Үһүс саас оскуолатыгар хайдах суруйтарыахха сөбүй?

Share

Саха сиригэр Үһүс саас оскуолата 2012 сыллаахха тэриллибитэ. Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин чэрчитинэн,  Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинин иһинэн үлэлиир. Бу бырайыагы кэлим киин дириэктэрэ Наталья Пахомова тэрийэн, олоххо киллэрбитэ.

Үһүс саас оскуолатыгар быйыл  аҕам саастаахтарга 32 куруһуок үлэлиир. Оскуола иһинэн хас да ансаамбыл, түмсүү баар. Куруһуоктар аҕам саастаахтар  элбэххэ үөрэнэллэригэр, саҥаны арыйалларыгар, айар дьоҕурдарын сайыннаралларыгар, чэбдигирэллэригэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһалларыгар туһуланаллар.

Ол курдук, фитнес, йога, эмтиир физкультура, гимнастика, үҥкүү, омук тылларын үөрэтии, көмпүүтэри баһылааһын, «Сайдам саас» литературнай куруһуок, ырыа, иис, уруһуй, баайыы, макраме, хомус, оҕуруо, остуол оонньуулара, о.д.а. куруһуоктар бааллар.

Үһүс саас оскуолатын салаалара Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Уус Алдан улуустарыгар үлэлииллэр.

Бу оскуолаҕа хайдах суруйтарыахха сөбүй?

Дьокуускайга Федор Попов уулуссатын 14/6 №-дээх дьиэтигэр тиийэн, куруһуоктар араспысаанньаларын көрөн, суруйтарыаххытын сөп. Эбэтэр, 8 924-178-43-77 төлөпүөнүнэн ыйыталаһан баран, суруйтараҕыт.

Үһүс саас оскуолата — бу социальнай-сырдатар бырайыак, уопсастыбаннай түмсүү быһыытынан үлэлиир. Сүрүн сыала — аҕам саастаах дьону түмүү, олохторун тупсарыы, көхтөөх уһун үйэлэниигэ көҕүлээһин.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

8 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

8 часов ago