Үгүлээттэр аһымал кэнсиэр ыыттылар

Share

Бу күннэргэ Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин «Үнээкээн аартыга» түөлбэ маннык кэмҥэ туора турбакка, тыылга баар хас биирдии киһи бэйэтин тус өҥөтүн киллэриэхтээх диэммит түмсэн кэнсиэр туруордубут.

Үгүс ыал, дьиэ кэргэн аҕалара, оҕолоро күн бүгүн сэрии уотугар эйэлээх, нус-хас олох туругурарын туһугар байыаннай дьайыыга ытык иэстэрин төлүү сылдьаллар дьоммутугар анаатыбыт. Үгүлээттэн төрүттээх олохторун дьоруойдуу толук уурбут буойуттары Василий Афанасьевы, Леонид Борисовы, Дмитрий  Винокуровы ахтан-санаан, кинилэр сырдык мөссүөннэригэр сүгүрүйэн туран биир мүнүүтэ хоҥкуйан туруунан чиэстээтибит.

Хаартыска: «Үнэкээн» түмсүү тиксэрдэ

Уолаттарбыт төрөппүттэригэр, маннык эр санаалаах дьиҥ патриоттары ииппиттэригэр сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит… Кинилэр ааттара кэлэр көлүөнэ ыччакка мэлдьи ахтылла сырыттыннар диэммит, нэһилиэк дьоно кыттыһаммыт өйдөбүнньүк мемориальнай дуоска туруоруоххайыҥ диэн этии киллэрдибит. Үөрэммит И.В. Яковлев аатынан Үгүлээт орто оскуолаларыгар дьоруой паартата баара хайаан да ирдэниллэр дии саныыбыт. Кэнсиэртэн киирбит 20350 харчыны байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар ыытаары хамыыһыйаҕа туттардыбыт. Уолаттарбыт, мохсоҕоллорбут төрөөбүт дойдуларыгар этэҥҥэ, чэгиэн эргиллэн кэлэллэрин туһугар хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан тураммыт Үрдүк Айыыларбытыттан көрдөстүбүт.

Лена Мандарова, «Үнээкээн аартыга» түөлбэ салайааччыт

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Куораттан тыаҕа үлэлии

Бүгүн Бүлүүгэ Оһуокай иккис күнэ тэтимнээхтик саҕаланна. Ньурбаттан,Үөһээ Бүлүүттэн отуттан тахса этээччи эбии кэллилэр. Кинилэр…

2 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Якутлесресурс» тэрилтэ маскировочнай сиэккэни баайыыга кыттыһар

Саха сирин үгүс тэрилтэлэрэ анал байыаннай дьайыыга гуманитарнай көмө хомуйан, маскировочнай сиэккэлэри баайан, о.д.а. бэйэлэрин…

12 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 30  саастаах бутлегеры туттулар

Дьокуускайга учаастактааҕы полиция үлэһиттэрэ рейдэ кэмигэр сокуоннайа суох арыгыны атыылааһын түөрт түбэлтэтин арыйдылар. Ол курдук,…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативнай индустрия тэбэр сүрэҕэ – Саха сирэ

Саха сирэ Уһук Илин да, Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр да айар-тутар салаалары сайыннарыыга биир бастыҥынан биллэр. Биһиги…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Бразилиянан эргийэр киэҥ сырыылаах эт

Саха сирин олохтоохторо тыйыс тымныылары этэҥҥэ туораары этинэн хааччыналлар, сүөһү-ас иитэр өттө идэһэлэнэр. Ол эрээри…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Тааттаҕа 50 саастаах эр киһини быһаҕынан анньан өлөрбүттэр

Саха сиригэр суукка иһигэр уопсайа 3 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата…

1 час ago