Үгүлээт нэһилиэгэ тэриллибитэ 390 сылын бэлиэтиир
Бүгүн, атырдьах ыйын 23 күнүгэр, Бүлүү улууһугар уһук сытар Үгүлээт нэһилиэгэ тэриллибитэ 390 сылын бэлиэтиир үтүөкэннээх тэрээһин буола турар.
Төһө даҕаны күһүн сатыылаан эрэрэ биллибитин иһин, бу күн сайыҥҥы үтүө сылаас күнү бэлэхтээтэ.
Эбэ күөл налыы сыһыытыгар Үгүлээт дьоно-сэргэтэ, ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар тоҕуоруһа муһуннулар. Уруккуну-хойуккуну кэпсэтистилэр, кэлэр кэскили түстээтилэр.
Тэрээһин мааны алгыһын аар-саарга аатырбыт, Дархан этээччи Каролина Харлампьева алгыстаах тойугунан айхаллаата-уруйдаата. Эҕэрдэ тылы Үгүлээт нэһилиэгин баһылыга Октябрь Лукин, Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы Иван Евсеев уонна ыраахтан кэлбит ыалдьыттар эттилэр. Үгүлээт сайдыытыгар өр сылларга үлэлээбит дьоҥҥо Махтал суруктары туттартаатылар.
Салгыы Үгүлээт нэһилиэгэ тэриллибитэ 390 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах сэргэни туруоруу сиэрэ-туома ыытылынна.
Үгүлээт тэриллибит устуоруйатын көрдөрөр аналлаах уус-уран ураты көрдөрүү дьон болҕомтотун тардыан тарда.
Үтүө тэрээһин уйгуну түстүүр оһуокайынан түмүктэннэ.
Мантан киэһээҥҥи өттүгэр саха эстрадатын сулустара Санита Ай уонна Эрхан ураты кэнсиэртэрэ буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: