Хаартыска: Арассыыйа Буостата.
Атырдьах ыйын 27 күнүттэн Арассыыйа буостата Белгород уонна Курскай уобаластар олохтоохторугар 60000-тан тахса баһыылканы босхо тиэрдэн биэрдэ. Бу эрэгийиэннэр олохтоохторо дойду атын муннуктарыгар 75000-тан тахса баһыылканы ыыттылар.
Баһыылка ыйааһына 20 кг диэри, оттон биир ыытааччы төһө баҕарар баһыылканы ыытыан сөп. Атын эрэгийиэҥҥэ көһөргө күһэллибит Курскай уонна Белгород уобаластар олохтоохторо эбэтэр кыраныысса таһыгар хаалбыт дьонноро баһыылканы босхо ыытыынан туһаныахтарын эбэтэр көһөр буоллахтарына бэйэлэрин кытта элбэх малы ылыахтарын сөп.
“Ыксаллаах быһыыга-майгыга буоста дойду олохтоохторугар куруук көмөлөһөр. Бу биһиги хампаанньабыт ДНК-та – дьон ыарахан кэмигэр аттыгар баар буолабыт, көмөлөһөбүт. Атырдьах ыйыттан Белгород уонна Курскай уобаластар олохтоохторугар биһиги баһыылканы босхо тиэрдэн биэрэбит эбэтэр ыытабыт. Бу биһиги бэйэбит буостабыт үлэтэ, ону тэҥэ кыһамньыбыт уонна гражданскай позициябыт”, — диэн тоһоҕлоон этэр Арассыыйа Буостатын генеральнай дириэктэрэ Михаил Волков.
Санатан эттэххэ, Буоста Белгород уонна Курскай уобаластар олохтоохторугар баһыылканы төлөбүргэ таһарын тохтоппута, бу эрэгийиэннэр олохтоохторо дойду устун ыытар баһыылкалара эмиэ босхо барар.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …