Үһүс саас оскуолатыгар хайдах суруйтарыахха сөбүй?
Саха сиригэр Үһүс саас оскуолата 2012 сыллаахха тэриллибитэ. Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинин иһинэн үлэлиир. Бу бырайыагы кэлим киин дириэктэрэ Наталья Пахомова тэрийэн, олоххо киллэрбитэ.
Үһүс саас оскуолатыгар быйыл аҕам саастаахтарга 32 куруһуок үлэлиир. Оскуола иһинэн хас да ансаамбыл, түмсүү баар. Куруһуоктар аҕам саастаахтар элбэххэ үөрэнэллэригэр, саҥаны арыйалларыгар, айар дьоҕурдарын сайыннаралларыгар, чэбдигирэллэригэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһалларыгар туһуланаллар.
Ол курдук, фитнес, йога, эмтиир физкультура, гимнастика, үҥкүү, омук тылларын үөрэтии, көмпүүтэри баһылааһын, «Сайдам саас» литературнай куруһуок, ырыа, иис, уруһуй, баайыы, макраме, хомус, оҕуруо, остуол оонньуулара, о.д.а. куруһуоктар бааллар.
Үһүс саас оскуолатын салаалара Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Уус Алдан улуустарыгар үлэлииллэр.
Бу оскуолаҕа хайдах суруйтарыахха сөбүй?
Дьокуускайга Федор Попов уулуссатын 14/6 №-дээх дьиэтигэр тиийэн, куруһуоктар араспысаанньаларын көрөн, суруйтарыаххытын сөп. Эбэтэр, 8 924-178-43-77 төлөпүөнүнэн ыйыталаһан баран, суруйтараҕыт.
Үһүс саас оскуолата — бу социальнай-сырдатар бырайыак, уопсастыбаннай түмсүү быһыытынан үлэлиир. Сүрүн сыала — аҕам саастаах дьону түмүү, олохторун тупсарыы, көхтөөх уһун үйэлэниигэ көҕүлээһин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: