Үөрэнээччилэргэ уонна устудьуоннарга “Наука. Территория героев” научнай-популярнай куонкурус бэһис сезона саҕаланна

Үөрэнээччилэргэ уонна устудьуоннарга “Наука. Территория героев” научнай-популярнай куонкурус бэһис сезона саҕаланна

13.11.2024, 16:30
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Бу куонкурус Арассыыйа национальнай бырайыактарын өйөбүлүнэн ыытыллар уонна Наука уонна технология уон сылын “Наука побеждать” көҕүлээһинигэр киирэр.

Кыттарга герои.наука.рф платформаҕа регистрацияланыахха сөп, манна Арассыыйа учуонайдарын ситиһиилэрин туһунан ыстатыйалар уонна видеоэкскурсиялар тахсаллар. Куонкуруска кыттааччылар анал сорудахтары толоруохтара, тиэмэлэринэн квизтэри уонна квестэри ааһыахтара.

Куонкуруска 10-тан 22 диэри саастаах үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар кытталлар. Биэс түһүмэхтээх буолуоҕа.

Бастакы түһүмэҕэ алтынньы 31 күнүттэн сэтинньи 20 күнүгэр диэри, иккис – сэтинньи 21 күнүттэн ахсынньы 11 күнүгэр диэри, үһүс – ахсынньы 12 күнүттэн 18 күнүгэр диэри. Полуфинал ахсынньы 21 күнүттэн ахсынньы 29 күнүгэр диэри ыытыллар.

Финал 2025 сыл олунньу 8 күнүгэр Арассыыйа Наукатын күнүгэр Н.Э. Бауман аатынан МГТУ саҥа кампуһугар ааһыаҕа. Куонкуруска 1,2 уона 3 миэстэни ылбыттар дойду сүрүн научнай-үөрэх кииннэригэр стажировканы ааһыахтара уонна Н.Э.Бауман аатынан МГТУ киирэргэ эбии бааллары ылыахтара.

“Ааспыт сезоҥҥа куонкуруска Арассыыйа элбэх устудьуона кытынна. Кинилэр бөдөҥ технологическай хампаанньалар үлэлэрин билсэргэ бу куонкурус көмөлөөҕүн өйдөөтүлэр”, — диэтэ РФ наукатын уонна үрдүк үөрэҕин миниистирэ Валерий Фальков.

“Ааспыт сылларга куонкурус эдэр чинчийээччилэргэ көдьүүстээх платформа буоларын дакаастаата. Былырыын куонкуруска дойду үрдүнэн 23000 оҕо, ыччат кытынна. Кинилэр наукаҕа арыйыылара биһиги ыччаппыт кыахтааҕын көрдөрдүлэр”, — диэтэ “Национальные приоритеты” АНО генеральнай дириэктэрэ София Малявина.

“Наука. Территория героев” куонкурус саайта:  герои.наука.рф

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: