Алтынньы 27 күнүгэр Дьокуускай куорат Гагаринскай уокуругар, үөрүнэн сылдьар бэйдиэ ыттар дьахтарга саба түстүлэр.
Кини дьолугар, чугас дьон баар буолан өрүһүйбүттэр. Биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа эрийэн бэйдиэ ыттары туттарар туһунан сайаапка түһэрбит. Онуоха, «Бэйэҕит уокуруккутугар сайаапката түһэриҥ” диэбиттэр. Дьахтар Гагаринскай уокурукка эрийэн бэйдиэ ыттартан эмсэҕэлии сыспытын иһитиннэрбит. Кини кыһалҕатыгар болҕомто уурбатахтар.
Бэйдиэ ыттары тутар массыына нэдиэлэҕэ иккитэ эрэ сылдьар эбит. Кыстыкка киириигэ бу бастакы түгэн буолбатах. Маныаха майгынныыр түгэн соторутааҕыта 17-c кыбартаалга буолла. Кыра оҕоҕо кэнниттэн кэлэн ыт саба түһэн улаханнык эчэппит. Оҕо төбөтүгэр 12 тигиини оҥорбуттар. Саха сиригэр сыл ахсын түөрт атахтаах доҕортон эмсэҕэлээччи ахсаана аҕыйаабат. Ыттары тутар биригээдэ үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, ыт оҕоҕо саба түспүт сиригэр, Жорницкай уулуссаҕа, сэтинньи 1-2 түүн үлэ ыытыллыбыт. Оҕоҕо саба түспүт ыкка майгынныыр биир ыты туппуттар. Ыттары быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа илдьибиттэр. Ыт моойторуктаах эбит. Ыт хаһаайыттарын булан эппиэтинэскэ тардарга үлэ ыытыллар. Дьоҥҥо саба түһэр, бэйдиэ сылдьар, ытыраары ырдьыгыныыр ыттары хаартыскалаан 89142610698 муниципальнай управление киинин чат-ботугар ыытарга сүбэлииллэр.
Хаартыска: gpmikun.ru
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038