Ыйдааҕы аһы хантан ылар барыстааҕый?

Ыйдааҕы аһы хантан ылар барыстааҕый?

Ааптар:
17.03.2024, 18:00
Егор Карпов хаартыската
Бөлөххө киир:

Дьиэ таһыгар турар маҕаһыынтан килиэп, үүт курдук күннээҕи аһы атыылаһыахха сөп. Ол эрэн, атын бородууктаны чугас маҕаһыынтан ылар ночооттооҕун дьон үксэ өйдөөбүтэ ыраатта. Тэйиччи турар улахан маҕаһыыннарга, ырыынактарга ас-үөл, кырдьык, биллэрдик чэпчэки сыаналаах. Ол эрэн, төһө тэйиэххэ сөбүй? Дьокуускай куорат сорох олохтоохторо олох даҕаны өрүһү нөҥүөлээн Аллараа Бэстээххэ тиийэллэр. Бу төһө барыстааҕый? Тэҥнээн көрүөҕүҥ.

Кыра куус – улахан барыс

Биир күн кыра кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарга тиийэн ыйдааҕы аһы атыылаһыы – үгүс дойдуларга тарҕаммыт дьарык. Арассыыйаҕа өр кэмҥэ бу үгэс соччо тарҕамматах этэ – Сэбиэскэй бы­­лаас кэмигэр сыана биир эрэгийиэҥ­ҥэ халбаҥнаабат биир этэ. Куулунан да ыл, биир устууканы да ыл, сыана биир буолара. Онон, хапытаал үйэтэ кэлбитин да кэннэ, үгүс дьон өр сыллаах үгэстэрин ыһыктыбатахтара – аһы, малы, чугастааҕы маҕаһыынтан ылаллара.

Онтон олох улары­йан, дьон барыстаах өттүн көрдүүр буол­бута, “мелкооптовка” диэн ааттанар куорат кытыытыгар сытар маҕаһыыннарга элбэҕи атыыластахха, сыана үс гыммыт бииригэр тиийэ барыстаах­тык атыылаһыахха сөбүн өйдөөбүттэрэ. Массыыналаах дьон түргэнник буортуйбат аһы-үөлү – куруппаны, саахары, бурдугу, кэнсиэрбэни ыйга биирдэ, иккитэ кырынан атыылаһар буолбуттара. Билигин чааһынай тимир көлөтө да суох дьон үрү­сээк сүгэн баран  оптуобуһунан талбыт маҕаһыыннарыгар тиийэл­лэр.

Киилэнэн, куулунан

Аллараа Бэстээххэ кууһунан атыы – киэҥ далааһыннаах урбаан эбит. “Манчаары”, “Asia” курдук киин сиргэ турар улахан маҕаһыыннары кытта бөһүөлэк түгэх соҕус сирдэригэр бородуукта эгэлгэтин атыылыыр ыскылаат маҕаһыыннар элбэхтэр.

Дьоҕус, 1 киилэ кэриҥэ суулаах бородууктаны тэҥэ, ха­­йаан даҕаны 5, 10, 25, 50 киилэ ыйааһыннаах бакыаттаах, куул хаалаахтар хайаан да бааллар. Сыана төһө буолар эбитий?

Саахар: 5 кг — 505 солк. 10 кг — 1016 солк., 25 кг — 2580 солк.

Бурдук (“Алейка”): 5 кг – 227 солк., 10 кг. – 458 солк., 25 кг – 1094 солк.

Ириис куруппа (Краснодар): 5 кг — 510 солк., 10 кг — 1035 солк., 25 кг — 2580 солк.   

Гречка куруппата: 5 кг – 505 солк. 10 кг — 1008 солк., 25 кг — 2489 солк. 

Мас арыыта (“Золотая семечка”) – 1,8 лиитирэ – 350 солк., 3 лиитирэ – 513 солк., 5 лиитирэ – 863 солк.

Сыана маҕаһыын аайы, биллэн турар, араас, көрдөөтөххө, манна ыйыллыбыттан чэпчэкини да булуохха сөбө буолуо. Холобур, гречканы биир сиргэ 5 киилэтин 400 солкуобайга атыылыылларын көрбүтүм эрээри, табаар бэйэтэ көстөр сиргэ суоҕа. Онон туох хаачыстыбалаах, хантан кэлбит ас буоларын билбэтим.  Арыы мааркатыттан көрөн сыаната балачча арахсар. Аны туран, иһит иэнин болҕомтолоохтук көрөр оруннаах буолбут – урут барыта өйдөнөр курдук 1, 2, 5 лиитирэ ыйыллар эбит буоллаҕына, билигин 0,8 лиитирэ, 1,8 лиитирэ курдук, саарбах соҕус иэн ыйыллар буолбут.  Сүрүннээн, сыана биир тэҥ, аҕыйах солкуобайынан арахсар.

Оттон чугас көрдөххө?

“Аллараа Бэстээх тимир суол­тан чугас, онон өрүс нөҥүө туоруу илик табаар сыаната чэпчэки” диэн өйдөбүлүнэн сирдэтинэн, дьон куораттан өрүһү нөҥүөлүүр эбиттэр. Ол эрэн, бу курдук дьаһаныы барыстаах дуо? Хайа, бэн­сиин эмиэ сыаналаах буоллаҕа, арыый чугас айаннаабыт ордук буолаарай?

Чернышевскай уулуссаты­гар кэккэлэһэ турар кыра кууһунан атыылыыр маҕа­һыын­нарга тиийэн сыаналары көрдүм. Онно сүрүн бородууктаҕа маннык сыана олохсуйбут:

Саахар: 5 кг — 510 солк., 25 кг — 2250 солк., 50 кг — 4340 солк.

Бурдук (“Алейка”): 5 кг – 260 солк., 10 кг. – 520 солк., 25 кг – 1200 солк.

Ириис куруппа (Крас­нодар): 5 кг — 656 солк., 10 кг — 1035 солк., 25 кг — 2450 солк.   

Гречка куруппата: 3 кг – 285 солк, 5 кг – 400-500 солк. 25 кг – 1350 солк.

Мас арыыта – 1,8 лиитирэ (“Золотая семечка”) – 234 солк., 3 лиитирэ (“Золото Лета”) – 318 солк., 5 лиитирэ (“Золото Лета”) – 625 солк.

Көрөргүт курдук, сыана улахан арыта суох курдук, сороҕор куоракка арыый чэпчэкини да булуохха сөп эбит. Аны сорох маҕаһыыҥҥа 10 тыһыынчаттан тахсар сууманы бараатахха, дьиэҕэ босхо тиксэрии өҥөтө баар. Оччоҕуна олох даҕаны бэнсиин бараабакка, бородуукталаһыахха сөп.

Интэриниэт маҕаһыын

Сыана саамай чэпчэкитин талар туһугар элбэх маҕаһыыны кэрийэн саамай барыс­таах этиини көрдүүр көдьүүстээх. Оттон элбэҕи биирдэ ылар тэрээһин, бастатан туран, бириэмэ харыстыыр сыаллаах буоллаҕына, интэри­ниэтинэн сакаастыыр быдан көдьүүстээх. Маннык атыыга табааргын кыра соболоҥҥо дьиэҕэр тиксэрэллэр. Бу эмиэ дьиэ таһынааҕы маҕаһыынтан атыылаһардааҕар лаппа барыс­таах. Холобур, Сбер маркет сыһыарыытыгар 5 кг саахары 530 солкуобайга атыылаһыахха сөп. 10 киилэлээх үрүҥ бурдугу 550 солкуобайга ылаҕын. 3 киилэ гречка – 314 солк. 5 киилэ ириис (“Семейные закрома”) – 832 солк. Мас арыыта 0,9 лиитирэ – 137 солк.

Түмүккэ

Ас – киһи бастакы кыһалҕата, аһаабат киһи диэн суох. Онон ыйдааҕы аһы биирдэ ылары үгэс оҥоһуннахха, сыл иһигэр элбэх харчыны кэмчилиэххэ сөп. Кыһыҥҥы суол баар кэмигэр Дьокуускайтан  Аллараа Бэстээх курдук ыраах сиргэ айанныыр улахан барыһа суох быһыылаах. Судургутук куорат кытыы уулуссаларыгар турар “оптовкаларга” тиийбит ордук барыстаах буолууһу. Онуохаҕа бэйэ массыыната да ирдэммэт, сөптөөх сууманы бараатаххына, бэйэлэрэ аҕалан биэриэхтэрэ.

+1
7
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: