Салгыы
Үлэ үһүс семестрын туһунан ахтан-санаан аастахха

Үлэ үһүс семестрын туһунан ахтан-санаан аастахха

23.05.2023, 19:00
Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Ааспыт үйэ 1960-с сылларыгар Сэбиэскэй сойууска устудьуоннар хамсааһыннара – устудьуоннар тутар этэрээттэрэ диэн баар буолбута. Саха сирэ эмиэ арыыланан хаалбатаҕа.

Хорообут с. «Сэргэлээх-73» тутар этэрээт байыастара

Саха судаарыстыбаннай университетыгар хас биирдии факультекка устудьуоннар тутар этэрээттэрэ тэриллэн барбыттара. Тутар этэрээттэр үһүс үлэ семестрын өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар атаараллара, кулууптары уонна хотоннору, күрүө-хаһаа тутарга, хомуурга уо.д.а. үлэлииллэрэ.

Физико-математическай факультекка биэстэн тахса тутар этэрээт тэриллибитэ.

Мин үс сыл тутар этэрээттэргэ улаханнык астынан сылдьыбытым. 1972 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ сэлиэнньэтигэр тутар биригээдэҕэ үлэлээбитим. Мин хамандыырдарбын уонна хамыһаардарбын барыларын үчүгэйдик өйдөөбөппүн, тоҕо диэтэххэ, кинилэри кытары алтыһар, сэһэргэһэр кыаҕым суоҕа. Бэдьимэҕэ биһиги кууруска физик үөрэҕэр үөрэнэр Роберт Сивцев хамандыырдаабыта.

Сайылыкка олорбуппутун уонна наараларга утуйа сылдьыбыппытын өйдүүбүн. Сарсыарда биһигини хамандыырдарбыт уһугуннараллара. Ол гынан баран, бэҕэһээ киэһэ хойукка диэри сүүрбүт-көппүт уонна сылайбыт дьон кыайан тура охсубат этибит. Оччоҕо Бомбочка эрэ үлэлээн барара. Мин көрдөөх-нардаах, уолу кытары билсэрбэр бэйэтин Бомбочкабын диэн билиһиннэрбитэ. Дьиҥнээх аатын ыйытан билбитим Ньурбаттан сылдьар Виталий Федоров диэн этэ. Бомбочкабыт, Ваня Аммосов уонна мин курдук, кыра уҥуохтаах, ол эрээри ыадаҥнаабыт көрүҥнээҕэ. Кини биһигини уһугуннараары, нааралартан наараларга атахпытынан сүүрэлиирэ. Бомбочка аныгыскы киириитигэр биһигини кыайан хостоон таһаарбатын курдук, Ванялыын истиэнэҕэ сыстыахпытынан сыстан баран салҕыы утуйарбыт. Ол эрэн, кини биһиги албаспытын билэн, биһиги үрдүбүтүнэн туох баар күүһүнэн түһэрэ. Онон, туран сарсыарда аһыы барарбытыгар эрэ тиийэрбит.

Ваня Аммосов гитараҕа оонньуура уонна киэҥник биллэр сэбиэскэй ырыаһыт Полад Бюль-бюль оглы репертуарыттан:

«Ты мне вчера сказала,
Что позвонишь сегодня.
Но не назвав мне часа,
Сказала, только: «Жди».
И вот с утра волнуясь,
Я жду у телефона.
И беспокойно сердце
Стучит в моей груди…» -– диэн ыллыыра.

Кини тембр куолаһа Сэбиэскэй сойуус улуу ырыаһытын тембрыгар майгынныыра. Сэргэлээххэ барытыгар хас саас аайы кини ырыата иһиллэн, тапталга ылларбыт кыргыттар сүрэхтэрин өрүкүтэрэ.

Биһигини үчүгэйдик аһаталлара. Мин тоҕо итинник диибин? Тоҕо диэтэххэ, аччыктаабыппын эбэтэр топпокко хаалбыппын өйдөөбөппүн. Сопхуос салалтата олорор усулубуойабытын уонна биһиги аһылыкпытын кытаанахтык хонтуруоллуура уонна барытынан толору хааччыйара. Бастакы күннэрбитигэр, оннооҕор сибиэһэй эт баара. Ол гынан баран, ириистээх эбэтэр мокуруоннаах тушенкаҕа көспүппүт.

Мин билигин сайы аайы Белоруссия эбэтэр Бурятия тушенкатын атыылаһабын уонна тутар биригээдэҕэ эбиэппин астына ахтабын. Ол эрээри, аныгы тушенка урукку минньигэс тушенкаҕа хаачыстыбатынан тэҥнэспэт.

Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн 9 чаас саҕана икки уол миигин тоҥонохпуттан тутан, «ыта илдьэр » дьон курдук, аспыт буһа турар кутаатыгар илдьэллэрэ. Икки атын уол иннигэр иһэллэрэ уонна мин өйөнөрө суох олоппоспун, байааммын уонна гитарабын илдьэллэрэ. Аҕалбыт олоппосторугар миигин олордон баран, илиибэр гитараны туттаран кэбиһэллэрэ. Онон, мин киэһэни быһа гитаранан ыллыахтааҕым.

Умуллан эрэ кутааҕа соҕотох хаалбыт гитарист

Кыргыттар кэллэхтэринэ, сыыйа-баайа аны кинилэр кавалердара уолаттар чугаһыыллара. Биир чаас курдугунан бары иккилии буолан тарҕаһан, үрүҥ түүҥҥэ ойуур иһигэр симэлийэн хаалаллара. 11 чаас саҕана мин гитарабын илиибэр туппутунан кутаа таһыгар хаалан хаалбыт буоларым. Биллэн турар, ону мин соччо сөбүлээбэтим уонна аныгыскы сырыыларга, бары кутаа таһыгар мустубуттарын кэннэ хараҕым тугу көрөрүнэн инним диэки хаама турар буолбутум. Оччоҕо кыргыттар бары, онтон кинилэр кэннилэриттэн уолаттара, уу иһээри ыксаабыт ньирэйдэр курдук, кыргыттарын батыһаллара. Онон, бары олус үчүгэй алаастарынан уонна хатыҥ чараҥнарынан хойукка диэри таптыыр ырыаларбытын ыллыы-ыллыы күүлэйдиирбит.

Надя Егорова, мин, Паша Слепцова, Света Баишева

1973 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут сэлиэнньэтинэр «Сэргэлээх-73» тутар этэрээт байыастарын сорохторо кулуубу тутан бүтэрбиттэрэ. Онтон сорохторо хоруу хаһыыта, бетоннааһын уонна штукатурка курдук үлэлэри толорбуттара.

Мин М-71-2 бөлөхпүттэн сэттэ этибит: Оля Замуруева, Паша Слепцова, Света Баишева, Маша Сарахина, Надя Егорова, Ваня Амосов уонна мин. Мин харахпынан олус мөлтөхтүк көрөрүм иһин, тутуу биригээдэлэригэр уонна этэрээттэригэр бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийим Наташа илдьэ барара. Кини убайым Семенныын физматка М-69-3 бөлөххө үөрэнэрэ. Кини бөлөҕө олус иллээх этэ, онон туох баар бырааһынньыктары уонна төрөөбүт күннэри СГУ кылаабынай куорпуһун кытта сэргэстэһэ турар Белинскэй уулусса 64 нүөмэригэр баар биһиги олорор дьиэбитигэр бэлиэтииллэрэ. Кини биир кууруска үөрэнэр оҕолоро Света Ефимова, Ира Бандерова, Калиса Анисимова, Ваня Попов, Петя Пермяков, Федя Егоров эмиэ сайын аайы биһигини кытары тутар этэрээккэ бараллара. Биһигини кытары аймахтарбыт: Лиза Тимофеева бииргэ төрөөбүтэ Коля Тимофеев уонна Лена Яковлева бииргэ төрөөбүтэ, биһиги аймахпыт уол Федя Яковлев барсаллара. Федя Яковлев -– Байкал-Амур магистралыгар сылдьыбыт Саха сирин ыччаттарыттан биир бастакылара этэ.

