Ый аҥаарыгар 128 киһи халтараантан эмсэҕэлээтэ
Сыл аайы дьыл кэмэ уларыйыытыгар, сааскы, күһүҥҥү халтараан кэмнэригэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа — Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин эчэйии пуунугар мэдиссиинэ көмөтүгэр наадыйааччы эмискэ элбиир.
Дьон сүрүннээн халтархай тротуардарга, кирилиэстэргэ, оптуобустан түһэргэ эчэйэллэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа эйэчии киинин поликлиникаҕа отделениетын сэбиэдиссэйин э.т. Игнатий Семенов:
-Алтынньы 1-16 күннэригэр биһиэхэ мэдиссиинэ көмөтүгэр 1326 киһи наадыйбытыттан 128 киһи чопчу халтараантан сылтаан эмсэҕэлээтэ. Кырдьаҕас дьон үксүгэр харыларын уҥуоҕун, бэрбээкэйдэрин уонна ойоҕосторун тоһуталлар.
Маннык түгэннэргэ бэйэҕит эмтэммэккитигэр, тута мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр кэлэргитигэр сүбэлиибин. Тоҕо диэтэххэ, биир күнүнэн эчэйии иһэр, сүһүрүү барар. Онтон сылтаан мэдиссиинэ араас көмөтүн оҥоруу ыарыылаах буолар, — диэн иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: