Үйэ аҥаара – Лампа сайылыкка

Share

Тыа сириттэн төрүттээх, айылҕаны кытта ыкса ситимнээх буолан, сайын кэлиитин үгүспүт күөххэ үктэниини, сайылыгы кытта сибээстиир.

Сайылык үлэтэ, омос көрдөххө, сарсыардааҥҥҥы ыамтан саҕалаан, киэһээҥҥэ диэри ыанньыксыт түбүктээх үлэтинэн муҥурданар курдук эрээри, нэһи­лиэк уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах. Ол да иһин былыр-былыргыттан үрдүк үүтү ылаары, сүөһүнү уотаары, саха ыала сайылыкка көһөр буоллаҕа.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2018 сыл сэтинньи 6 күнүнээҕи ыйааҕынан, ыам ыйын 22 күнүн Саха сиригэр Сайылык күнүнэн биллэрбитэ. Саха дьоно сайыны көрсө бу күнү хайаан да бэлиэтииллэр.

Бу күннэргэ улуус аайы улахан тэриллиилээх хаһаа­йыстыбалар, пиэрмэрдэр, кэтэх сүөһүлээх ыаллар сайы­лыкка көһөр кэмнэрэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тараҕай нэһилиэгин төрүт олохтоохторо Аманатовтар Лампа сайы­лыгар тахсаары, “күөстэрин өрүнэ” сылдьар үтүө күннэрэ үүннүлэр. Дьиэлээх хаһаайка Мария Никитична иһитин-хомуоһун, аһын-үөлүн араара сылдьарыгар түбэһэн кэпсэттим.

САЙЫЛЫККА ТАХСЫЫ ҮБҮЛҮӨЙЭ

– Сайылыккытыгар көһөө­рү сыл аайы түбүгүрэр кэмҥит саҕаламмытынан! Эн хас сыллаахтан ыла бу курдук сайылыкка көһөр түбүгэр түһэҕин?

– 1973 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн ыанньыксыттыы тахсыахпыттан ыла Лампа сайы­лыгыттан арахса иликпин. Быйыл сайылыкка тахсыым үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэ­тээн, Лампабар тиийээт, алаа­дьылаан сырылатыам да буол­лаҕа!

– Тыый, кырдьык да 50 сыл устата биир да сылы көтүппэккэ, сайылыкка тахсыы диэн – устуоруйа эбит!

– Лампа – сэбиэскэй кэмҥэ номоххо киирбит дьоруой Карл Байкалов аатынан сопхуос бастыҥ сайылыга этэ. Холкуос, сопхуос саҕаттан бу манна үтүөкэннээх дьон үлэлээн аастахтара. Оройуон аатырбыт ыанньыксыттарыттан, үс уордьан кавалердарыттан биирдэстэрэ Мария Сосина билигин баар. 21-с үйэ сайылыгар Иван Герасимов салайар кэпэрэтиибин 60 ыанар ынаҕа уонна субан сүөһүтэ сайылыыр уонна биһиги – кэтэх сүөһүлээх ыаллар.

САЙЫЛЫК ЫАЛЛАРА

– Эһиги төһө сүөһүнү сайылатаҕыт?

– Быйыл отучча төбөнү кыстаттыбыт. Уонча ыанар ынаҕы кытта субаннар, ньирэйдэр бары сайылыы тахсыахтара. Онон-манан уу дэлби хайыта сүүрэн, суолбутун алдьаппыт дииллэр. Онон, хаһан буоларын курдук, тыраахтарынан көһөн тахсыахпыт. Кэргэним кэпэрэтиипкэ бостууктуур. Мин сүөһүлэрбин көрөбүн. Оҕолор, сиэннэр бары тахсан, 20-чэ буолан, аны окко түһүнүөхпүт. Сэттэ ыал сайылыыр. Онон сайылыкпытыгар Лампаҕа 70-ча киһи буолабыт. Бэйэтэ ыһыахтыыр киһи ахсаана.

ҮЛЭҺИТ КИҺИ – ЧИЭС-БОЧУОТ

– Сэбиэскэй кэмтэн ыанньыксыттыыр киһи, чиэс-бочуот бөҕө буолуоҥ?

– Оччолорго үлэһит киһи үрдүктүк сыаналанар этэ. Биһиги иккиэн сүөһү үлэтиттэн арахсыбатах дьоммут. Кэргэним Ефрем Николаевич сааһын тухары бостуук. Тараҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна” бэлиэ хаһаайына. Мин, этэн аһарбытым курдук, оскуоланы бүтэриэхпиттэн ыла ыанньыксыппын. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕобун, “РФ тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин” кыһыл көмүс мэтээллээхпин. Онон биһиги дьиэ кэргэн дойдубутугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үлэбит түмүгэ итинник.

– Ити ситиһиигит, биллэн турар, Лампаҕытын кытта ыкса сибээстээҕэ чахчы буоллаҕа.

– Оннук. Биир өрөбүлэ суох үлэбитин сыаналаабыттарынан үөрэбит. Сайылыкпыт төрүттэммитэ 80 сылыгар Лампа туһунан кинигэ тахсыбыта. Бу сайылыкка XX үйэҕэ айан-тутан ааспыт саха бэйиэтэ, тылбаасчыта Иван Арбита (Иван Егорович Слепцов) төрөөбүтэ. Быйыл ахсынньыга аатырбыт биир дойдулаахпыт төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтиэхпит. Онон биһиги Лампабыт – бэрт историческай сайылык.

АНЫГЫ ҮЙЭ САЙЫЛЫГА

– Оннук эбит дии. Аныгы үйэ сайылыга сайдыыны кытта тэҥҥэ хардыылаан истэҕэ?

– Тиэхиньикэ арааһа дэлэй. Уот баар буолан, араадьыйа, 20 бырагыраамалаах тэлэбиисэр баар. Ынахпытын “дуойканан” ыыбыт. Суотабайбытын түннүккэ уурдахха, хабар. Онон бассаап да баар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

26 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

2 часа ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago