокс), «Модун» СК (остуол тиэнньиһэ), «Триумф» киин (көҥүл тустуу), №1, №6 оҕо спортивнай оскуолалара (баскетбол 3х3), №4 оҕо спортивнай оскуолата (буулдьанан ытыы), өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымат, дуобат киинэ (саахымат), М.К. Аммосов аатынан ХИФУ сүрүн үөрэнэр куорпуһа (бадминтон).

Спартакиада үөрүүлээх аһыллыыта бэс ыйын 6 күнүгэр киэһэ 18.00 чаастан “Туймаада” стадиоҥҥа буолуоҕа. Култуурунай бырагырааматыгар оҕо кэлэктииптэрэ кыттыахтара.

Бэс ыйын 6 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан Арчы дьиэтигэр спартакиада Уотун уматыы сиэрэ-туома буолуоҕа, салгыы факелы тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар аҕалыахтара.

Хамаандалары үөрэнээччи ахсааныттан уонна географическай балаһыанньаларыттан көрөн улуустарынан уонна куораттааҕы уокуруктарынан түөрт бөлөххө араарбыттар.

Бырагыраамаҕа успуорт 27 көрүҥэ киирэр, сорох көрүҥнэргэ түмүктүүр түһүмэхтэр номнуо ыытыллыбыттара. Күрэхтэһии түмүгүнэн Арассыыйа үөрэнээччилэрин спартакиадатын түмүктүүр түһүмэҕэр кыттар эрэгийиэн сүүмэрдэммит хамаандатын талыахтара.

Тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар күрэхтэһиилэр ыытыллар сирдэригэр куттал суох буолуутун хааччыйыы, санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһуу, кыттааччылары түһэрии уонна аһатыы, мэдиссиинэ өттүнэн арыаллааһын туһунан кэпсэттилэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэнээччилэр спартакиадалара аан маҥнай 1994 сылтан тэриллибит “Старты надеж” күрэхтэһииттэн саҕаланар. Салгыы 2000-2016 сылларга “Олимпийские надежды Якутии” спартакиада ыытыллара. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

4 часа ago