Муус устар 12-15 күннэригэр Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола “Арктика – бииргэ үлэлэһии сирэ-уота” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр научнай-практическай II кэмпириэнсийэлэрин иилээн-саҕалаан ыытыаҕа.
Быйылгы тэрээһин туһунан пресс-туур кэмигэр 11-с “А” кылааһын үөрэнээччитэ Ирина Слепцова билиһиннэрдэ. Былырыыҥҥы бастакы научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ Саха сирин үөрэнээччилэрин сэргэ дойду түөрт эрэгийиэниттэн үөрэнээччилэр кыттыбыттар. Оҕолор Арктиканы үөрэтиигэ, чөл хаалларыыга научнай-чинчийэр үлэлэрин көмүскээбиттэр.
“Мин санаабар, маннык кэмпириэнсийэ үөрэнээччилэри сайыннарар уонна чинчийэр үлэ сатабылыгар, бэйэтин сэрэйэн көрүүтүн этэргэ, литэрэтиирэни хасыһан ааҕарга, сорук туруоран ситиһэргэ үөрэтэр”, — диэн этэр.
Кэмпириэнсийэ быйыл олоҕурбут көрүҥүнэн уонна кэтэхтэн ыытыллар, 12-тэн үөһэ саастаах оҕолор кыттыахтарын сөп. Кулун тутар 31 күнүгэр диэри саайтка бэлиэтэнии барар турар. Кэмпириэнсийэ маннык хайысхаларынан ыытыллар: “Арктика уонна хотугу сир сайдыытын аныгы кыһалҕалара”; “Арктика уонна хотугу сир билиҥҥи туругун өйдүүргэ уруккуну билии”; “Хотугу сир уонна Арктика: кэлэр кэм ыҥырыыта; “Киһи хотугу сиргэ уонна Арктикаҕа”; “Хотугу сир уонна Арктика тиэхиньикэтэ уонна технологията”; “Айылҕа уонна киһи хотугу сиргэ уонна Арктикаҕа”; “Хотугу норуоттар уонна Арктика тыла, култуурата”.
Онтон 10-с “Б” кылаас үөрэнээччитэ Наталья Посельская Арктика норуоттар икки арыларынааҕы оскуолаҕа соторутааҕыта буолан ааспыт, Кытай тиэмэтигэр анаммыт кэмпириэнсийэ туһунан кэпсээтэ.
“Хаҥалас улууһун Ой орто оскуолатын кытта кыттыгас ыытыллыбыта. Тэрээһин оҕолору кытай тылын, Кытай култууратын үөрэтиигэ бырайыактыыр үлэҕэ сыһыарар соруктаах буолла. Барыта түөрт кынат-оскуолаларбыт кытыннылар. Археология, экэниэмикэ, о.д.а. хайысхаларга интэриэһинэй үлэлэр бааллара. Мин санаабар, бастыҥ үлэлэр археология тиэмэтигэр этилэр, Саха сиринээҕи хаһыылартан булуллубут Кытай манньыаттарын, уо.д.а. булумньулары кэпсээтилэр”, — диэн иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола иллэрээ сылтан үлэлиир, тылга болҕомтону уурар. Оҕолору өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан сүүмэрдээн ылаллар. Номнуо бастакы түмүктэр, ситиһиилэр бааллар.
Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…
Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…
Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…
Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…