Салгыы
Ыһыахтыам этэ диэн… (тус санаа)

Ыһыахтыам этэ диэн… (тус санаа)

04.06.2023, 11:00
Людмила Попова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

“Быйыл ыһыахтыам этэ диэн сахалыы таҥас атыыланар маҕаһыыннарын кэрийэн көрөн баран тиэрэ кэлэн түһэ сыстым. Ама да сахалыытын иһин, бас быстар сыана”, – диэн биир үтүө күн дьүөгэм төлөпүөннээн соһутта.

БЭС ЫЙА – ҮРҮҤ ТУНАХ ЫЙА

Сахаларга ыһыах суолтата улахан. Бу – күөххэ, үрүҥ илгэҕэ үктэнии үөрүүтэ, бэлиэтэ. Бу – Үрүҥ Айыылар сиргэ муҥутуур чугаһаан турар кэмнэригэр сүгүрү­йүү, алгыс ылыы. Ол да иһин аныгы саха тоһуттар тымныылаах уһун кыһын кэнниттэн күөххэ үктэммит үөрүүтүгэр ыһыахха сырыттаҕына эрэ толору дьоллооҕунан ааҕынар, ыһыах кэмин кэтэһэр.

Ыһыах ыйыгар – бэс ыйыгар үктэнэн эрэрбитинэн, ыһыахтар саҕаламмыттарынан ­итиэннэ бэйэм даҕаны сахалыы таҥаспын саҥардыбыт киһи диэн толкуйдуу сылдьар буолан куорат маҕаһыыннарын кэрийэн көрөттүүргэ сананным.

Людмила Попова хаартыскаҕа түһэриитэ.

МАҔАҺЫЫННАР УСТУН

Маҥнай куорат киинигэр турар маҕаһыыннартан саҕалаатым, кырдьык, бас быстар сыана – дьахтар халадаай ыр­­баахыта – 18 тыһ. солк. турар. Итэҕэйбэккэ чуга­һаан көрөбүн, харах сыыспатах! Атын эрээккэ арыый чэпчээбит сыаналаахтар тураллар, сибэккилээх халадаайы, матырыйаала да ортотунан быһыылаах 7,5-10 тыһ. солк. диэн суруллубут. Эмиэ бу маҕаһыыҥҥа аҥаардас сэлиэччик 7-18 тыһ. солк. турар.

Аны эр киһи хомуһуола 16-18 тыһ. солк., ырбаахы ортотунан 4-5 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Кыл сэлээппэ “кый ырааппыт” – 10-18 тыһ. солк. тиийбит.

Кыыс оҕо халадаайа 2,5 тыһ. солк. (1-2 саастаах) үөһэ, хомуһуол 4 тыһ. солк. үөһэ суумаҕа атыыланаллар.

Сыана диэбэттэр, атыылаһааччы, көрөөччү-истээччи кырыы-кырыытынан. Сорохтор тирии сэлиэччиги ыйыталаһаллар эрээри, хайа даҕаны маҕаһыыҥҥа көрбөтүм. Атыыһыттар хоруйдарыттан иһиттэххэ, тута атыыга баран иһэр эбит. Быһа холуйан сүүрбэччэ тыһыынча буолар дэ­­һэллэр.

Атын маҕаһыыннарга сыана санаа курдук чэпчэки эбит. Дьахтар халадаайын 6,5 тыһ. солк. булуохха сөп. Сэлиэччик сыаната – 4 тыһ. солк. үөһэ, оҕо ырбаахыта – 1,5 тыһ. солк. үөһэ, эр киһи хомуһуола – 12 тыһ. солк. үөһэ.

Ыксаабыт дьон “аймахтартан” атыылаһан ыһыахтыыр балаһыанньата үөскээбит. Олор сахалыы таҥаһы үүт-­маас түһэрэн ылан, бэрт удамыр сыанаҕа атыылаан эрдэхтэрэ.

Ыһыахтыам этэ диэн саха дьахтара аҥаардас хала­даай ырбаахытыгар, сэлиэччигэр төһө суума барарын суоттаан кэбиһиҥ. Ити өссө симэҕи, атах таҥаһын, сэлээппэни, суумканы аахпакка туран.

ИҺИТ-ХОМУОС

Аны ыһыах буолан баран сахалыы иһитэ суох табыллыбат. Түһүлгэҕэ күннээҕи иһити-хомуоһу илдьибэтэхтэрэ чахчы. Онон аны сахалыы иһиттэргэ харахпын “быраҕан” аастым.

Аныгы кэмҥэ сахалыы мас иһити-хомуоһу булар уустук. Анаан дьарыктанар эрэ дьон оҥорон эрдэхтэрэ. Туспа сыана, хас хардыы аайы атыыламмат. Онон дьон хамаҕатык атыылаһар, күннээҕи ос­­туолугар уурар таас иһиттэрин көрүөҕүҥ. Таас иһит куорат маҕаһыыннарыгар хамаҕатык атыыланар, сыаната араас. Биллэр-көстөр хампаанньалар иһиттэрэ балачча сыана­лаах. Холобур, кыра кытыйа ортотунан 1000 солк., кыра чо­­роон 1200 солк., алаадьы иһитэ – 3000 солк.

Онтон туох матырыйаалтан оҥоһуллубута биллибэт кытай оҥоһуктарын сыаната лаппа чэпчэки. Кыра кытыйа ортотунан – 500 солк., чороон – 700 солк., алаадьы иһитэ – 1500 солк.

КУЛТУУРАБЫТ ЭРЭ КӨРДӨРӨР

Кистээбэккэ эттэххэ, саха буоларбытын култуурабыт, таҥаспыт-саппыт, киэргэлбит, иһиппит-хомуоспут эрэ туоһулуур. Алын кылаастан кыра оҕолор оннооҕор тыа сирин түгэх дэриэбинэлэригэр нууччалыы тылланан эрэллэрэ кис­­тэл буолбатах. Куоракка этэ да барыллыбат. Онон бренд буол­бут таҥаспытын, киэргэлбитин тутан хаалыы улахан суолталаах. Ол инниттэн олох­тоох оҥоһук, төрүт үгэс эрэ диэн санааттан сыананы бас-баттах ыыппакка, кэм орто хамнас­таах дьон атыылаһар кыаҕын биэриэх баара. Дьиҥэр, сылга биирдэ-иккитэ кэтиллэр таҥас эбээт.

МАТЫРЫЙААЛЫТТАН, ТӨҺӨ УУСТУГУТТАН ТУТУЛУКТААХ

Варя, ателье иистэнньэҥэ:

– Биһиги атыылаабаппыт, дьон матырыйаалыттан тигэбит. Халадаай ырбаахыны туох матырыйаалтан, үлэтэ төһө уустугуттан, эрэсимиэриттэн көрөн 4,5 тыһ. үөһэ тигэбит. Лүөн, штапель, батист уо.д.а. матырыйаалтан тиктэрэллэр. Үксүн ку­­йааска киһи этэ тыынар, салгын киирэр, сөрүүн буоллун диэн х/б матырыйааллары аҕалаллар. Биллэн турар, кырасыабай халадаайы тиктэрээччилэр искусственнай солко, муар, армани, бавария, о.д.а. туһаналлар. Ательеҕа ордук ыстандаартнайа суох быһыылаах-таһаалаах дьон кэлэллэр. Биһиги сыананы санаа эрэ курдук эбэбит, улаханнык халбаҥнаабат. Сакаас сылы эргиччи киирэ турар.

Маҕаһыыҥҥа атыыланар бэлэм таҥастар туох матырыйаалыттан, төһө матырыйаал ороскуоттаммытыттан, уустугуттан, уратытыттан тутулуктаах буолуон сөп. Көннөрү халадаай биэс миэтэрэттэн тахсар. Сорохтор 10-12 миэтэрэ матырыйаалтан тиктэрэллэр.

ОЛУС СЫАНАЛААХ

Елизавета, элбэх оҕолоох ийэ:

– Көрдөххө, маҕаһыыҥҥа атыыланар сахалыы таҥас наһаа сыаналаах. Хантан итинник сыананы ылаллара буолла, сөҕөбүн эрэ. Биһиги курдук элбэх оҕолоох дьон чугаһаабат сирэ. Иистэнньэҥ эдьиийдэрдээх буолан абыранныбыт. Матырыйаалын атыылаһан биэрэн босхону эрэ үрдүнэн тиктэрэбит.
Суох, сыл аайы саҥардар кыаллыбат. Оҕолор улааталларыттан көрөн биирдии-иккилии сылынан тиктэрэн иһэбит. Син бары сахалыы таҥастаах курдукпут.
Биир да ыһыаҕы көтүппэппит, оҕо төрүт үгэһин, ыһыах диэн тугун билиэхтээх. Арыт сыл кэргэним дэриэбинэтигэр баран ыһыахтыыбыт. Тыа сирин ыһыаҕа чөкө буолан бэрт уонна сатаан даҕаны тэрийэллэр.

САНААБЫН ТҮҺЭРБЭППИН

Рита, эдэр ийэ:

– Сахалыы таҥаһым суох гынан баран, санаабын түһэрбэппин, сыл аайы ыһыахха барабын. Сылга биирдэ ыытыллар бырааһынньыктан матар санаам суох. Кистээбэккэ эттэххэ, атыттары көрөн сороҕор сахалыы таҥаһа суохпуттан үөрэбин. Ыһыахтыыр сирбит олус быыллаах буолан, билэр кыргыттарым мааны, маҥан ырбаахылара хап-хара буолар, таҥастарын аһынан хомойоллор эбээт. Сыаналаах таҥаһы киһи чахчы аһыйар буоллаҕа, миэнэ чэпчэки, онон санаарҕаабаппын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: