Үөрэнээччилэр үтүө дьыалаҕа кыттыһаллар

Share

Кэбээйи орто оскуолатын  7 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы Мария Ивановна Зыкова) балаҕан ыйыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи волонтерскай хамсааһыҥҥа кыттан,  «Волонтер-оҕолор» түмсүүгэ киирбиттэрэ.

Ол да инниттэн бу кылаас оҕолоро «Үтүө түгэн» волонтерскай уопсастыбаннай түмсүү аахсыйатыгар кыттыбыттара. Оттон бу күннэргэ оҕолор сайын устата Кэбээйи сириттэн-уотуттан хомуйан хатарбыт отторун түмэн, анал байыаннай дьайыыга ыытардыы бэлэмнээтилэр. Маны кытта үөрэнээччилэр байыастарга анаан өйүүр, махтанар ис хоһоонноох суруктарын ыытыахтара.

Оскуола оҕолоро үөрэхтэрин, тэрээһиннэрин быыстарыгар бириэмэ булан үтүө дьыаланан дьарыктаналларын, бириэмэлэрин аттаран уонна ону таба туһаналларын кылаастарын салайааччыта Мария Ивановна уонна төрөппүттэр сөптөөхтүк былаанныылларын сөҕөбүт эрэ.

7 «б» кылаастар баһыылкаларын «Үтүө түгэн” түмсүүгэ туттараннар, туһааннаах сиргэ тиэрдэллэригэр баҕара хааллылар.

Татьяна Максимова-Лазарева.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

13 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана өҥөтө ыҥырыкка төһө буоларый?

Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэйгэ 18 тыһ. тахса бытыылка арыгы былдьанна

Саха сиригэр полицейскайдар сокуоннайа суох эргиниигэ анаммыт  18 тыһ. тахса бытыылка маркировката суох арыгыны буллулар.…

2 часа ago