Бэйэ оҥорбута быдан үйэлээх. Онтон ис сүрэхтэн оҥоһуллубут көмө үйэлэр тухары өлбөөдүйбэт аналлаах.
Хайа баҕарар киһи инникигэ эрэллээх буоллаҕына нус бааччы утуйар, оҥорбута-туппута барыта табыллан, сатанан иһэр. Дьон-сэргэ истиҥ сыһыаныттан, болҕомтотуттан дьоллонор, үөрэрэ, санаата-оноото көтөҕүллэн, эрчимирэргэ дылы буолар. Маны барытын таба өйдөөннөр, дойдум дьоно — бээдилэр (Уус Алдан), кырдьаҕастарга сылын аайы сана сылга үктэнээри олорон, көмө оҥорор үтүө үгэстээхтэр.
Маннык үтүө үгэс салҕанан барарыгар, дьону түмэргэ туһааннаах үлэ барар. Бээдигэ биир маннык түмэр, көҕүлүүр киһинэн «Алгыс» түмсүү уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Захаровна Шергина буолар.
Кини түмсүүлэрин үлэтин өссө кэҥэтэр былааннаахтарын туһунан кэпсиир:
—Биһиэхэ дьон махтала, кинилэр үөрбүт харахтара, истиҥ мичээрдэрэ туохтааҕар да күндү. Кинилэр биһигини инникигэ көҕүлүүр сүдү күүһүнэн буолаллар, — диир кини уонна тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттар, бииргэ үлэлиир дьонугар махталын тиэрдэр.
Кинилэр бу сырыыга сарсыарда эрдэттэн ас астаан түбүгүрбүттэр. Ол астарын биир-биир суулаан баран, салааскаҕа соһон бөһүөлэк устунан үөрүү-көтүү аргыстаах ытык кырдьаҕастарыгар туттараары туруннулар. Маныаха: «Эһиэхэ куруутун махтанабыт, саныы-саныы үөрэбит. Дьиэбитигэр үөрүүнү-көтүүнү үксэтэҕит», — дэһэллэр ытык кырдьаҕастар. Чахчы, кинилэр киирбит ыалларыгар дьиэ иһэ сырдыырга, сылааһынан уратытык илгийэргэ дылы буолар.
«Алгыс» түмсүүгэ анаан эттэхпинэ, эһиги алгыстаах айаҥҥыт суола кэҥээн, ыыра ыраатан истин.
Иван Сивцев — Бээди.
Евдокия Шергина хаартыскаларга түһэриитэ
“Моҕой түргэн, мындыр, киирэр-тахсар...” Аҕыйах хонугунан 2024 сылбыт түмүктэниэ. Эргэ сылбытын үтүө санаанан атааран, үүнэр…
Эдьигээҥҥэ киин хочуолунайга чөлүгэр түһэриигэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. Алта хочуол үлэлии турар, олортон иккитэ илии…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы УГМС тугу иһитиннэрдэ? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыыр, сорох…
Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…
Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…
Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…