Оксана Макаровна Платонова олоҕун аргыһа математика, физика учуутала Платонов Александр Васильевич туһунан 2022 с. 253 страницалаах Дьокуускайга “Сайдам” кинигэ кыһатыгар 253 сирэйдээх кинигэ таһаарбыт.
Александр Васильевич СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, тапталлаах кэргэн, аҕа, эһээ, элбэх үөрэнээччи таптыыр учуутала. Кини Ньурба Чаппандатыгар 1957 с. нуучча тылын учууталлара Платонов Василий Николаевич, Корякина Татьяна Петровна дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүт. Бары 8 уол оҕолорун “А” буукубаттан аат биэртэлээн, дьоллоохтук оскуолаҕа оҕолору үөрэтэн олорбуттар.
Кэлин Антоновка оскуолатыгар өр сыл үлэлээн баран, Дьокуускай куоракка көһөн кэлэн олохсуйбуттар. Кинигэҕэ Александр Васильевич төрдүн-ууһун, төрүттэрин туһунан чугас аймаҕа, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, суруйааччы Ахмет Андреевич Дмитриев суруйбут “Күөх Ньурба төрүттэрэ” диэн кинигэттэн олус саталлаахтык киллэриллэн кинигэни тупсарбыт. Түүллээх Дүҥүрдээх Түлүөн ойуун Мохсоҕол аҕатын ууһун уонна Дьооҕулар аймах аҕатын өттүнэн төрүттэрин туһунан суруйуу кинигэни аһар.
Кинигэҕэ оҕо сааһын ахтыылара, биир идэлээхтэрин суруйуулара киирбиттэр. “Инникигэ хардыы”» кыттааччылара өйдүүллэрин-саныылларын туһунна истиҥник суруйбуттар олус бэркэ суруйбуттар. Бииргэ төрөөбүттэрэ, оҕолоро, кэргэнэ, ийэ кынна, аймахтара киэн тутталларын, махтаналларын, сүгүрүйэлллэрин биллэрбиттэр.
Александр Васильевич научнай үлэҕэ оҕолору сыһыартаан улахан ситиһиилэммитин кинигэттэн биллибит. Саша бары өттүнэн эргиччи сайдыылаах буолан учуутал аатын үрдэппит киэҥ билиилээх оҕолору үөрэтэн таһаарбытын сөҕө аахтыбыт. Кинилэр дьиэлэригэр суруйааччы Чехов: “В человеке все должно быть прекрасно и одежда, и лицо, и ум..”, – диэн этиитинэн салайтараллара.
Кийииппитигэр Платонова Оксана Макаровнаҕа учуутал, ирдэбил, иитии, оҕолорго билии биэрии туһунан кинигэ таһаарбытыгар махтанабыт.
Дмитриевтэр учуутал династияларын аатыттан Зинаида Дмитриева.
Дьокуускай куорат.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…