Мин Руслан Ксенофонтовтыын

Мин Руслан Ксенофонтовы кытары 1973 сыл сайын Хорообут сэлиэнньэтигэр билсибитим. Биһиги бары биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик-эйэлээхтик олорбуппут. Онно, биллэн турар, эдэр устудьуоннар доҕордуу сыһыаннара улахан оруоллааҕа. Сылы быһа лиэксийэлэргэ уонна үөрэх сэминээрдэригэр сылдьыбыт устудьуоннар сайын тутуу биригээдэлэригэр уонна этэрээттэригэр тиийэн, ыкса билсэллэрэ, түмсэллэрэ, ыал буолаллара уонна эр дьон күүстээх доҕордоһуута баара. Сунтаар улууһун Кутана сэлиэнньэтиттэн сылдьар, киһи хараҕар быраҕыллар көстүүлээх, үрдүк уҥуохтаах Руслан Ксенофонтовы кыргыттар бары сөбүлүүллэрэ. Кини ох саанан ытыынан дьарыктанара уонна мин тоҥолоҕум сүһүөхтэрин эчэппэтин курдук, ох сааны илиибэр хайдах тутарбын үөрэтэрэ. Мин урут оҕунан ытыы тиэхиньикэтин билбэт эрдэхпинэ, илиини эчэтиэххэ сөбүн билбэт этим. Биһиги Русланныын доҕордоһуубут күн бүгүҥҥэ диэри салҕанар. Куйаар ситиминэн куруук кэпсэтэбит, онтон сайын Дьокуускайга кэллэҕинэ, хайаан да мин даачабар ыалдьыттыыр.
Маннык көрүдьүөстээх түгэни өйдүүбүн. Уолаттар тута сылдьар кулууптарын кэмигэр туттаран бириэмийэ ылыахтаахтара. Онон биир киэһэ хараҥарыыта дьиэ үрдүн түргэнник сабаары миигин көмөлөһүннэрэ ыҥырбыттара. Мин чохоон сүгэни ылбытым уонна көрбөккө эрэ сүгэ өнчөҕүнэн оскуоманы дьиэ үрдүн былаахытыгар икки охсуунан саайбытым.
1974 сыллаахха мин «Дьүкээбил» диэн тутар этэрээти кытары Уус Майа оройуонун Солнечнай бөһүөлэгэр барбытым. Тутуу этэрээттэригэр сынньалаҥ куруук үлэ онус күнүгэр түбэһэрэ. Аны чопчу бу күн күүстээх ардах түһэрэ. Ол иһин, биһиги «Солнечнайга» курдук диэн күлсээччибит. Мин ону сэргэ, сир үлэтигэр түбэһэн, крот курдук, хоруулары хаһааччыбын уонна ханнык эрэ дьаамаларга бетон уурарым.

Биһиги агитациялыыр биригээдэни кытары мотуордаах тыынан Алдан өрүс нөҥүө кытылыгар тахсарбыт уонна эбэҥкилэр олорор Күпсү уонна Эдьээн сэлиэнньэлэригэр босхо кэнсиэртээн, бу сэлиэнньэлэр олохтоохторун ытыстарын тыаһын, улахан махталы ыларбыт.

Бу сайын Солнечнайга СГУ хас да тутар этэрээтэ үлэлээбитэ, оннооҕор биир этэрээт Прибалтикаттан кэлбит этэ. Тутааччы күнүгэр тутуу этэрээттэрин икки ардыларыгар успуорт тэрээһиннэрэ буолаллара уонна, биллэн турар, кутаа тула олорон ырыа ыллыырбыт. Субуоталарга оройуон кулуубугар үҥкүүлүү барарбыт. Мин биир үҥкүүгэ биир ырыабын толорбутум кэннэ олохтоох вокальнай-инструментальнай ансаамбыл уолаттара мин үҥкүүгэ куруук кэлэрбэр уонна кинилэри быыһыырбар көрдөспүттэрэ. Үҥкүү кэнниттэн миигин кыргыттар атаараллара (мин кинилэри буолбатах), дьиэлэригэр ыалдьыттата ыҥыран сибилигин хомуллубут тэллэйи кытары ыһаарылыммыт сибиэһэй хортуосканан күндүлүүллэрэ. Бу миэхэ ыраахтааҕы аһылыгар тэҥнээҕэ, Солнечнай ити кыргыттарын хаһан да умнуом суоҕа.

Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ Солнечнай бөһүөлэгэр, 1974 сыл.

Биллэн турар, үгүс ыччат хамнас өлөрөн, кыһын таҥнар-саптар туһугар тутуу этэрээттэригэр бараллара. Кырдьык, сорохтор сайын устата үлэлээн элбэх харчыны, 700-800 солкуобайы аахсаллара. Оттон мин хаһан да хамнаһы интэриэһиргээбэт этим, кырата 200 солкуобайы ыллахпына олус астынарым. Оччотооҕу кэминэн 200 солкуобай элбэх харчынан ааҕыллара. Оччолорго бүддьүөт үлэһитин саамай улахан хамнаһа баара-суоҕа 120 солкуобай этэ. Мин урут да романтик киһи, арааһа, билигин да романтикпынан хааллым быһылаах. Биир үчүгэй сэбиэскэй ырыаҕа ылланарын курдук: «А я еду, а я еду за туманом, за туманом и за запахом тайги».

Миигин итинник сэбиэскэй былаас ииппитэ, билигин да ол иитиим хаалбыт. Миэхэ сөптөөх үөрэҕи, үчүгэйдик төлөнөр үлэни биэрбит уонна олорор дьиэтэ суох хаалларбатах сэбиэскэй былааска махтанабын. Онтон билигин харахтарынан көрөллөрүнэн кыһалҕалаах ыччаттарбыт оскуоланы бүтэрэн баран, орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэр кыахтара суох. Хайдах эмэ гынан киирэн да хааллахтарына, үөрэхтэрин бүтэрэн баран сөптөөх үлэлэнэр уонна олорор дьиэлэнэр кыахтара эмиэ суох.

Устудьуоннар тутар этэрээттэрин бэтэрээннэрэ түмсүҥ, WhatsApp бөлөхтөрдө тэрийиҥ уонна ахтыыларда суруйуҥ, хаартыскаларда ыытыһыҥ, хаартыска альбомнарын оҥоруҥ. Ол устудьуоннар тутар этэрээттэрин бэтэрээннэрин мусуойун тэрийэргэ наадалаах. Эһигинэн оҕолоргут уонна сиэннэргит киэн туттуохтара. Көлүөнэлэр ситимнэрэ быстыбатын туһугар чуолаан кинилэргэ бу иһитиннэрии наада. Үүнэр көлүөнэҕэ «дьол харчыга буолбатах» диэн ким эмэ хал буолбут этиитин тириэрдиэхпин баҕарабын. Дьол диэн -– биһиги доруобуйабыт уонна билиибит-көрүүбүт, төрөөбүт дойдубутугар тапталбыт. Төрөөбүт дойду -– кини төрүүр дьолломмут сирэ-уота.

Пантелеймон ЕГОРОВ, СӨ уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ,

«Толбон» УПВЦ ХЭО дириэктэрэ, педагогика наукатын хандьытаата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: