«Үйэ оҕолоро» хапытаал 2800-тэн тахса дьиэ кэргэҥҥэ туттарыллыбыт

Share

Сыл саҕаланыаҕыттан «Үйэ оҕолоро» хапытаалы 2800-тэн тахса дьиэ кэргэн ылбыт.

СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл Оҕо саас сылыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 2853 дьиэ кэргэҥҥэ туттарыллыбыт.

Санатар буоллахха, бу тус сыаллаах хапытаал Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан, 2027 сылга диэри уһатыллыбыта.

Саха сирэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрдээҕинэн Уһук Илиҥҥэ биллэр. Оҕо төрөөһүнүнэн Уһук Илин уокуругар 1, дойду үрдүнэн ахсыс миэстэни ылар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бүгүн Ый өлүүтэ буолар

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Арассыыйа сиригэр-уотугар ый "өлүөҕэ".   Ый өлөр муҥутуур фазата балаҕан ыйын…

4 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Егор Кирсанов: “Айылҕаҕа сылдьыы туспа сиэрдээх”

Көрсөн кэпсэтиэхтээх киһибэр Егор Кирсановка үлэлиир сиригэр кэлээт, остуолга хотой кынатын куорсунуттан уруучука сытарыгар хараҕым…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКАЛАР: Ырыынакка отон сыаната төһө буолла?

Быйыл үгүс улуустарга отон үчүгэйдик үүммэтэ диэн кэпсэтэллэрин элбэхтик истэбин.  Аны дьэдьэн, моонньоҕон да урукку…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Эр киһи 11 саастаах оҕону охсубут

Дьокуускайга  полицейскайдар Жорницкай уулусса тиэргэнигэр тахсыбыт иирсээҥҥэ буруйдаах эр киһи ким буоларын быһаардылар. Атырдьах ыйын…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр сир хамсааһына бэлиэтэннэ

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһугар  Таборнай диэн  сиргэ сир хамсааһына бэлиэтэннэ. Бу туһунан ЯСИА…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Нюргуна Соколова: “Иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыыбыт”

Өрөспүүбүлүкэҕэ кыра кэмпилиэктээх оскуолалар дьылҕалара хайдаҕый? Учуутал тиийбэт кыһалҕатын хайдах быһаараллар? Оҕолор буруйу оҥорууларын сэрэтиигэ…

5 часов ago