Салгыы
Үйэ аҥаара олох устун сиэттиспитинэн

Үйэ аҥаара олох устун сиэттиспитинэн

04.10.2022, 18:00
Бөлөххө киир:

Олох түстэниитэ уоллаах кыыс тапталларыттан саҕаланар. Кинилэр истиҥ тапталларыгар бигэнэн, өйдөрүн-санааларын түмэн, дьиэ-уот тэринэргэ быһаарыналлар. Дьэ, уонна сылаас холумтаннаах, толору сандалылаах саха мааны ыала буолаллар.

Бу барыта саха киһитэ былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит үтүө үгэһэ, сиэрэ-туома. Маннык сиэри-туому тутуһан, 50 сыл бииргэ олорор, быйыл кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтиир Татьяна Федоровна уонна Николай Николаевич Ребровтар – биһиги бүгүҥҥү ыалдьыттарбыт.

Николай Николаевич

Николай 1948 с. ахсынньы 27 күнүгэр Абый улууһун Сыаҥаннааҕар томороон тымныыга балаҕан дьиэҕэ төрөппүттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Кини СГУ историко-филологическай факультетыгар устуоруйа салаатыгар кэтэхтэн үөрэнэн баран, 1971 сыллаахха күнүскү үөрэх төрдүс кууруһун устудьуона буолбута.  Университекка туйгуннук үөрэммитэ, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттара, тустуунан дьарыгырыытын сөргүппүтэ. Хомсомуол кэмитиэтигэр, университет устудьуоннарын “Алмаас” тутар этэрээтигэр комиссарынан үлэлээбитэ. Уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыы­лааҕа, биир симиэстиргэ 14 сыбаайбаҕа тиийэ тамадалыыр, хаар түһэ­риитигэр, от үлэтигэр күүһүн-уоҕун көрдөрөр, спортивнай көрүҥнээх уол устудьуон кыргыттар харахтарын далыгар киирэ охсубута. Ол гынан баран, Николай болҕомтотун тута Үөһээ Дьааҥыттан сылдьар, мэдиссиинискэй факультет бэһис кууруһун бүтэрээри сылдьар Татьяна диэн ааттаах кыыс тардыбыта. Оччолорго Ново-Карьернай уулусса куорат кытыыта буолан, күөҕүнэн чэлгийэн турара. Танялыын чугастааҕы тыаҕа күүлэйдииллэрэ, килбиктик кэпсэтэллэрэ. “Ол күнтэн ыла, этэллэрин курдук, икки фроҥҥа сэриилэһэр буолбутум: күнүс – үөрэҕим, киэһэни көтүппэккэ Сайсарыга быһа түһэрим”, – диэн Николай Николаевич кэпсиир.

Татьяна Федоровна

Татьяна Федоровна Реброва (Васильева) Дьааҥы улууһун дьикти кэрэ айылҕалаах, үтүө-мааны дьоннордоох Суордаах сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.

1966 сыллаахха Дьааҥы Новгородов аатынан орто оскуолатын 11-с кылааһын бүтэрбитэ.
1972 с. СГУ мэдиссиинискэй факультетын “Эмтиир дьыала” идэтин бүтэрбитэ. Мэдиссиинискэй факультет үҥкүүтүн бөлөҕөр 3 сыл дьарыктаммыта.

Татьяна Федоровна олоҕун 43 сылын доруобуйа харыстабылыгар анаан, дьоһуннаах олоҕу олорон кэллэ. «СӨ үтүөлээх бырааһа» (2007 с.), «СӨ доруобуйа харыс­табылын туйгуна» (2001 с.) үрдүк ааттары ылбыта. РСФСР Кыһыл кириэһин уопсастыбатын, СӨ Доруобуйа харыстабылын (1996 с.), СӨ ИДьМ Бочуотунай грамоталарынан, РФ Ис дьыалаҕа миниис­тирэ Р.Нургалиев Махтал суругунан наҕараадаламмыта.

Дьааҥы улууһун киин балыыһатын Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ (2006 с.), “Дьааҥы улууһун бастыҥ мэдиссии­нискэй үлэһитэ” (1985 с.), “Абый улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэнэн, Идэлээх сойуустар өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэттэрин президиумун Бочуотунай грамотатынан, “Сахамедстрах” ГСМК бочуо­тунай грамотатынан наҕараадаламмыта.

Хараҕынан хайҕыы көрбүт, сүрэҕэ сөбүлээбит Татьянатын, олоҕун эрэллээх аргыһа Татьяна Федоровна туһунан кэргэнэ Николай Ребров:

«Кини доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр өр сылларга салайар үлэҕэ сылдьыбыт буолан, дьыала суругар балай эрэ үөрү­йэх уонна мин үгүс кинигэлэрбин, илиинэн суруллубуттарын бастакы ааҕааччым, бэрэбиэркэлээччим, көннөрөөччүм буоларынан кинигэ хайдах сурулларын эмиэ билэр. Татьяна дьоһуннаах үлэни толорон кэллэ. Чиэскэ-бочуокка да тигис­тэ. Билигин биһигини бочуоттаах сынньалаҥ үтүө, сырдык саҕахтара күүтэллэр дии саныыбыт, онуо­ха дьулуһабыт, оннук үтүө ыра­лаахпыт», – диэн этэр.

Татьяна Федоровна билигин сынньалаҥҥа олорон иистэнэр, оҕуруо анньар, даачаҕа оҕу­руот көрөр, кинигэ ааҕар.  Сахалыы сиэргэ-туомҥа, үгэстэргэ сүгүрүйэр уонна тутуһар.

“Үтүө-мааны төрүттээх-уустаах Абый Ребровтарын халыҥ аймаҕар кийиит буолбутум – Дьылҕа Хаан эмиэ биир биһирэмнээх ыйаа­ҕа, бэлэҕэ. Кэргэним үтүө майгыта, киэҥ билиитэ, дэгиттэр дьоҕура, талаана миигин олоҕум устата арыаллаата, барытыгар күүс-көмө буолла. Киһи кэрэтин, үтүөһүт үлэтин олоҕум аргыһа оҥостубутум – бу мин дьылҕам бэлэҕэ”, – диэн 50 сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорор кэргэнигэр махталын этэр.

Ыал буолуу – олоҕу оҥостуу

Татьяналыын Сэргэлээх 12 куорпуһугар кини – төрдүс, мин бэһис этээстэргэ олорбуппут. Онон көрсүһэргэ, билсэргэ-көрсөргө кыах баар этэ. Тыйаатырга, киинэҕэ элбэхтик сылдьарбыт.

Кини мэдиссиинискэй факультет алтыс кууруһугар үөрэнэр, дьупулуомун эксээмэннэрин туттарыахтаах. Оттон мин 4 кууруспун, “Алмаас” тутар этэрээт комиссарабын, инньэ гынан, иккиэн соло­бут суох курдук. Ол да буоллар, 1972 сыллаахха ыал буоларга быһаа­рыммыппыт. Ону Таням бииргэ үөрэнэр кыргыттара: “Ама да уот­таах тапталга умайбыккыт иһин, судаарыстыбаннай эксээмэн иннинэ тохтуу түһүөххүтүн”, – диэн мөҕөллөр этэ. Ол иһин, Аркадий Алексеев «Устудьуон доҕорбор» диэн ырыатыттан «Устудьуон доҕорум, эйигин сөҕөбүн, үөрэххиттэн быыс булан күүтэргин» диэн ырыаҕа ылланарын курдук сылдьыбыт эбиппин, ону билигин, дьоһуннаах сааспытыгар тиийэн олорон сөҕөбүт, – диэн кэпсиир.

1972 с. сайыныгар Татьяналыын кэргэннии буоларга быһаарынан, от ыйын 9 күнүгэр сыбаайба­лаабыппыт. Бэлэмҥэ тиийбиппит, Сыаҥаннаахха мин аҕам, аҕам иккис кэргэнэ, аймахтарбыт бары бааллара. Оччотооҕу быраабыланан, сайабылыанньаҕын сыбаайбалыаҥ үс ый иннинэ биэриэхтээҕиҥ. Инньэ гынан, биһиги саахсата суох сыбаайбалаабыппыт”, – диэн Ребровтар урукку дьоллоох кэмнэригэр төннөн ыллылар.

Үөрэҕин бүтэрбит Татьяна дойдутугар Дулҕалаах нэһилиэгэр учаастактааҕы балыыһаҕа кылаабынай бырааһынан үлэлии, оттон Николай Дьокуускайга үөрэҕин салгыы барбыта. 1973 с. үөрэҕин бүтэрэн, ол сайын хомсомуол Үөһээ Дьааҥытааҕы райкомун бастакы сэкирэтээринэн быыбардаммыта.

Ребровтар Абыйга, Үөһээ Дьааҥыга олорбуттара, үлэлээбиттэрэ. 1976 сыллаахха кулун тутар 22 күнүгэр Дружинаҕа уоллара төрөөбүтэ. Кырачаан киһиэхэ убайдарын  аатын биэрэн, олоҕу салгыыр иккис Иван Николаевич Ребров баар буолбута.

Эдэр ыал эһиилигэр Татьяна дойдутугар Дулҕалаахха көһөн, уонча сыл ньир-бааччы олорбуттара. Николай Николаевич сэ­­биэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, оскуолаҕа завуһунан, отделе­ниеҕа управляющайынан үлэлээбитэ. Эмчит идэлээх Татьяна Федоровна балыыһаҕа кылаабынай быраас­таабыта. Кинилэр балыыһалара оройуоҥҥа биир бастыҥ үлэлээҕинэн ааҕыллара. Татьяна Федоровна биир сыл оройуоҥҥа идэтинэн бастаабыта. Нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттара.

Онон уоллара Ваня оскуола боруогун Дулҕалаахха атыллаабыта. Уус дьоҕурдаах Николай Ребров улахан дьиэ туттубута. Бэйэлэрин кытары Татьяна ийэтэ Екатерина Федоровна олорбута, сиэнин бүөбэйдээбитэ, дьоҥҥо иистэнэн олохтоохтор махталларын ылбыта, дьиэҕэ-уокка көмөлөһөн, күнү быһа үлэҕэ сылдьар эдэрдэргэ бигэ тирэх буолбута.

Сотору аны ыал аҕа баһылыга төрүт сиригэр Абый оройуонун саҥа киинигэр Белай Гора бөһүөлэгэр көһөн олохсуйбуттара. Николай Николаевич оскуолаҕа, үөрэх оройуоннааҕы салаатыгар, улуус дьаһалтатыгар араас дуоһунастарга үлэлээбитэ. Татьяна Федоровна оройуон киин балыыһатыгар кы­­лаабынай бырааһы эмтиир уонна методическай үлэлэргэ солбуйааччынан анаммыта.

Ваня Белай Гора орто оскуолатын 9-с кылааһын бүтэрэн баран, салгыы Дьокуускайга физико-математическай оскуолаҕа үөрэммитэ. Онтон тута Москваҕа ньиэп уонна гаас академиятыгар үөрэххэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрээт, Дьокуускайга идэтинэн үлэҕэ анаммыта. Ити кэмҥэ төрөппүттэрэ эмиэ Дьокуускайга олохсуйа кэлбиттэрэ.

Николай Николаевич өрөспүүбүлүкэбит тэбэр сүрэҕэр кэлэн, айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанан барбыта. Татьяна Федоровна Ис дьыала министиэристибэтин балыыһатыгар поликлиника бырааһынан үлэҕэ киирбитэ. Дьокуускай куоракка ИДьМ поликлиникатын мэдиссиинискэй-санитарнай чааһын бырааһынан үлэлээбитэ.

«Дьокуускайга 1998 сылтан олоробут, үлэбит үтүө түмүктээх, тахсыылаах, дьиэ кэргэммит олоҕо-дьаһаҕа этэҥҥэ буолбутуттан үөрэбит. Татьяна – СӨ үтүөлээх бырааһа, дойдутуттан Үөһээ Дьааҥыттан, үлэлээбит Абыйыттан, араас таһымнаах тэрилтэлэртэн, ол иһигэр Арассыыйаттан атын элбэх наҕараадалардаах, талан ылбыт идэтинэн 68 сааһыгар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээтэ», – диэн Николай Ребров кэпсиир.

Кырдьыга да, Николай Ребров – билигин киэҥ эйгэҕэ биллэр суруналыыс, сахалыы, нууччалыы суруллубут 36 кинигэ, 5 буклет ааптара. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэ, улуус хаһыаттарыгар сүүһүнэн ыстатыйата бэчээттэнэн, ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылар. Айар үлэтэ сыаналанан, 2015 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолбута (оччолорго “Үтүөлээх суруналыыс” диэн аат олохтоно илигэ).

Дьиэ кэргэммит саамай дьоллоох түгэннэрэ

Кыһыл көмүс сыбаайбалаах ыалтан  дьиэ кэргэн саамай дьоллоох түгэннэриттэн ханныгы ааттыылларын ыйыппыппар, ыал аҕа баһылыга  орто дойдуга 50 сыл ыал буолан олорбуттарын тухары оннук түгэн элбэҕин, ол эрэн, биири           ойуччу тутуохха сөбүн туһунан этэр. Ол, биллэн турар, ийэ киһи 9 ыйы быһа иһигэр бүөбэйдээн, улаатыннаран, үлэһит гыммыт оҕолоро ыал буолан, туспа буруо таһаарыныыта буолар. Бары билэрбит курдук, төрөппүт сүрүн соруга оҕону этэҥҥэ иитэн, улаа­тыннаран, олох киэҥ аартыгар көччөх гынан көтүтүү.

Уоллара Иван 2002 сыллаахха Уус Алдан улууһуттан төрүттээх Екатерина Гоголевалыын олохторун холбообуттара. Ити кэмҥэ Иван “Саханефтегаз” хампаанньаҕа, Екатерина Экэниэмикэ министиэристибэтигэр үлэлииллэрэ.

Билигин Екатерина, Иван Ребровтар 4 оҕолоох, үлэлэрин, олохторун үчүгэйдик тэриммит, дьаһаммыт быр-бааччы олох­тоох ыаллар. Кинилэр төрөппүттэригэр 2002 с. бастакы сиэни Таняны, онтон 2005 сылга иккис сиэни Катяны, 2009 с. үһүс сиэни Розаны, 2017 с. күүтүүлээх күндү сиэни Ваняны бэлэхтээбиттэрэ.

Улахан сиэннэрэ Таня билигин – Санкт Петербург куоракка Информационнай технологиялар, механика уонна оптика (ИТМО) университетын үһүс кууруһун устудьуона. Катя куорат лиссиэйин 11-с кылааһын, Роза “Глобальнай үөрэхтээһин киинэ” гимназия 7-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, Ванюша – уһуйаан иитиллээччитэ.

“Уолбут Иван үөрэҕэр 1 кылаас­тан үчүгэй этэ. Сэбиэскэй үлэһит буоламмыт сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри наар үлэ, аны үлэ кэнниттэн бэлитиичэскэй үөрэх, эрэпэтииссийэ, туораттан көрдөххө, соҕотох уолбутугар ураты болҕомтону уурбатах курдук көстөрбүт буолуон сөп. Иван оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан “Бэлэм буол” хаһыат олимпиадатыгар бэйэтэ суоттуу-суоттуу ыытар эбит уонна сайын лааҕырга ыҥырыы туппут. Биһиги хайыахпытый, ыыттахпыт дии. Онтон уолбут ол лааҕырга сылдьан өрөспүүбүлүкэтээҕи физика-математика оскуолатыгар киирбитин туһунан иһитиннэрбитэ. Онно үөрэнэ сылдьан 30 баалтан 29 баалы ылан, Москваҕа ньиэп, гаас академиятын устудьуона буолбута. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, биһиги оннук үөрэх баарын да билбэт этибит.

Иван өр сылларга «Янзолото» тэрилтэни салайбыта, бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарбыта. Билигин чааһынай урбаанньыт. Иккис үөрэҕин РФ бэрэсидьиэнин иһинэн норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа академиятыгар ылбыта.

Уолбут олус булчут, булт диэн баран муннукка ытаабыт киһи.

Эр киһи аналынан, алаһа дьиэ­битин туппутум, уол оҕолоннум, мас олортум. Көмүс сиэннэрбит туһугар олоххо дьулуурбут өссө күүһүрдэ, олохтон күүтэр бары үтүөнү-кэрэни кинилэри кытары сибээстиибит. Ол сырдык ыра санаа­быт туолуутун Үрдүк Айыылартан үҥэн-сүктэн көрдөһөбүт уонна бэйэбитин дьоллоох дьонунан ааҕынабыт. Биһиги дьолбут – сиэннэрбит!

Хас сарсыарда аайы эрдэ туран, итии чэй иһэ олорон, арааһы сэһэргэһэбит уонна үүммүт саҥа күнтэн үтүөнү, кэрэни эрэ күүтэбит.

2022 сыл от ыйын 8 күнүгэр кэргэннии буолбуппут 50 сыла буолла», – диэн көмүс сыбаайбалаах Ребровтар сырдык санаанан салайтаран хас сарсыарданы үөрэ-көтө көрсөллөр.

«Киһи олоҕо мэлдьи сибэккинэн симэммэт»

– Биһиги да олохпутугар, үлэбитигэр ааспыт 50 сылга араас ыарахаттар, моһоллор, ардыгар өйдөспөт да түгэннэр бааллара. Ол эрэн, бу сааһыран олорон биһиэхэ ааспыт олохпутугар киһи үөрэрэ, астынара быдан элбэх диэн саарбахтаабакка этэбит.

Ону барытын туораан дьон, ыал тэҥинэн олорон, үлэлээн чиэскэ-бочуокка тиксэн бочуоттаах сынньалаҥ сааспытыгар тиийдэхпит.

Сэбиэскэй кэмтэн саҕалаан элбэхтэ курортарга, санаторийдарга, дойду иһигэр, Евразия элбэх дойдуларыгар, Кытайга, Турцияҕа сынньаммыппыт – эмиэ дьол биир түгэнэ буоллаҕа.

Сааһырбыт дьон тапталлара – бэйэ-бэйэни убаастаһыы, суохтаһыы, сыаналаһыы, харайсыы дии саныыбын. Оҕолорбут, сиэннэр тустарыгар олоробут, халыҥ аймахтарбытыгар төһө кыайарбытынан күүс-көмө, сүбэһит, түмээччи буолабыт.

Олорбут олохпутуттан кэмсиммэппит.

Дьол диэҥҥэ эмиэ туһунан көрүүлээхпин. Толору дьол диэн тугу ааттыылларын мин кыайан өйдөөбөт эбиппин. Дьол диэн араас түгэннэртэн турар. Холобур¸олохпор үчүгэй кэргэннээҕим – эмиэ дьолум, дьоҥҥо үчүгэй сыһыаннааҕым – эмиэ дьолум, элбэх доҕордооҕум, аймахтааҕым – эмиэ дьолум. Дьол диэн түмүллүбүт уобарас курдук”, – диэн кыһыл көмүс сыбаайбалаах ыал аҕа баһылыга Николай Ребров сэргэх кэпсээнин түмүктүүр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: