“Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэлээх 17 киһи биир мөлүйүөнү ылыаҕа

Share

Саха сиригэр “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэлээхтэр биир кэмнээх төлөбүрү тутуохтара. Бу төлөбүр 100 тыһыынчаттан биир мөлүйүөҥҥэ диэри улааппытын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев соторутааҕыта буолан ааспыт быһа эпииригэр иһитиннэрбитэ.

СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин чахчытынан, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 100 сааһын туолбут 17 киһи олорор. Кинилэр бары 2025 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри биир мөлүйүөн харчыны ылыахтара. Инникитин 100 саастарын туолан,   бочуоттаах бэлиэни ылбыт дьоҥҥо  маннык төлөбүр бэриллиэҕэ.

Быйыл “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэ  Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнигэр туттарылынна.

«Уһун үйэлээхтэргэ ытыктабыл бэлиэтин, чөл олоҕу өйүүр, норуот духуобунай сыаннастарын  утумнуур туһуттан “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэ төлөбүрүн уон төгүл улаатыннаран, 2025 сыл саҥатыттан биир мөлүйүөҥҥэ тириэрдэр туһунан быһаарыыны ылынным”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эппитэ.

Кини ону сэргэ кырдьаҕастары  социальнай өттүнэн көҕүлүүр хайысхалаах дьаһаллар ортолоругар Дьокуускайга Көхтөөх уһун үйэлэнии өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин  аһыллыытын уонна “үрүҥ көмүс саастаах” дьоҥҥо тэрээһиннэри ыытарга муниципальнай улуустар субсидирование көрөр быраактыкаларын ааттаабыта.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

26 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

1 час ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

1 час ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

2 часа ago