Ыһыах –  саха омук итэҕэлин чыпчаала

Share

Ыһыах – саха омук итэҕэлин сүрүн сиэрдэрэ-туомнара түмүллүбүт чыпчаала. Былатыан Ойуунускай маннык этэн турар: «Саха ыһыаҕа – былыргы сахаҕа бэт улахан суолталаах. Кини сүөһү уонна сайын бырааһынньыга этэ. Онон, судургутук эттэххэ, оччотооҕу олох икки тутааҕыттан олохтоммута: анахтан – биэттэн уонна ийэттэн. Былыргы саха таҥаратын – сүөһү, бас билэр үп төрөппүтэ уонна оччотооҕу үйэ баһылыга – дьахтар айбыта. Сүөһү таҥаранан дьүһүннэммитэ – Айыыһытынан аатырбыта. Ийэ таҥаранан дьүһүннэммитэ – Иэйэхситинэн аатырбыта».

Сахалар бүгүҥҥү күҥҥэ даҕаны ыһыах ыһыллыытын улаханнык суолталаан, ымпыктаан-чымпыктаан бэлэмнэнэллэр. Бу кылгас былдьаһыктаах кэмҥэ Үрдүк Айыылар сиргэ чугаһыыллар уонна бары үтүө санааларын Орто дойду олохтоохторугар туһаайан алгыс кымыһыгар түһэрэллэр. Алгыстаах кымыһы ыймахтаабыт киһи айыы алгыһыгар тиксэр, сыл устата кинилэр көмүскэллэригэр киирэр. Ыһыах ыһыллыбатах сылыгар айыылар хомойон араас айылҕа алдьархайын (уот, уу, кураан), күүтүллүбэтэх быһылааннары, ыарыыны-сүтүүнү, төрүөх кэхтиитин ыытыахтарын сөп. Ол аата көмүскэлэ суох хаалыы диэн буолар. Биллэн турар, улуус-улуус аайы ыһыахтар араастаһаллар, ол эрээри сүнньүлэрэ биир.

Ыам ыйа (үүт ыйа), бэс ыйа (ыһыах ыйа) – ыһыах бу үрүҥ илгэ быйаҥнаах ыйдарыгар ыһыллар. Былыр XVIII уонна XIX үйэлэргэ аччыгый ыһыах – Кулун ыһыаҕа диэн саас эрдэ элбэх сиэрэ-туома суох ыһыллар ыһыах баара. Сайынын Күн Күбэй Хотуҥҥа, Ийэ айыыларга, Үрүҥ айыыларга, Уот Дьөһөгөйгө анаан улахан ыһыах, Улуу тунах ыһыах – күҥҥэ сүгүрүйүү, төрүөх тардыы ыһыаҕа ыһыллар. Эрдэтээҥҥи күһүн Улуутуйар Улуу Тойон аатыгар сүөһү толуктаах Ый ыһыаҕа диэн ыһыллара. Ол кэнниттэн күүскэ окко түһүнэллэр. Бу үгэстэртэн «ый-күн ыһыаҕын ыс» диэн айыыларга-таҥараларга анаан аһы-үөлү харысхала суох ыспыты-тохпуту сэтэрээн этэр этии хаалбыт. Өксөкүлээх Өлөксөй суруйарынан, өссө биир хойукку күһүн Аллараа дойду баһылыктарыгар анаан хааннаах-сииннээх, толук туттуулаах абааһы ыһыаҕа ыһыллара үһү.

Хаартыска: СИА

Мин манна түһүлгэ олохтонуутун кэпсиэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, билигин биһиги түһүлгэ суолтатын күүскэ умнубуппут түмүгэр, бэл, түбэһиэх сирдэргэ кытта ыһыах ыһабыт. Ыһыах, этиллибитин курдук, улахан уонна кыра диэҥҥэ арахсар. Түһүлгэ онтон тутулуктаах. Улахан – Улуу тунах ыһыаҕы ыһар түһүлгэни түстүүр сир ымпыктаан-чымпыктаан талыллар. Биһиги айыыларбыт ыраас, кэрэ айылҕалаах, дэхси кырдаллаах сири таптыыллар. Түһүлгэ – түҥ былыргы өйдөбүлэ аһаҕас халлаан анныгар тутуллубут сырдатар, ыраастыыр сир (святилище, храм). Ала бэлиэлэрин билигин даҕаны илдьэ сылдьар, ол иһин түһүлгэ олохтонуута олус суолталаах, сиэрэ-туома тутуһуллан биир халыыбынан эрдэттэн түстэнэр, эбэтэр эргэни сыллата саҥардыллар. Киэбэ тоҕус кырыылаах – төгүрүк күн диэн суолталаах. Үүт маҥан гына сулламмыт сиэрдийэлэри тоҕус биирдии хардыы (80–90 см) үрдүктээх, икки үүттээх, киэргэллээх бээгэй сэргэлэргэ икки кэккэнэн анньаллар. Икки үүт бүтэй күрүө суолтата – Үөһээ дойду айыыларыгар уонна Орто дойду иччилэригэр үҥүү бэлиэтэ. Тоҕус муннук: 1. Тоҕус хаттыгастаах Өндөл Маҥан халлаан айыыларыгар ананар; 2. Төгүрүк ии – Күн Күбэй Ийэ тиэргэнэ.

Хараҥа күүстэр, кир-хох киирбэтин диэн түһүлгэ сэргэ муннуктарын сылгы сиэлинэн хатыллыбыт ситии быаларынан хатыйа тардаллар. Муннук аайы кулуннаах биэни баайаллар. Түһүлгэ ис кээмэйэ 3, 5, 9 саһаан (1 саһаан=2,1336 м). Илин диэки Айыыһыт аартыга диэн оһуор-мандар ойуулаах, киэргэллээх үрдүк аартык тутуллар. Түһүлгэ иһигэр арҕаа туһаайыыга илин диэки сирэйдэнэр сиэр-туом ыытыллар оллооно оҥоһуллар. Манна оттуллубут уокка алгыс этэн, айыылары, Орто дойдуга түспүт иччилэри айах туталлар. Оллоон хотугулуу-арҕаа өттүгэр соҕуруулуу-илин хайысхалаах 1, 2, 3, 5, 7, 9 кэрэ оҥоһуулаах сэргэлэр эргиир чиэппэринэн сэлэлии анньыллан нөрүйэ соҕүс тураллар. Ортоку сүрүн сэргэ ордук бөдөҥ, моойун үрдүнэн уонна аннынан оһуордаах буолар, аар баҕах сэргэ диэн ааттанар. Бу үрдүгэр хайаан даҕаны сэргэ арахсыспат бараата аар баҕах чороон (биир атахтаах) турар. Билигин бу тутуһуллубат буолуута олус хомолтолоох. Манна үүт маҥан дьүһүннээх, сиэлэ-кутуруга өҥнөөх саламанан киэргэтиллибит ытык сылгыны баайаллар. Ыһыах сиэрин-туомун сэргэлэрэ үксүн сиэр-туом иһиттэрэ, сылгы баһа, илгэ (үс сылгы төбөлөөх), биэ бэлиэлээх, Дьөһөгөй (ат туйаҕын суола, адаҕа), төгүрүк күн төбөлөөх буолаллар. Сахалар бэйэлэрин «үс саха» диэн үс биис ууһуттан – Үрүҥ Айыы Тойонтон, Улуутуйар Улуу Тойонтон уонна Арсан Дуолай Кырдьаҕастан төрүттээхтэрин этэллэр. Сэргэлэр иннилэригэр ис түһүлгэ диэн айах тутар сиэр-туом кымыһа, ыһыах мааны астара ууруллар түһүлгэлэрэ тэриллэр. Балары чэчиринэн үүйэллэр. Анныгар иһит-хомуос түөн түһүлгэтэ диэн далбар тардыллар. Ити түһүлгэттэн икки өттүнэн сэлэлии саҥа тыллыбыт хатыҥы быһан чэчир анньыллар. Хатыҥнар хара уонна үрүҥ сиэлтэн хатыллыбыт ситиинэн силбэһэллэр. Маны сиэллээх чэчир диэн ааттыыллар уонна туос томторугунан, сиэл киистэнэн, оонньуур ыаҕайаларынан, араас өҥнөөх саламанан симииллэр.

Түһүлгэ түстэниитэ ыһыах ыһааччыттан уонна ыһыах хайдах таһымҥа барыахтааҕыттан тутулуктаах. XVIII үйэҕэ сахаларга христианство киирэн саха олоҕун укулаата уларыйбыта. Ону кытта тэҥҥэ итэҕэл, сиэр-туом, ыһыах суолтата сыыйа намтаабыта. Аймаҕынан, дьиэ кэргэнинэн, дэҥҥэ аҕа ууһунан мустан ыһыахтыыр буолбуттара. Онно оҕустаран түһүлгэ киэргэлэ, симэҕэ, үгэс буолбут тутуулара дьадайбыттар, элбэх сиэр-туом умнуллубут. Ол эрээри сүрүн тутула алдьамматах. Түһүлгэ оҥоһуута тэрийээччи төһө кыахтааҕыттан тутулуктаах. Кырыымчык кэм ыһыах ыһааччыта Күн түһүлгэни (святилище) туппат. Н.А. Алексеев суруйарынан, үс суол түһүлгэ баар:

  1. Дьадаҥы ыһыах ыһааччы, көннөрү икки сулламмыт маһы үөһээ өттүнэн сиэрдийэнэн силбэһиннэрэн икки атахтаах төрүттүүр түһүлгэ диэн кымыс сиэрин-туомун толорор биллэриктээх баҕах туруорар.
  2. Балачча кыахтаах тэрийээччи үс сулламмыт маһы туруоран сиэрдийэнэн ситимнээн үс атахтаах үүнэр түһүлгэ диэн оҥостор.
  3. Кыахтаах ыһыах ыһааччы түөрт сулламмыт маһы туруоран, ситимнээн түөрт атахтаах түөлбэ түһүлгэ диэн тэрийэр. Сиэр-туом иһитин-хомуоһун, киэргэлин-симэҕин ситэри-хотору толорор. Холумтаннаах оллоон оҥостор.

Түһүлгэлэр чэчиринэн үүйүллэллэр, эргимтэлэнэллэр, ситиинэн силбэһэллэр. Күрэхтэһии буолар сирин алгысчытынан алҕаммыт, күөх сэбирдэҕинэн симэммит, сиэл киистэлээх сэттэ сиэллээх сэлэлэри туруоран бэлиэтииллэр.

Елена Слепцова-Куорсуннаах, СӨ Норуодунай суруйааччыта

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago