“Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэлээх 17 киһи биир мөлүйүөнү ылыаҕа
Саха сиригэр “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэлээхтэр биир кэмнээх төлөбүрү тутуохтара. Бу төлөбүр 100 тыһыынчаттан биир мөлүйүөҥҥэ диэри улааппытын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев соторутааҕыта буолан ааспыт быһа эпииригэр иһитиннэрбитэ.
СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин чахчытынан, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 100 сааһын туолбут 17 киһи олорор. Кинилэр бары 2025 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри биир мөлүйүөн харчыны ылыахтара. Инникитин 100 саастарын туолан, бочуоттаах бэлиэни ылбыт дьоҥҥо маннык төлөбүр бэриллиэҕэ.
Быйыл “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнигэр туттарылынна.
«Уһун үйэлээхтэргэ ытыктабыл бэлиэтин, чөл олоҕу өйүүр, норуот духуобунай сыаннастарын утумнуур туһуттан “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэ төлөбүрүн уон төгүл улаатыннаран, 2025 сыл саҥатыттан биир мөлүйүөҥҥэ тириэрдэр туһунан быһаарыыны ылынным”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эппитэ.
Кини ону сэргэ кырдьаҕастары социальнай өттүнэн көҕүлүүр хайысхалаах дьаһаллар ортолоругар Дьокуускайга Көхтөөх уһун үйэлэнии өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин аһыллыытын уонна “үрүҥ көмүс саастаах” дьоҥҥо тэрээһиннэри ыытарга муниципальнай улуустар субсидирование көрөр быраактыкаларын ааттаабыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: