Ыһыах туһунан санаа лоскуйа
Cамаан сайын салаллан кэлбитинэн бу күннэргэ сир-дойду аайы бастакы ыһыахтар саҕаланнылар. Дьон-сэргэ сэмээр бэлэмнэнэ да сылдьара биллэр.
Ол курдук, мин биир күн ырыынакка эдэр кыыстаах далбар кэпсэтиилэрин истэн аһардым. Сэрэйдэххэ, бэйэм курдук, тыа дьоно быһыылаахтар — маллара элбэҕэ, дьонноругар кэһии бөҕөнү ылан үөрбүт көрүҥнэрэ, улаханнык күө-дьаа кэпсэтэллэрэ көстөр.
Кыыс: «Аны паапаҕа наскы ыларбыт хаалла дии», — диэбитигэр аата анекдокка дылы диэн, ааранан мин сүөм түһэ сыстым. Төһөлөөх сыранан дьиэ-кэргэнин хааччыйар ыал тутаах киһитигэр баара-суоҕа наскы эрэ тиксэр эбит диэн сонньуйдум.
Хата ийэтэ сүр холкутук: «Суох, ырбаахы ылыахпыт, ыһыахха кэтэригэр», — диэтэ уонна аҕаларыгар саҥа таҥас ыларыттан бэйэтэ астынан сирэйэ сырдаан, мичийэн ылла.
Ити көннөрү күннээҕи кэпсэтииттэн «ыһыахха кэтэригэр» диэн судургу тыллар хайдах эрэ ураты иһирэхтик иһиллэн, урукку саастарбын санатан ыллылар.
Мин оҕо эрдэхпинэ ыһыах диэн букатын улахан суолталаах соҕотох сайыҥҥы бырааһынньык буолара. Онуоха баайтаһын ынах эбэтэр сылгы өлөрүллэр, былыргылыы иҥиирдээх кымыс туруоруллар, дьахтар аймах ньилбэктэригэр хатайдаан кыл өрөр эбиттэр. Мин ити өттүн бэйэм буолбакка, дьонум кэпсээнинэн өйдүүбүн. Сэрэйдэххэ, урут тус-туспа холкуос эрдэҕинэ буолуо. Мин өйдүүрүм диэн — ыал аайы саҥа таҥас тигиитэ буолара.
Уолаттарга маласкыынтан, диагональтан искиэрэ диэн ыстаан, кыра кыргыттарга халадаай, обургуларга татьянка диэн сирийиилээх сиидэстэн, штапельтан ырбаахылар, тумсугар кыһыл, күөх сибэкки быысапкалаах, кыһыл өҥнөөх хаймыылаах сарыы түүппүлэ тигиитэ уо.да сүпсүлгэн элбэҕэ. Оҕолор ону сэҥээрэн, ыалтан ыалга хардарыта сыбыытаһан биэрэрбит.
«Эмээхсин кэтэһэр ыһыаҕы саҥа былаат баанаары» диэбиккэ дылы, кырдьык үчүгэй ойуулаах былааты, таастаах, баттахха анньыннахха үөһэ көстөр өттө араас быһыылаах дьэҥкир муос кырыбыайканы куораччыттарга сакаастаан булунуу эмиэ баара. Мааны эдэр дьахталлар, сүнньүнэн учууталлар, биэлсэрдэр уо.д. а оройуон хамыһаардара оччолортон солко, крепдешин былааччыйалаах, бөдөҥ велюр сибэккилээх крепжоржет куопталаах, аҥаар ойоҕоһугар наһаа үчүгэй сибэкки киэргэллээх соломо сэлээппэлээх, ридикюль суумкалаах буолаллара. Oнон кинилэри сөҕө, ымсыыра батыһа көрөөччү элбэҕэ.
Эр дьон сорочка, хомуһуол уонна саҥа үөдүйбүт толстовка диэн хара вельветтэн тигиллибит иннинэн уонна үөһэ сиэптэригэр сомуоктаах кылгас куурка курдугу кэтэллэрэ. Хап-хара таҥаска ол сомуоктара кылабачыйан, дьэ, кырдьык мааны көстүү буолара.
Сахалыы таҥаһы кэтии оччолорго сөргүтүллэ илик кэмэ этэ. Биһиги эргин эрэ эбитэ дуу?..
Анна ГРИГОРЬЕВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: