Тыа сиригэр оҥорон таһаарыы сайыннаҕына, үлэ-хамнас тэтимирэр, ас-үөл дэлэйэр, үлэ миэстэтэ тахсар. Саха сиригэр үлэлиир “Хоту”, “Чурапчы”, “Горнай-Ас”, “Эрэл” уо.д.а. курдук биллэр кэпэрэтииптэр үтүө уопуттара тарҕанан иһэр. Ол курдук, бэҕэһээ Бүлүү улууһун уһук хоту сытар Үгүлээт нэһилиэгэр балыгы ыыһыыр сыах үөрүүлээхтик аһылынна.
— Бэҕэһээ Бүлүү улууһун уһук хоту сытар Үгүлээт нэһилиэгэр өр сылларга күүппүт балыгы, эти ыыһыыр сыах үөрүүлээхтик аһылынна. Бу сыах “Үнүгэс” ТХПК балаансатыгар киирэр. Сыах аһылларыгар Бүлүү улууһун дьаһалтата оборудованиетын ыларга 1 мөл. тахса суумалаах үбү-харчыны көрбүтэ. Ону тэҥэ Үгүлээт дьаһалтатын бүддьүөтүттэн сыах дьиэтин тутуутугар 1,5 мөл суумаҕа үп-харчы бэриллибитэ. Быйыл эдэр урбаанньыт Станислав Васильев соцхантыраак ылан, эбии тэриллэри атыылаһан, сыахха ыыһыыр оһоҕу туруоран үлэлэттэ.
Манна оһох туруорарга Бүлүүттэн исписэлиистэр Иван Декабрьевич, Бүлүүтээҕи ОДьКХ электриктэрэ Анатолий Егоров, Виктор Нагаев көмөлөһөннөр, оһоҕу бэркэ туруордулар. Ону таһынан олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, “Хотугу Бүлүү” МАУ үлэһиттэрэ бары көмөлөөн, сыах ис-тас үлэтин ситэрэн, сыахпыт кэмигэр үлэҕэ киирдэ диэн астынныбыт.
Сыах үөрүүлээхтик аһыллыытыгар СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ миниистирэ А.А Александров, улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Г.С.Корякин уо. д.а. улуус тэрилтэлэрин салайааччылара кыттыбыттара үгүлээттэри үөртэ. Сыахпыт толору үлэлээн, балыгы уонна эти ыыһаан, Бүлүү куоратын олохтоохторун эрэ буолбакка, атын улуустарга тиийэ балыгынан хааччыйыаҕа диэн эрэлбит улахан, — диэн үөрүүлээх сонунун кытта үллэһиннэ Үгүлээт нэһилиэгин баһылыга Октябрь Лукин.
Дьэ, бу курдук Үгүлээт сыаҕа толору кыаҕынан үлэлээтэҕинэ, хоту дойду ыыһыыр сыахтарыттан хаалсыа суоҕа, Бүлүү улууһугар ыыһаммыт балык уонна эт дэлэйиэ, өрөспүүбүлүкэ ырыынагар тахсыа диэн эрэнэбит.
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…